Норуот маастара Людмила Жиркова иистэнньэҥнэри кытары көрүстэ

Биир дойдулаахпыт, СӨ норуотун маастара Людмила Петровна Жиркова салайар “Үктэл” (Ступени) айар түмсүүтэ Уус Алдан улууһун тарбаҕар талааннаах маастардарын кытта көрүстэ.

Людмила Петровна  Дьокуускай куорат иистэнньэҥнэрин иис кистэлэҥнэригэр уһуйан, элбэх көрүү-күрэхтэргэ кытыннаран, дьон-сэргэ сэҥээритин ылаллар. “Үктэл” (Ступени) айар түмсүү ХХI, ХХII «Этно-Эрато»  Евразийскай конкурс кыайыылаахтара, бу соторутааҕыта Казахстаҥҥа ыытыллыбыт V Аан дойдутааҕы «CREATIVE WORLD» конкурска 1 миэстэни ылан, кыайыы көтөллөөх кэлбиттэрэ.

Саха сирин картатын быысапканан оҥорбут үлэтин, Далбар Хотуттар сахалыы таҥастарын сөҕө-махтайа көрдүбүт, иис кистэлэҥнэрин, дьүһүн дьүөрэлэһиитин эт илиибитинэн тутан-хабан, харахпытынан көрөн хайҕаатыбыт.

Людмила Петровна Жиркова Саха сирин норуотун уус-уран оҥоһуктарын сайыннарыыга тус кылаатын киллэрбитин бэлиэтээн, Уус Алдан култуураҕа управлениетын аатыттан “Уус Алдан улууһун култууратын сайдыытыгар иһин” анал бэлиэ дохсун ытыс тыаһынан туттарылынна.

“Үктэл” түмсүүгэ 60-ча киһи дьарыктанар, ол иһигэр 2 СӨ норуотун маастара, 5 СӨ уус уран оҥоһуктарын маастара ааттаах Далбар Хотуттар бааллар. Кинилэр оҕуруону тиһиинэн, кырадаһынтан паннолары, көбүөрдэри, халадаай, бууктаах сон,  аныгы көрүҥнээх сэлиэччиктэри, киэргэллэри, ат симэҕин тигиинэн, иис араас ньымаларынан дьарыктаналлар.

Елизавета Данилова, «Олоҥхо Дьиэтэ» этнокультурнай киин уус-уран салайааччыта