Бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Бэрэсидьиэнин Михаил Николаев оскуолаларын ситимнэрин «Бастыҥы түмэргэ – бастакы буолуохха» девизтээх балаҕан ыйынааҕы сүбэ мунньахтарын үөрүүлээх чааһыгар бу ситимҥэ киирэр оскуолалар бастыҥ үлэһиттэрин наҕараадалаатылар. Бу Михаил Ефимович бэйэтэ олохтообут үтүө үгэһэ буолар.
Онуоха саамай үрдүкү наҕарааданы – “Өрөспүүбүлүкэ туһугар уонна албан аатыгар” («Во славу и пользу республики») уордьаны В.В Алексеев аатынан Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларын дириэктэрэ, ситим оскуолаларын дириэктэрдэрин Сэбиэтин солбуллубат бэрэссэдээтэлэ Федор Татаринов тутта. Бу улахан наҕарааданы киниэхэ аныырга Михаил Николаев бүтэһигин илии баттаабыт докумуона диэн бэлиэтииллэр.
Быйыл бэс ыйын 17 күнүгэр Михаил Ефимович дириэктэрдэргэ туһаайан этиитигэр: “Ытыктабыллаах Федор Федорович, дириэктэрдэр, биһиги бэртээхэй Стратегияны толкуйдаан оҥордубут, аны ону олоххо киллэриэхпитин наада, үөрэхтээһин эйгэтигэр бастыҥ холобур буоларга дьулуһуохха. Федор Федорович, эн лидер киһи быһыытынан, биһиги ситиммит лидерин быһыытынан, аныгы кэм киһитэ буоларгынан, күүстээх эр санаалаах дьону иитэн таһаарар саамай улахан оскуола салайааччытын, саҥаны айан киллэрээччи быһыытынан кэллиэгэлэргин түмэн биһиги Стратегиябытын олоххо киллэрэргэ күүскэ үлэлэс. Онуоха улуустарбыт уонна өрөспүүбүлүкэ салалталара биһиэхэ күүс-көмө, өйөбүл буолуохтарыгар эрэнэбин. Бэйэбит эрэ туспутугар буолбакка, өрөспүүбүлүкэ бүттүүнүн инникитин туһугар эппиэтинэстээхпитин өйдүөх тустаахпыт. Кытаатыҥ!” – диэбитэ.