Окоемовка оҕолоро «Орлята России» хамсааһыҥҥа киирдилэр

И.В. Пухов аатын сүгэр Окоемовка ситэтэ суох орто оскуолатыгар үөрэнээччилэри “Орлята России” хамсааһыҥҥа киллэрии үөрүүлээх чааһа ыытылынна.

Манна бөһүөлэк 1970–1980-нус сыллардааҕы пионердара кэлэн кыттыыны ылбыттара сонун буолла, тэрээһин ис хоһоонун дириҥэттилэр, суолтатын өйдөттүлэр.

Урукку пионердар кырачааннарга “Орлята России” хамсааһын хаалтыһын уонна значогун ииллилэр, үөрэхтэригэр ситиһиилээх, бэрээдэктээх дьон буола улааталларыгар кэс тылларын эттилэр. Онон көлүөнэ ситимэ быстыбат.

Тэрээһин бу күннэргэ оскуолаҕа  биллиилээх биир дойдулаахтарыгар Николай Окоемовка аналлаах тематическай нэдиэлэҕэ сөп түбэспитэ эмиэ ураты суолталанна.

Нэдиэлэ чэрчитинэн государственнай диэйэтэл, сэбиэскэй-партийнай салайааччы Николай Окоемов төрөөбүт күнүгэр Окоемовскай кылаас чаастара ыытыллыбыттара, кини пааматынньыгар сибэкки уурбуттара. Онон оҕолор сүдү киһи аатын өйдүүллэрин туһугар, кининэн киэн туттуохтаахтарын уонна кини курдук олоҕу таптыырга, норуот туһугар үлэлииргэ кыһаллыахтаахтарын өссө төгүл өйдөөтүлэр.

Мария Аммосова, уопсас. кэрэсп.

Читайте дальше