РСФСР уонна САССР үтүөлээх учуутала Ия Петровна Рыбкина төрөөбүтэ 95 сыла
Мүрү орто оскуолатын үлэтэ-хамнаһа сүрдээх киэҥ историялаах, элбэх көлүөнэни иитэн-үөрэтэн таһаарбыт өрөспүүбүлүкэҕэ биир тарбахха баттанар үөрэх кыһата диэтэххэ, киһи улаханнык сыыстарбата буолуо. Ол курдук Бороҕон улууһугар Томторго аан бастаан 1872 сыллаахха Саха сирин уобалаһын губернатора В.П. де Витте ыйааҕынан 13 үөрэнээччилээх народнай училище саха балаҕаныгар үлэтин саҕалаабытын билэбит. Бу сыллар тухары ыраахтааҕылаах Арассыыйаттан саҕалаан, Сэбиэскэй былаас кэмнэригэр уопсай үөрэхтээһин араас кэрдиис кэмнэрин ааспытын олохпут кэрчиктэрэ туоһулууллар. Бүгүн, РСФСР, Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учууталын, Үлэ Кыһыл Знамятын орденын кавалерын, учууталлар Учууталларын Ия Петровна Рыбкина туһунан сырдатыахпыт.
Кини бэйэтин биографиятыгар суруйарынан, Сунтаар оройуонугар Петр Елиферьевич Рыбкин уонна Мария Ильинична Охлопкова дьиэ кэргэннэригэр 1928 сыллаахха күн сирин көрбүт. Аҕалара Петр Елиферьевич бэйэтин кэмигэр атыы-тутуу эйгэтигэр сыһыаннаах буолан, чааһынай маҕаһыыннаах эбит. Биһиги билэрбит курдук ааспыт үйэ 1920 сылларга НЭП политиката ыытыллан, чааһынай атыы-эргиэн көҥүллэммит кэмэ этэ. Онтон 1930-с сыллартан кулаактааһын ыытыллан аҕаларын сыылкаҕа ыыппыттара. Ийэлэрэ барахсан икки оҕотун кытта соҕотох хаалан баран, Дьокуускайынан уонна Ньурбанан олоро сылдьан баран, аҕалара сыылкатын болдьоҕо бүппүтүн кэннэ Уус Алдан Бороҕонугар кэлэн олохсуйбуттар. Аҕалара Петр Елиферьевич «Якутзолотранс» диэн тэрилтэҕэ сэбиэдиссэйинэн үтүө-суобастаахтык үлэлээн, дьон ытыктабылын ылбыта.
Ол курдук тэрилтэ Ааллаах Үүҥҥэ көмүс хостуур бириискэлэргэ таһаҕас таһыытыгар дьону наймылаһан үлэлэтэр этэ. Оччотооҕуга оройуон хас биирдии холкуоһугар нэрээт түһэн, кыһыҥҥы суол турдаҕына айаҥҥа туруналлар этэ. Ордук Аҕа дойду сэриитин аас-туор кэмигэр Мүрү алааһыгар тулалыы сытар холкуостарга идэһэ кэмигэр ас-үөл бэрсэн, элбэх холкуостаах үрүҥ тыынын өллөйдөөбүт эбит. Кэнники олох тупсубутун кэннэ «Кыһыл маяк», «Хатыҥ Сыһыы», “Нэлим”, “Куотука” холкуостаахтара махтаналлар эбит. Ньурбаттан кэлэллэригэр Ия кыыс бэһис кылааһы бүтэрэн кэлэн, салгыы Мүрү оскуолатыгар үөрэммит.
Бу оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, оччотооҕуга кинини үөрэппит учууталлары, чуолаан география уруогун биэрбит Федот Егорович Винокуровы, нуучча тылын учууталын Иван Григорьевич Трифоновы истиҥ иһирэх тылларынан ахтар эбит, ол быыһыгар мөлтөхтүк үөрэтэр учууталларга түбэспитин, бэйэлэрин үөрэтэр биридимиэттэрин билбэттэрин бэлиэтээбитэ баар. Онон оччолорго даҕаны учуутал буоларга санаммыт киһи, бэйэтин биридимиэтин дириҥник билиэхтээҕин, оччолорго дириҥник өйдөөбүтэ киһини сөхтөрөр.
Оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар нууччалыы, сахалыы тахсар уус-уран айымньылары, поэмалары ааҕарын сөбүлүүр буолбут. Бу кэмтэн ыла нуучча норуотун литэрэтиирэтигэр сыстан барбытым диэн бэлиэтиир эбит.
Ол курдук кини 1946 сыллаахха Мүрү орто оскуолатын бүтэрэн баран, бүтүн кылааһынан государственнай экзамены Дьокуускай куоракка баран туттарбыттар, сорох оҕолор экзамеҥҥа кыайан киирбэккэлэр, үөрэхтэн маппыттар, киирии экзаменнарын этэҥҥэ туттаран Дьокуускайдааҕы пединститукка нуучча тылын салаатыгар үөрэнэ киирбит. Манна даҕатан эттэххэ, кини Мүрү оскуолатын бастакы выпускницата буолар. Ия Петровна үөрэҕин бүтэрэн баран үөрэммит оскуолатыгар 1950 сыллаахха иитиллибит оскуолатыгар учууталынан үлэлии кэлбитэ. Оскуола педагогическай кэлэктиибэ эдэр эрчимнээх учууталы бэйэтин кэккэтигэр киллэрэн испитэ.
Хара маҥнайгыттан Ия Петровна иитэр-үөрэтэр үлэҕэ улахан талааннааҕа уонна дьоҕурдааҕа көстөн барбыта. Кини оччолортон бириэмэни аахсыбакка, оҕолор ортолоругар сылдьар эбит. Аны оччолорго учууталлар аҥардас үөрэтиинэн эрэ муҥурдаммакка, общественнай уонна комсомольскай үлэҕэ кытта үлэлиилэрэ, ону таһынан идеологическай үлэни кытта ыыталлара, оччотооҕу Сэбиэскэй кэмҥэ оннук үлэ эмиэ ирдэниллэр этэ.
Оччотооҕу кэмҥэ бииргэ үлэлээбит коллегалара ахталларынан, кини ыытар уруоктара научнай өттүнэн ырытыллан, элбэх методическай ньыма, тутуһуллан үрдүк таһымҥа ыытыллар этэ диэн бэлиэтииллэр. Оччолорго сэбиэскэй педагогика кырдьык даҕаны үрдүк таһымҥа үлэлээбитин ким даҕаны мэлдьэспэтэ буолуо, ол курдук В.А Сухомлинскай, А.С. Макаренко, К.Д. Ушинскай педагогическай ньымаларын олоххо киллэрсибит киһи быһыытынан сыаналыахха сөп.
Ити кэмҥэ методическай холбоһук олус күүскэ үлэлээбит эбит, кини этэринэн, алын кылаастарга оҕо баазабай билиини ыларынан сибээстээн, нуучча тылыгар улахан болҕомтону уурар эбит. Ия Петровна оҕолору үөрэтэригэр кинилэр толкуйдуур дьоҕурдарын сайыннаралларыгар кыһанар эбит, национальнай оскуолаҕа нуучча тылын үрдүк таһымҥа таһаарыы биир уустук педагогическай үлэ буолара саарбахтаммат. Нуучча классик суруйааччыларын, поэттарын айымньытын тыа сиригэр үөрэнэр оҕолорго өйдөтөн биэрии, бэйэтэ эмиэ туспа талаан буоллаҕа.
Ахтыылартан көрдөххө, Мүрү орто оскуолата ордук Иван Степанович Колодезников дириэктэрдиир кэмигэр уонна кини завучтыыр кэмигэр өрөспүүбүлүкэҕэ аатырбыт эбит. Оччолорго Ия Петровна оройуоҥҥа эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ кини аата дорҕоонноохтук иһиллэр буолбут. Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна Владимир Иннокентьевич Колесов ахтыытыттан ылан көрдөххө, киниэхэ бытархай боппуруос диэн суох эбит, ол курдук, оҕону иитиигэ кыра, улахан тэрээһиннэргэ ис дууһаларыттан уонна суолта биэрэн кытталлара. Кини завучтуурун кэмигэр физмат кылаас өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ аатырбытын бэлиэтэххэ сөп, Егор Семенович Васильев физика учуутала олус таһаарыылаахтык үлэлээбитин туоһутунан кини үөрэххэ рекомендациялаабыт оҕолоро СГУ-га экзамена суох киирэллэр эбит. История учуутала Ульяна Никитична Тартакинова,алын кылаас учуутала Галина Федоровна Подгорнова курдук учууталлар ааттара ыраахха диэри иһиллэр этэ. Ордук эдэр учууталлар уруоктарыгар сылдьан, сыыһаларын-халтыларын хомоппот гына быһааран, сүбэ-ама биэрэр эбит.
1975 сыллаахха Мүрү орто оскуолатын үөрэнээччитэ Шура Платонова Бүтүн Арассыыйатааҕы “Лермонтовскай ааҕыыларга” икки сүүсчэкэ оҕолор кэннилэриттэн иккис миэстэни ылары ситиспитэ элбэҕи этэр. Ия Петровна элбэх соҕуруу куораттарга бара сылдьан, улуу нуучча суруйааччыларын поэттарын дойдуларыгар сылдьан элбэх билиини сомсубута саарбаҕа суох, ол курдук академик Сухомлинскай нэһилиэстибэтин утумнаахтык үөрэтэн олоххо киллэрсибит педагог быһыытынан сыаналыахха сөп.
Ааспыт дьыллар үөрэххэ статистикаларын көрдөххө, 1974-1975 сс. физмат кылаастарга 38 үөрэнэн бүтэрбититтэн 20-тэ үрдүк үөрэххэ киирбит, ону таһынан төһөлөөх элбэх нуучча тылын уонна литературатын учууталларын иитэн таһаарбытын киһи ааҕан сиппэт.
Кини биир кэмҥэ ССКП Уус Алданнааҕы райкомун бюротын чилиэнинэн быыбарданан партийнай итэҕэли чиэстээхтик толорон турар. Үгүс сыралаах үлэтэ сыаналанан, Ия Петровна Рыбкинаҕа Үлэ Кыһыл Знамятын кавалерын үрдүк аата уонна РСФСР уонна Саха АССР үтүөлээх учууталын аата иҥэриллибитэ.
Бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран үлэлээбит оскуолатыгар бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрин кытта оскуола историятын кэпсиир мусуойу тэрийсэн, кэлэр көлүөнэҕэ бэртээхэй бэлэҕи хаалларда. Онон үтүө киһи аата үйэлэргэ ааттана туруоҕа диэн биһиги эрэнэбит.
Уус Алданнааҕы Сэһэн Ардьакыап аатынан түмэлгэ Ия Петровна Рыбкина төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах бэйэбит сэмэй быыстапкабытын туруордубут.
Александр Сивцев, түмэл сотруднига