Сүрэххэ үөрүүнү саҕар, эрэлгэ кынаттыыр, хараҕы манньытар кэрэттэн кэрэ ньургуһуну хоһуйбут, туойбут «Уһуктуу» литэрэтииринэй түмсүү (сал. Галина Аммосова) чилиэннэрин айымньыларын билсэргитигэр.

Чээн, үөрэ да көрөбүн

Уйаны Бүөтүр

Чаҕыл-күлүм күн көрдө,
Чаҕылыйа дьэ тыкта.
Чап-чараастык мичээрдэ,
Чээл күөх сааһын эргиттэ.
Чэмэлкэйдиир күннэрбэр
Чэччийээхтии хаамарбар,
Сэтиэнэхтиир отторгун
Силэйтэлээн быгаҥҥын,
Чочуонайкаан сэгэрим,
Чэрэҥэлиир чэчигим,
Чуочакайкаан ньургуһун,
Чэлгийээхтии тыллаҥҥын,
Чэмэлиҥнии тураргын
Чээн, үөрэ да көрөбүн.

Ньургуһун уонна таптал

Мария Иванова-Күбэйэ

Күөх сирэм күндү бэлэҕэ,
Сир ньуурун тыыннаах бэлиэтэ,
Уол кыыска тапталын кэриэтэ
Нап-нарын ньургуһун тылынна.

Күн диэки дьулуһа тардыһан
Ньургуһун нуоҕайа тыллыыта
Муҥура биллибэт истиҥ,
Ыраас тапталы эрэннэрдэ.

Ситэн-тупсан киэркэйбит
Күн сибэкки көстүүтэ
Икки сүрэх өрүүтүн
Бииргэ тэбиитин түстээтэ.

Ньургуһун хоҥкуйан барыыта
Курус санааны күөдьүттэ,
Хомолто, хоргутуу – барыта
Олоххо баарын санатта.

Нарын-намчы ньургуһун
Хантан күүһү ыларый?
Таптал тыыннаах иэйиитэ
Сүрэх аайы тиийбэтий?

Ньургуһун кэрэтин сүтэрбэт,
Тымныыттан, тыалтан толлубат.
Уһун олох устатыгар
Таптал уота уостубат.

Саас аайы нап-нарын ньургуһун
Алааһы, кырдалы симээтин!
Үйэ саас тухары тапталбыт
Сири дьолунан киэргэттин!

НьургуҺуннар

Сардаана Сыроватская

Ньургуһуннар, ньургуһуннар –

Сир ньуурун кэрэ киэргэллэрэ.
Ирбэт тоҥтон толлубакка,
Тыллаллар эбээт кырдалга.

Тыйыс тымныылаах дойдубут
Маанылаах сибэккилэрэ
Кун чаҕыл уотун ыймахтаан
Сырдык сулустуу кыыһаллар.

Чөмөх-чөмөх мунньустаннар
Дьүөгэ кыргыттардыы куустуһан
Кэккэлэһэ үүммүттэрин
Көрүөхтэн эрэ кэрэтин.

Күөх саас кэлбит бэлиэлэрэ
Дыргыл сыттаах ньургуһуннар,
Ньургуһуннар, ньургуһуннар –
Сир ньуурун кэрэ киэргэллэрэ.

ДьолуКуус

Тыллыый сибэкким тырымнаан,
Тыытыллыбат тыыннаах симэҕим,
Тыйыс дойдум сирин силэйэн
Тыллыый, сааспыт сайаҕас бэлэҕэ.

Сааскы ылааҥы сарсыарда
Салгын куппун күн саймаардан,
Сыһыы кэтэҕэр тахсаммын
Харалдьыкка олорон сынньаныам.

Көрдүөҕүм хараҕым далынан
Күҥҥэ уунар сэбирдэхтэргин,
Күүс ылан күүрэр дабыдаллыы,
Дабайан тахсыахча тыылларгын.

Ситэ барбыт кыыс оҕо
Сиэдэрэй сылаас мөссүөнүнүү,
Сибэкким миэнэ, эн тоҕо
Дьүһүнүҥ дууһабын күөттүүрүй?

Көрөбүн, эн мичээриҥ саататар –
Үрүччэ тыаһыгар аттаран
Санаабар, олорор аттыбар
Мааны кыыс, айылҕа далбара.

Кэпсиирдии кэрэмэс кистэлин
Кулгаахпар тойугу сипсиирдэр,
Анаабыт миэхэ кэс тыла,
Сүрэхпэр сөҥөрдүү иһиллэр.

Тыллыый сибэкким, тапталым,
Тыллыый тыыннаах таҥарам,
Сааскы айылҕалыын алтыһан
Аламаҕай ырыаҕын ыллаһыам.

Ыраах бурят сиригэр

(И-ҕа)

Ольга Павлова

Ыраах бурят сиригэр
Сааһын ахсын долгуйа
Саха кыыһа түһүүрэ
Харалдьыкка хаамарын.

Үүммэт онно ньургуһун
Сайаан хайа тэллэҕэр,
Кини хаалта алааска
Эдэр Баалын кэтэһэ.

Бүппэт түбүк быыһыттан
Соло булан ылбакка
Тиийбэтэҕэ алааска
Ньургуһун кыыска Баала.

Үгүс сыллар кэнниттэн
Хоһоон айан ыыппыта
Бүгүн аатын ааттата
Ырыа буолан ылланар.

Онтон бурят сиригэр
Сааһын ахсын долгуйа
Саха кыыһа, билэбин,
Ньургуһунун түһүүрүн…

Хоһооннору уопсас. кэрэсп. Елена Сыроватская түмэн бэлэмнээтэ

Сүрүн хаартыска: Раиса Мигалкина