Оҕо сааһы оҕуурдаан тутаммыт

Биһиэхэ, сэбиэскэй кэмҥэ олорон, үлэлээн кэлбит дьоҥҥо, оҕо сааспыт бэлиэтэ – пионерия күндү, умнуллубат өйдөбүл. Билигин да өйбүтүгэр-сүрэхпитигэр сылдьаллар оччотооҕу эдэркээн баһаатайдарбыт, пионерскай сбордар, костер тула ырыалар, кырдьаҕастарга көмө үлэлэр…

Сыырдаах орто оскуолатыгар урукку сылларга пионерскай үлэни үрдүк таһымҥа таһааран, улууска, республикаҕа ааттарын ааттаппыт пионербаһаатайдар үлэлээбиттэрэ: СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, Уус Дьааҥы, Уус Алдан улуустарын бочуоттаах олохтооҕо Светлана Дмитриевна Солдатова көлүөнэ ыччаты чахчы пионерияҕа бэриниилээх буоларга ииппит-үөрэппит киһибит, ону тэҥэ араас сылларга Клара Спиридоновна Садовникова, Лариса Степановна Кононова, Евдокия Тимофеевна Бурцева, Римма Николаевна Дьяконова, о.д.а.

И.С. Портнягин аатынан Сыырдаах орто оскуолатыгар Саха сиригэр пионерскай хамсааһын саҕаламмыта, төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах бэрт сэргэх тэрээһин үрдүк таһымҥа буолан ааста. Араас сыллааҕы пионер ыалдьыттары эдэркээн учууталлар үөрэ-көтө көрсөн, өйдөбүнньүк бэлиэлэри  туттардылар, саҥа таас оскуола устун күүлэйдэттилэр. Онтон тэрээһин саҕаланан, урукку үгэс курдук, Павлик Морозов аатынан уҥа флангаҕа турар пионерскай дружина сборугар 60-с сыллартан саҕалаан, түөстэригэр кыһыл хаалтыстаах, төбөлөрүгэр пилоткалаах пионердар мустан көхтөөхтүк стройунан хаамсан киирбиттэрэ киһини барытын долгутта. Уруккулуу речевкалаах, девизтээх, ырыалаах алта этэрээт оскуола үөрэнээччилэрин барабаанньыттарын бөлөҕүн тыаһынан эрчимнээхтик хаамсан үөрүүлээх линейкаҕа турдулар. Дружина знамятын пионер эрдэхтэриттэн  көхтөөх оҕолор Александр Хорунов, Марфа Бурнашева, Мария Петрова чиэстээхтик өрө көтөҕөн киллэрдилэр. Этэрээт хамандыырдара рапорт биэрэн ньиргиттилэр. Үөрүүлээх линейканы “Движение первых” тэрилтэ актыбыыстарын эҕэрдэтэ киэргэттэ. Быйыл оскуола боруогун атыллаабыт үөрэнээччилэргэ тэрилтэ хаалтыстарын баайдылар, бэлэх туттардылар. IV  кылаас үөрэнээччилэрэ “Пионерия маршын” сэргэхтик саҕалааннар, мустубут дьон бука бары ыллаан дуораттылар.

Линейка кэнниттэн этэрээттэр пионердара – кэлбит ыалдьыттар “Оҕо сааһы оҕуурдаан тутаммыт” диэн кылаас чаастарыгар тарҕаһан пионерскай атрибутикаларынан, символикаларынан киэргэммит кылаастарга киирэн оҕолорго пионер кэмнээҕи саастарын туһунан кэпсээтилэр, кэс тылларын тиэртилэр. Кылаастартан бииртэн-биир үөрбүт, астыммыт сирэйдээх бэтэрээн пионердар “Утум” коллекционердар түмсүүлэриттэн бэтэрээн учуутал Галина Егоровна Олесова сэбиэскэй кэм үөрэнээччитэ туттубут тэриллэрин, үөрэммит кинигэлэрин, оччотооҕу хаһыаттар быыстапкаларын көрөн, оҕо саастарын умнуллубат түгэннэрин долгуйа санастылар. Оскуола музейыгар экскурсиялаан, хас биирдии кэлбит ыалдьыт, оскуола выпускниктара, билэр, алтыспыт дьоннорун көрөн астынан таҕыстылар. Минньигэс астаах, итии чэйдээх остолобуойга тото-хана эбиэттээн баран, спорт саалатыгар пионербол оонньууга муһуннулар. Бэрт ыһыылаах-хаһыылаах, сытыы киирсиилээх оонньуулар мустубут дьону сэргэхситтилэр. Кыайбыт хамаандалар нэһилиэк администрацията туруорбут мэтээллэринэн, оскуола бэлэмнээбит вымпелларынан, грамоталарынан наҕараадаланан астыннылар. Оонньуу кэмигэр актовай саалаҕа урукку пионерскай лааҕыр туһунан киинэ көрүүтэ буолла. Түмүккэ хаалбыт дьоҥҥо иитэр үлэҕэ директоры солбуйааччы Ньургуйаана Семеновна Хорунова пионерияҕа анаан ыытар инники былааннарын билиһиннэрдэ. Бэтэрээн пионердар ыам ыйын 19 күнүгэр альбом-рапорт оҥорон туттарарга, общественнай үлэҕэ көхтөөх бастыҥ үөрэнээччигэ стипендия олохтуурга эбэһээтэлистибэ ылыннылар.

Тэрээһин кэмигэр араас көлүөнэ пионердары кытта сэһэргэстибит. Пионер буолбут сылларын төһө күндүтүк саныылларын, ордук чуолаан, туох тэрээһиннэри өйдөөн хаалбыттарын, туох санаалаахтарын, урукку оҕо билиҥҥи ыччаттан уратыларын ыйыталастыбыт. Клара Спиридоновна Садовникова, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, “Сонор” интеллектуальнай оонньууга норуоттар икки ардыларынааҕы арбитр, тренер, Бэрт Ууһун нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо: “Мин иккис кылааска үөрэнэ сылдьан пионер кэккэтигэр киирбитим. Павлик Морозов аатынан пионерскай дружина пионердарын ортотугар ордук тимуровскай үлэ күүскэ ыытыллара, фермаҕа ыанньыксыттарга уонна ньирэй көрөөччүлэргэ көмөлөһөрбүт. Ол курдук киэн туттар биир дойдулаахпыт Е.И. Бурцева  Социалистическай үлэ Геройа буоларыгар пионердар хотоҥҥо киирэн ньирэй аһата сырыттахпытына, “Кыым” хаһыат корреспондена кэлэн хаартыскаҕа түһэрбитэ. Оскуолабын бүтэрэн баран, 1965 сыллаахха старшай пионербаһаатайынан ананан үлэлээбитим. Бу кэмҥэ дружина советын председателинэн Коля Петров (Николай Дмитрьевич билигин республикаҕа биллэр невропатолог быраас, СӨ уонна Дьокуускай куорат доруобуйаҕа харыстабылын туйгуна) этэ. Оччотооҕу пионердар Аҕа дойду Улуу сэрииитин ветераннарын кытта көрсүһэллэрэ, кинилэргэ көмөлөһөн тимуровскай үлэни оҥороллоро. Ветераннартан уонна тыылга үлэлээбит дьонтон ахтыы хомуйбуппут. Ити кэмҥэ пионердар КИД (интернациональнай доҕордоһуу кулууба) үлэтигэр көхтөөхтүк кытталлара, араас республика пионердарын кытта суругунан доҕордоһоллоро. Өссө ирдиир-чинчийэр үлэни ыытарбыт. Советскай Союз Геройа В.Д. Лонгинов быраатын буламмыт суруйсубуппут. Ол суруктарбыт хойукка диэри оскуолаҕа бааллара. Өссө пионердар спорка олус көхтөөхтөрө, элбэх көрэхтэһии буолара. Бу үлэҕэ барытыгар бастыҥ этэрээтинэн Варвара Васильевна Местникова салайар кылааһа этэ. Бу этэрээт оскуолаҕа бастаан, саас куоракка киирэн күүлэйдээн, музейдарга сылдьан кэлбиттэрэ. Онон мин үөрэммит оскуолабар пионербаһаатай быһыытынан педагогическай үлэбин саҕалааммын, үөрэҕирии салаатыгар барыта 53 сыл ситиһиилээхтик үлэлээн кэллим”.

1977 сыллаахха үөрэҕин саҥа бүтэрэн үлэлии кэлбит, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, СӨ үөрэҕин туйгуна, РФ иитиигэ уонна үөрэхтээһиҥҥэ бочуоттаах үлэһитэ Евдокия Федоровна Олесова урукку оҕолор пионерия тэрээһиннэригэр, уопсай үлэҕэ сүрдээх интэриэстээхтик, эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһалларын, бэйэ-бэйэлэрин көрсөн, күүстээх мөлтөххө көмөлөһөн, куруук инники күөҥҥэ сылдьалларын бэлиэтээтэ.

Мария Дмитрьевна Кириллова, СӨ доруобуйаҕа харыстабылын туйгуна: “Биһиги 1973 сыллаахха В.И. Ленин төрөөбүт күнүгэр пионерга киирбиппит. Этэрээппит Сима Сергеев аатын сүгэр этэ. Кылааспыт оҕолоро дружина советын активистара буолбуттара. Ол курдук Шура Данилова дружина советын председателэ, Гоша Попов знаменосец уонна барабанщик, Маша Петрова Люда Ширяевалыын знаменосец ассистеннара, Павлик Иванов горнист, Маша Петрова, Валя Стручкова, Марианна Колодезникова кыра кылаастарга баһаатайдыыллара. Шура Данилова, Мила Колодезникова, Маша Петрова, Наташа Бурнашева, Валя Стручкова, Люда, Паша Ширяевалар оскуола, нэһилиэк тэрээһиннэригэр эҕэрдэлиир бөлөххө хоһоон ааҕаллара. Шура Данилова үчүгэй үөрэҕин уонна активнай үлэтин иһин бүтүн Союзтааҕы “Орленок” лааҕырга сынньанар путевканан наҕараадаламмыта. Сэттис кылааска оҕолорбут “Зарница” байыаннай-спортивнай оонньууга оройуоҥҥа бастаабыттара. Онтон оройуоммут чиэһин республикаҕа чиэстээхтик көмүскээн, төрдүс миэстэ буолбуттара. Күрэхтэһии бастыҥ хамандыыра Юра Румянцев Бүтүн Союзтааҕы “Артек” пионерскай лааҕырга сынньанар путевканан наҕараадаламмыта. Пионер сааспытын куруук долгуйа ахтабыт”.

 

80-с сылларга Сыырдаахха үөрэммит Александр Витальевич Хоруновы кытта кэпсэттибит. Үөрэнээччибит дьоһун киһи – Саха сирин авиациятын бочуоттаах үлэһитэ, Социалистическай Үлэ Геройа В.И. Кузьмин аатынан бириэмийэ лауреата, Бэрт Ууһун нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Саха сирин авиацията сайдарыгар сүҥкэн кылааты киллэрсибит, Уһук Илин  Федеральнай уокурук государственнай авиацияҕа Саха  сиринээҕи салаатын отделын начальнигынан үлэлии олорор. Баһаатайбын Евдокия Тимофеевнаны умнубаппын. Кини биһигини тэрийэн, араас үлэни ыытар этэ. Умнуллубат түгэннэрбинэн “Зарница” оонньуулар, костер уота, горн, барабаан тыаһа диэн сэһэргээтэ. Урукку оҕолор уопсай дьыала туһугар дьоммутуттан да мөҕүллэрбитин умнан туран сүүрэр этибит, билигин үгүс оҕо бэйэтин интэриэһигэр ордук охтор курдук  диэн санаатын үллэһиннэ.

Кылаас чаастарыгар сылдьыбыт X кылаас үөрэнээччитэ Айгыына Аммосова бу тэрээһинтэн туох саҥаны билбитин, төһө туһалаах тэрээһиҥҥэ сылдьыбытын туһунан санаа үллэстиигэ: “Кылаас чааһыгар биһиэхэ Сыырдаах историятыттан, ким бастаан төрүттээбититтэн саҕалаан, оччотооҕу пионердар тугу үлэлээбиттэрин, хайдах үөрэммиттэрин, чахчы да пионерскай дьыалаҕа бэриниилээхтэрин, ханнык да үлэттэн туора турбаттарын, куруук инники күөҥҥэ сылдьыбыттарын сэһэргээтилэр. Туох баар үлэ түмсүүлээх, эйэлээх буоллахха эрэ кыайыылаах буоларын, пионерия сыллара оччотооҕу оҕолорго билигин да ыраас, истиҥ өйдөбүл буоларын өйдөөтүбүт уонна аҕам саастаах дьон оччоттон баччаҕа диэри бэйэ- бэйэлэригэр харыстабыллаахтык сыһыаннаһалларын, хайа да түгэҥҥэ көмөҕө кэлэр болҕомтолоохторун бэлиэтээтибит”, – диэн кэпсээтэ, махталын тириэртэ.

Маннык тэрээһиннэр араас көлүөнэ дьоно көрсөн, оҕо саастарын бииргэ атаарбыт сылларын  истиҥник санаһан ааһалларыгар наадалаахтар дии саныыбыт. Өрөспүүбүлүкэ, улуус араас нэһилиэктэриттэн кэлбит саастаах дьон сэргэхсийбит дьүһүннэрин, үөрбүт-көппүт көрүҥнэрин көрөн, киһи эрэ долгуйар. Кинилэр бары дьоһун дьон, үтүө үлэһит буолан тахсыыларыгар пионерскай тэрилтэ үтүө сабыдыалын махтана ахталлар. Араас көлүөнэ пионердар аны саас ыам ыйын 19 күнүгэр пионерскай костерга көрсөр бигэ санаалаах тарҕастылар.

Альбина Неустроева, 1970 сыллардааҕы пионербаһаатай, Уус Алдан пионербаһаатайдарын Ассоциациятын бочуоттаах баһаатайа, педүлэ бэтэрээнэ, Наталья Бурцева, 1970 сыллардааҕы пионер, В.В. Алексеев аатынан Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларын учуутала.