Оҕо сааспыт умнуллубат сыллара сүрэххэ күндүлэр

Оскуолаҕа үөрэммит сылларбытын хаһан да умнубаппыт. Көрсө түстэрбит эрэ олус күндүтүк санаһан-ахтыһан ылабыт. Биэс уон сыл анараа өттүгэр Мүрү аҕыс кылаастаах оскуолатыгар маҥнайгы боруогу атыллаан, бастакы кылааска үөрэнэ киирбиппит. Мин оскуолаҕа үөрэнэ барарбар учуутал эдьиийим олус кыһанан бэлэмнээбитэ. Кини миигин ааҕарга, уону иһинэн суоттуурга үөрэппитэ. Онон аан маҥнай аахпыт кинигэм «Уоттаах чыычаах», суруйааччытын умнубуппун, ол гынан баран Таайа кыысчаан отонноон баран, хараҥа тыаҕа муммутугар хантан эрэ биллибэт сиртэн көтөн кэлбит уоттаах чыычаах кыысчааны сирдээн дьиэтин булларар. Оҕо саас аптаах ыра санаалара, нарын түүл буолан, хас биирдиибитигэр арыт ыалдьыттаан ааһар.

1974 сыл күһүн балаҕан ыйын 1 күнүгэр олус үөрүүлээх күн диэн өйдүүбүн. Оскуолаҕа миигин аҕам илдьибитэ. Баттахпын аҕам наһаа кытаанахтык өрөн баран маҥан лиэнтэнэн үөһээнэн бантиктаабыта уонна сиэттиспитинэн оскуолаҕа барбыппыт. Көрдөхпүнэ, кыргыттар бары мин курдук маҥан бантиктаах, былаачыйалаах маҥан фартуктаах, маҥан колготкалаах, сырдык түүппүлэлээх этилэр. Төрөппүттэр уонна үөрэнээччилэр Мүрү аҕыс кылаастаах начаалынай оскуола иннигэр мустубуппут.

Маҥнайгы «б» кылаас буоллубут, учууталбыт Мария Дмитриевна Окоемова бэрт эйэҕэстик көрсүбүтэ. Төрөппүттэрбит эмиэ кылааска киирбиттэрэ. Учууталбыт хас биирдии оҕону кытары  билсибитэ. Долгуйан кыайан саҥарбат оҕоҕо төрөппүтэ көмөлөһөн билиһиннэрбитэ. Мин аҕам үлэтигэр ыксыыр буолан, миигин илдьээт да түргэнник барбыта. Мин ааппын, араспаанньабын бэйэм билиһиннэрбитим. Кылааспытыгар оскуолаҕа киириэх иннинэ «Ньургуһун» уһуйааныгар бииргэ оонньообут, дьарыктаммыт оҕолорум баар этилэр. Ол саҕана оҕо уһуйаана бэрт аҕыйах этэ: илин «Сарыал», «Ньургуһун», онтон арҕааларга «Мичил», «Кэскил» үлэлииллэрэ.

Кылааспытыгар бары олус эйэлээх этибит. Күһүнүн, сааскы сылаас күннэргэ перемена буоллар эрэ, таһырдьа оонньуу ойорбут. Сорох кыргыттарбыт дьиэлэриттэн скакалкалаах кэлэллэрэ, сорохтор «кылаастаан» ыстаҥалаһарбыт. Уолаттарбыт эмиэ бэрт сүүрүүлээх-эккирэтиһиилээх оонньуулары оонньууллара. Онтон учуутал чуораана тыаһаатар эрэ үөрэхпитигэр буоларбыт. Итинник бэрт сэмэйдик октябренок буолбуппут, онтон пионерга киирэн речевка, ырыа бөҕөтүн үөрэппиппит. Кылааһынан похуоттар, араас күрэхтэһиилэр оскуолабытыгар куруутун ыытыллаллара. Ол саҕанааҕы сэбиэскэй үөрэнээччи олус сэмэй, бары быраабыланы, нууччалыы эттэххэ, «правила октябрят» кытаанахтык тутуһуннараллара. Сорох тэтэрээттэрбит тас өттүнээҕитигэр, бүтэһик өттүгэр ол саҕанааҕы пионердар ырыаларын бэчээттиир этилэр: «Взвейтесь кострами синие ночи», «Орленок», «Гимн СССР». Олус чиэһинэй, мэлдьи үөрэхпитигэр ситиһиилээхтик үөрэнэрбитигэр маҥнайгы учууталбыт кыһамньылаахтык олук уурбута.

Мария Дмитриевна таҥнарбытыгар көмөлөһөрө, кыһынын соммутун да сорохтор кыайбат  этибит. Кылааспытыгар ахсаан уруогар Кеша Кузьмин, Вася Мырсанов, Надя Васильева, Света Готовцева түргэнник, табатык суоттууллара, Рита Бурнашева, Света Готовцева, Сережа Бурнашев, Саргы Горохова, мин буоламмыт түргэнник ааҕар этибит. Онтон Сеня Сивцевпыт уруокка кыбыстыбакка эрэ доргуччу чуолкайдык эппиэттиирэ. Люда Мырсанова оонньуур күрэхтэһиигэ түргэнник сүүрэн инники буолара. Онтон Лена Руфова, Занда Москвитина олус кыраһыабайдык уруһуйдууллара. Ырыа уруогар Степа Парников, Миша Местников олус үчүгэйдик ыллыыллара. Аликпыт чугас дьиэлээх буолан, уһун переменаҕа дьиэтигэр баран кэлэрэ. Лиза Самсонова бэрт нарыннык үҥкүүлүүрэ. Лена Руфовабыт  дуобаттаатахпытына өрүү инники буолара. Переменаҕа кылаастаан ыстаҥалаһарбыт, Рита Турантаева оонньууга олус чуолкай этэ.  Учууталбыт Мария Дмитриевна сайынын соҕуруу сынньанан кэллэҕинэ, биһиэхэ күһүн барыбытыгар кэһиилээх буолара, түөскэ анньынар значоктары бэлэхтиирэ. Учууталбыт Мария Дмитриевна Окоемова биһигини маҥнайгы кылаастан төрдүс кылааска диэри кыһамньылаахтык үөрэппитин мэлдьитин махтанан түмсэ түстэрбит эрэ ахтан-санаһан ылабыт. Кылааспытыгар бары эйэлээхтик, ситиһиилээхтик итинник начаалынай кылааспытын бүтэрбиппит.

Сыл – хонук. Билигин бары ыал ийэлэрэ, аҕалара, эбэлэрэ, эһэлэрэ буолан олорон, оҕо сааспыт кэрэ кэмнэрин, маҥнайгы учууталбытын Мария Дмитриевна Окоемованы хаһан да умнубаппыт.

Күндүтүк саныыр учууталбытын Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгунун Мария Дмитриевна Окоемованы  83 сааһын томточчу туолбутунан итиитик-истинник эҕэрдэлиибит. Кытаанах доруобуйаны, уһун олоҕу баҕарабыт, үөрэппит оҕолорун, төрөппүттэрин убаастабылынан мэлдьи кынаттанан этэҥҥэ сырыт.

Лена Стрекаловская. Дьокуускай