«Оҕуруо оһуора» куруһуок оҕолорго үгүс сатабылы иҥэрэр

Уус Алданнааҕы оҕолорго аналлаах реабилитационнай кииҥҥэ оҕолорго анаан 12 куруһуок үлэлиир. Кэрэни айан таһаарар «Оҕуруо оһуора» куруһуогу Зоя Сивцева 12-с сылын сатабыллаахтык салайан үлэлэтэр.

Чахчы даҕаны, суоҕу тиһэн таһааран баар оҥорор диэн бу наһаа дьикти көстүү улахан үлэни эрэйэр. Салайааччы тулуурдаах уһуйуутунан, дьулуурдаах такайыытынан, муударай сүбэтинэн оҕолор барахсаттар эгэлгэ өҥнөөх оҕуруоларынан кэрэ бэйэлээх киэргэллэри, оҥоһуктары оҥороллор, айымньылаах үлэлэрин түмүгүттэн олус үөрэллэр, дьоллоноллор. Өссө бэйэлэрин илиилэринэн оҥорон таһаарбыттарын ийэлэригэр уонна кэлбит ыалдьыттарга бэлэхтээн үөрдэллэр-көтүтэллэр.

Уһуйааччылара кинилэри реабилитационнай киин иһинээҕи күрэхтэртэн саҕалаан норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах улахан күрэхтэргэ тиийэ кытыннарар. Ол курдук ааспыт сылга барыта 26 оҕону кытыннарбытыттан 8 оҕо 1-кы миэстэ (норуоттар икки ардыларынааҕы – 7), 14 оҕо 2-с миэстэ (норуоттар икки ардыларынааҕы – 12), 6 оҕо 3-с миэстэ (норуоттар икки ардыларынааҕы – 5) ыланнар уһуйааччыларын уонна төрөппүттэрин дьоллообуттара. Аҕыйах хонуктааҕыта иитиллээччитэ Арина Романова норуоттар икки ардыларынааҕы күрэххэ кыайбытын туһунан сурук кэлэн тэрилтэ үлэһиттэрин барыларын үөртэ.

Зоя Иннокентьевна, чахчы даҕаны, бэйэтэ айар куттаах буолан оҕолорго бу хайысханан элбэх билиини, үгүс үөрүйэҕи, сатабылы иҥэрэн эрдэҕэ. Бу улахан кыайыынан иккиэннэрин истиҥник эҕэрдэлиибит уонна инникитин өссө үрдүк ситиһиилэри, сайдыыны, табыллыыны, этэҥҥэ буолууну баҕарабыт!

Светлана Бурцева, уопсас. кэрэсп.