Боксер уолаттарбыт Нерюнгрига кыайыы өрөгөйүн биллилэр

Алтынньы 25-28 күннэригэр Нерюнгри куоракка Арассыыйа үтүөлээх тириэньэрэ Н.Г. Размахин уонна боксаҕа норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах Арассыыйа успуордун маастара С.Р. Исмаилов сырдык кэриэстэригэр анаммыт «Б» кылаастаах боксаҕа турнир буолан ааста. Манна Уус Алдан улууһуттан Олимпийскай эрэллэри бэлэмниир өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо анал спортивнай оскуолатын иитиллээчилэрэ кыттан ситиһии көтөллөөх кэллилэр.

Ол курдук, Максим Тарскай 67 киилэҕэ, Айсен Неустроев 54 киилэҕэ, Авенир Савинов 63 киилэҕэ, Олексан Алексеев 48 киилэҕэ муҥутуур кыайыылааҕынан таҕыстылар.

Эрик Портнягин 46 киилэҕэ, Володя Васильев 57 киилэҕэ иккис миэстэни ыллылар. Аян Борисов 54 киилэҕэ бочуоттаах үһүс миэстэни ситистэ. Ону таһынан Айсен Неустроев «Турнир бастыҥ боксера» анал аатынан бэлиэтэннэ.

Бүгүн – Тириэньэр күнэ. Түгэнинэн туһанан, бу кыайыылаах боксер уолаттар тириэньэрдэрин Илья Иванову сыралаах үлэтин өссө биир түмүгэ көстүбүтүнэн эҕэрдэлиибит.

Мария Аргунова