Хаҥалас улууһуттан төрүттээх эдэркээн Вилена 2010 сыллаахха үөрэҕин бүтэрэн нуучча тылын учууталынан Өспөх нэһилиэгэр үлэлии кэлбитэ. Олохтоох уол Владислав Неустроевтыын доҕордоһон, 2014 сыллаахха олохторун холбообуттара. Эдэр ыал талбыт курдук икки кыыс, икки уол оҕолоохтор. Улахан кыыс Айлина 3-с кылааска үөрэнэр, икки орто оҕолор Дьулус уонна Иза оҕо саадын иитиллээччилэрэ, саамай кыралара Данил тоҕус ыйдаах. Кэргэнниилэр иккиэн Өспөх орто оскуолатыгар үлэлииллэр. Вилена билигин оҕолорун көрөн олорор, аҕалара ихтиолог идэлээх, оскуолаҕа харабылынан үлэлиир.
Чаҕылхай, ыраас күннэргэ Дьааҥы хайаларынан киэркэйэр, Алдан өрүс мааны кытылыгар олорор кэрэ айылҕалаах Өспөх сиригэр эдэр ыаллар сөбүлээн олохсуйаллар. Айылҕаны кытта үгүстүк алтыһан, Неустроевтар оҕолорун дьиҥ тыа сирин сиэригэр-майгытыгар иитэллэр. Билиҥҥи үйэҕэ тыа да сиригэр оҕо хайдах баҕарар сайдан-үүнэн тахсар кыахтаах диэн бигэ санаалахтар.
Салгыы дьиэ кэргэнин олоҕун туһунан Вилена Степановна маннык кэпсиир: «Оскуолаҕа сылын ахсын ыытыллар бастыҥ ыал диэн кубок ылар иһин, элбэх күрэстэргэ кыттан сэргэхсийэбит. Ол курдук быйыл Өймөкөөн улууһугар кэтэхтэн ааҕыыларга үһүс төгүл бүтүн дьиэ кэргэнинэн, эһэбит, эбэбит, кырачаан дьоммут кыттан чыпчаал кыайыылааҕынан ааттаммыппыт. Былырыын ол күрэскэ эмиэ дьиэ кэргэнинэн олоҥхо толорон 1 ст. лауреат буолбуппут. Кыыспыт араас куонкурстарга ситиһиилээхтик кыттар: уруһуйга, хоһоон ааҕыытыгар, олоҥхону толорууга, НПК-ҕа. Дьиэ кэргэммит үгэһэ диэн бары бииргэ күһүн аайы буолар сүүрүү-хаамыы декадатыгар кыттабыт. Кыргыттарбыт 5-6 ыйдарыттан, уолаттарбыт 2-3 ыйдарыттан кэлээскэҕэ үтүллэн кыттыыны ылан, мэтээл кэтэбит. Сайынын үгэс оҥостон, улахан уолбут төрөөбүт күнүгэр – от ыйын 25 күнүгэр сөтүөлүү киирэбит. Оҕолорбутун кытары иллэҥ кэммитин хаачыстыбалаахтык атаарарга кыһаллабыт. Аҕабыт уонна эһэбит волейболунан дьарыктаналлар. Аҕабыт улахан ситиһиитэ – Аммаҕа буолбут оонньууларга 3-с миэстэни ылбыта. Хас биирдии мэтээли, кубогы хаһан, хайдах ылбыттарын оҕолоругар кэпсииллэр, көрдөрөллөр. Оҕолорбут бэйэлэрин кыахтарынан эмиэ дьарыктаналлар. Кыһыҥҥы кэмҥэ сүүрдүннэр-хамнаатыннар диэн сүүрэр дорожка ылбыппыт, турниктаахтар уонна улахаттарбыт телефоҥҥа олорор бириэмэлэрэ хааччахтаах, күҥҥэ биир чаас. Онон бэйэлэрэ интэриэстээх, спортка сыстаҕас, дьоҕурдарын сайыннара улаатыахтара диэн эрэллээхпин. Дьиэ кэргэнинэн төрөөбүт күннэри көтүппэккэ ылар үгэстээхпит. Ордук оҕолорбут бырааһынньыктарын өйгө-санааҕа хаалар курдук бэлиэтиибит, дьоллоох оҕо сааһы билэн улааталларыгар болҕомтобутун уурабыт. Оҕолорбутун эттэрэ-сииннэрэ сайдарын туһугар сибиэһэй салгыҥҥа элбэхтэ хаамтара сатыыбыт. Сайынын куруутун велосипед тэбэллэр. Саамай сөбүлээн сынньанар сирбит Алдан эбэбит буолар. Өрүскэ тымныы түһүөр диэри сылдьабыт. Айылҕаҕа сылдьарбытын туохтааҕар да ордоробут». Хаҥалас улууһуттан төрүттээх эдэркээн Вилена 2010 сыллаахха үөрэҕин бүтэрэн нуучча тылын учууталынан Өспөх нэһилиэгэр үлэлии кэлбитэ. Олохтоох уол Владислав Неустроевтыын доҕордоһон, 2014 сыллаахха олохторун холбообуттара. Эдэр ыал талбыт курдук икки кыыс, икки уол оҕолоохтор. Улахан кыыс Айлина 3-с кылааска үөрэнэр, икки орто оҕолор Дьулус уонна Иза оҕо саадын иитиллээччилэрэ, саамай кыралара Данил тоҕус ыйдаах. Кэргэнниилэр иккиэн Өспөх орто оскуолатыгар үлэлииллэр. Вилена билигин оҕолорун көрөн олорор, аҕалара ихтиолог идэлээх, оскуолаҕа харабылынан үлэлиир.
Чаҕылхай, ыраас күннэргэ Дьааҥы хайаларынан киэркэйэр, Алдан өрүс мааны кытылыгар олорор кэрэ айылҕалаах Өспөх сиригэр эдэр ыаллар сөбүлээн олохсуйаллар. Айылҕаны кытта үгүстүк алтыһан, Неустроевтар оҕолорун дьиҥ тыа сирин сиэригэр-майгытыгар иитэллэр. Билиҥҥи үйэҕэ тыа да сиригэр оҕо хайдах баҕарар сайдан-үүнэн тахсар кыахтаах диэн бигэ санаалахтар.
Салгыы дьиэ кэргэнин олоҕун туһунан Вилена Степановна маннык кэпсиир: «Оскуолаҕа сылын ахсын ыытыллар бастыҥ ыал диэн кубок ылар иһин, элбэх күрэстэргэ кыттан сэргэхсийэбит. Ол курдук быйыл Өймөкөөн улууһугар кэтэхтэн ааҕыыларга үһүс төгүл бүтүн дьиэ кэргэнинэн, эһэбит, эбэбит, кырачаан дьоммут кыттан чыпчаал кыайыылааҕынан ааттаммыппыт. Былырыын ол күрэскэ эмиэ дьиэ кэргэнинэн олоҥхо толорон 1 ст. лауреат буолбуппут. Кыыспыт араас куонкурстарга ситиһиилээхтик кыттар: уруһуйга, хоһоон ааҕыытыгар, олоҥхону толорууга, НПК-ҕа. Дьиэ кэргэммит үгэһэ диэн бары бииргэ күһүн аайы буолар сүүрүү-хаамыы декадатыгар кыттабыт. Кыргыттарбыт 5-6 ыйдарыттан, уолаттарбыт 2-3 ыйдарыттан кэлээскэҕэ үтүллэн кыттыыны ылан, мэтээл кэтэбит. Сайынын үгэс оҥостон, улахан уолбут төрөөбүт күнүгэр – от ыйын 25 күнүгэр сөтүөлүү киирэбит. Оҕолорбутун кытары иллэҥ кэммитин хаачыстыбалаахтык атаарарга кыһаллабыт. Аҕабыт уонна эһэбит волейболунан дьарыктаналлар. Аҕабыт улахан ситиһиитэ – Аммаҕа буолбут оонньууларга 3-с миэстэни ылбыта. Хас биирдии мэтээли, кубогы хаһан, хайдах ылбыттарын оҕолоругар кэпсииллэр, көрдөрөллөр. Оҕолорбут бэйэлэрин кыахтарынан эмиэ дьарыктаналлар. Кыһыҥҥы кэмҥэ сүүрдүннэр-хамнаатыннар диэн сүүрэр дорожка ылбыппыт, турниктаахтар уонна улахаттарбыт телефоҥҥа олорор бириэмэлэрэ хааччахтаах, күҥҥэ биир чаас. Онон бэйэлэрэ интэриэстээх, спортка сыстаҕас, дьоҕурдарын сайыннара улаатыахтара диэн эрэллээхпин. Дьиэ кэргэнинэн төрөөбүт күннэри көтүппэккэ ылар үгэстээхпит. Ордук оҕолорбут бырааһынньыктарын өйгө-санааҕа хаалар курдук бэлиэтиибит, дьоллоох оҕо сааһы билэн улааталларыгар болҕомтобутун уурабыт. Оҕолорбутун эттэрэ-сииннэрэ сайдарын туһугар сибиэһэй салгыҥҥа элбэхтэ хаамтара сатыыбыт. Сайынын куруутун велосипед тэбэллэр. Саамай сөбүлээн сынньанар сирбит Алдан эбэбит буолар. Өрүскэ тымныы түһүөр диэри сылдьабыт. Айылҕаҕа сылдьарбытын туохтааҕар да ордоробут».