Сэтинньи 1 күнүгэр улуустааҕы Оҕо библиотекатыгар Байанай ыйыгар аналлаах тэрээһин буолла. Баай Байанай ыйын туһунан уопсай иһитиннэриини библиотекарь Надежда Гоголева кэпсээтэ. Бу ый сахалар биир саамай ытыктыыр, сүгүрүйэр ыйбыт буолар эбит. Бу ыйга булт-ас элбиир, идэһэ өлөр.
Мүрүтээҕи эдэр натуралистар станцияларын педагога Валерий Бурцев сиэр-туом туһунан кэпсээтэ, алтан чуораан тыаһынан кэлбит оҕолору алҕаата. Былыргы булт тэриллэрин аҕалан көрдөрдө. Оҕолор олус интэриэһиргээн иһиттилэр, викторина ыйытыыларыгар көхтөөхтүк хоруйдаатылар, араас оонньууларга үөрэ-көтө оонньоотулар.
Биһиги элбэх ыйытыыга хоруйдаабыт оҕону кытта көрсөн кэпсэттибит.
– Эн аатыҥ-суолуҥ кимий? Хайа оскуолаттан сылдьаҕыный?
– Николаев Мичилбин, “Уолан” гимназия үөрэнээччитэбин.
– Валерий Николаевич кэпсээниттэн эн тугу өйдөөн хааллын?
– Бултуу барарга кэнсиэрбэ балыгы, ыһаарыламмыт балыгы илдьэ барбаттар. Байанай хомойуон сөп. Мин Валерий Николаевич аҕалбыт быыстапкатын интэриэһиргээн көрдүм. Манна былыргы булт тэриллэрэ, ынах тириититтэн оҥоһуллубут былыргы этэрбэс, онтон да атын интэриэһинэй бааллар эбит. Мин чааркаан диэн тэрили ордук сэргээтим. Бу үөт талахтан оҥоһуллубут, сылгы сиэлинэн, ынах тириититтэн оҥоһуллубут быалаах кыра түүлээҕи, кииһи, куртуйаҕы бултуурга аналлаах тэрил эбит.
Бу курдук Байанай ыйа тэрээһинтэн элбэҕи биллибит-көрдүбүт.
Василиса Васильева, “Өркөн” оҕону эбии үөрэхтээһин киинин пресс-киинин иитиллээччитэ