Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Найахы нэһилиэгин историятын кинигэтин 3-4 томнарын сүрэхтээһин буолла. Тэрээһин нэһилиэк историятын үйэтитээччи, кинигэ ааптара Найахы народнай хорун музейын төрүттэспит Мария Винокурова 80 сааһын кытта дьүөрэлэстэ.

Кинини таһынан бу кинигэҕэ Вера Мухина, Айталина Готовцева үлэлэһэн, кинигэ «Мүрү саһарҕата» хаһыат редакциятыгар таҥыллан бэчээттэннэ.

Күн сирин көрбүт саҥа кинигэ уратытынан төрөөбүт улууспут хаһыатыгар 1936 сыллаахтан ыла бэчээттэммит суруйуулар киирдилэр. Онон найахылар историяҕа ураты харыстабыллаахтык сыһыаннаһан, 90-ча сыл анараа өттүнээҕи түгэннэртэн саҕалаан бүгүҥҥү күҥҥэ диэри нэһилиэк олоҕун суолун тистилэр.

Мария Петровна Винокурова 10-ча сыл устата Национальнай библиотека фондатыгар дьаныардаахтык хасыһан үлэлээн, 1936-1940 сыллардааҕы латыынныы алпаабытынан бэчээттэммит хаһыаттартан Найахы нэһилиэгин туһунан суруйуулары илиитинэн устан саҕалаабыт. Итинник сыралаах үлэтин түмүгэ бу кинигэ буолан таҕыстаҕа.

Найахылар дьоро күннэригэр улуус баһылыга Василий Аммосов кыттан ааптардары эҕэрдэлээтэ, кинини сэргэ Ил Түмэнтэн Александр Жирков, биир дойдулаахтара Петр Сивцев, үөрэхтээһин эйгэтиттэн Степан Литвинцев, культураттан Сергей Нафанаилов, Василий Парников, о.д.а. үөрүүлээх күҥҥэ кыттыһан эҕэрдэлэрин тиэртилэр.
Найахыларга бу күн итинэн эрэ түмүктэммэтэ, мантан киэһэ аны Найахы хора тэриллибит 60 сылыгар аналлаах улахан кэнсиэргэ кэлбит дьон-сэргэ, үгүс ыалдьыт хото муһунна.

Наталья Попова

Читайте дальше