Бүгүҥҥүттэн, ол эбэтэр сэтинньи 20 күнүттэн, спорт дыбарыаһа улахан дьоҥҥо, нэһилиэнньэҕэ сарсыарда 06.00 чаастан киэһэ 20.00 чааска диэри арылынна.
Бу туһунан Бороҕоннооҕу оҕо спортивнай оскуолатын дириэктэрин солбуйааччы Константин Давыдов иһитиннэрдэ: “Спорт дыбарыаһыгар сарсыарда 06.00 чаастан 08.00 чааска диэри киирии босхо, онтон салгыы күҥҥэ100 солк. төлөнөр. Маны таһынан ыйдааҕы абонемены – 1000 солк. төлөөн сылдьыахха эмиэ сөп. Харчыны барытын спорт дыбарыаһын каассатыгар миэстэтигэр төлөһөҕүт.
Спорт дыбарыаһын икки этээһинэн сүүрүү, ыстаныы улахан манежтара бааллар. Футбол былаһаакката баар, өссө волейбол, баскетбол былаһааккалара ситэриллэ сылдьаллар. Буулдьанан, оҕунан ытыы, саахымат, теннис хосторо, тренажернай, фитнес саалалар үлэлииллэр. Билигин улахан дьоҥҥо эрэ диэн арылынныбыт. Оҕолор дьарыктаналларыгар анал докумуоннар өссө да ситиһиллэ сылдьаллар. Бу ыйынан түмүктээн, оҕолорбутугар эмиэ куруһуоктар үлэлиэхтэрэ, спорт эбийиэгин үлэлиир кэмэ уһаан, киэһэ 22.00 чааска диэри аһаҕас буолуоҕа”.
Екатерина Захарова