«Мүрүчээнэ» оҕо саадыгар Олоҥхо күнүгэр аналлаах нэдиэлэ буолан ааста. Нэдиэлэ устата бөлөх аайы араас тэрээһиннэр былааннанан ыытылыннылар. Ол курдук, оҕо өйүгэр тутар, оҥорон көрөр дьоҕура оонньуу нөҥүө сайдар буолан, араас остуол оонньуулара: «Үс дойду» таӊан оӊоруу, «Бухатыырдар сырыылара», “Олоҥхо геройдара” сайыннарыылаах кубиктар, «Сахалыы лото» уо.д.а. ыытылыннылар.
Бу оонньуулар нөҥүө кырачааннар олонхо ис тутулун билистилэр. Маны таһынан сиэри-туому билиһиннэрэр сэһэргэһиилэр, өбүгэлэрбит хамсаныылаах, илии-атах оонньууларын оонньоон сэргэхсийдилэр.
Олоҥхо нэдиэлэтин түмүктээн, аҕа настаабынньыкпыт суруйааччы Галина Иванова – Айтыына улахан уонна бэлэмнэнии бөлөх оҕолорун кытта көрүстэ. Галина Никитична кырачааннары алтан чуораанынан ыраастаата, олоҥхо сүрүн геройдарын хатылатта уонна бэйэтин айбыт «Элэмэс аттаах Эрэли бухатыыр» олоҥхотуттан быһа тардан аахта, билиһиннэрдэ. Олоҥхобут нэдиэлэтэ бөлөх оҕолорун кытта оһуохайынан түмүктэннэ. Бу курдук араас ньыманан кырачааннарга олоҥхо туһунан бастакы өйдөбүлү иҥэрэбит.
Пелагея Парникова, «Алыптаах хонуу» бэлэмнэнии бөлөх иитээччитэ,»Өбүгэ үөрэҕэ» бырайыак кыттыылааҕа.