«Мүрүчээнэҕэ» кустук өҥнөөх нэдиэлэ сэргэхтик ааста

Муус устар 22–27 күннэригэр » Мүрүчээнэ» уһуйааҥҥа орто, кыра уонна эрдэтээҥҥи бөлөхтөргө «Кустук өҥнөөх нэдиэлэ» ааптарыскай бырайыагынан бэрт сэргэхтик ааста.

Бырайыак оҕолорго кустук араас өҥнөрүн билиһиннэрэр уонна чиҥэтэр, Ийэ айылҕаҕа тапталы иҥэрэр, айылҕа араас көстүүлэрин кэтээн көрөр дьоҕурдарын уһугуннарар уонна сайыннарар сыаллаах ыытылынна.

Иитээччилэр кун ахсын оҕолорбутунаан кустук өҥүнэн таҥынныбыт. Кырачааннарга сөп тубэһэр танастарын, тэриллэрин булан илдьэ кэлэллэригэр төрөппуттэр көмө-тирэх буоллулар.

Элбэх хамсаныылаах, толкуйдатар оонньуулар ыытылыннылар, хоһооннор, остуоруйалар кэпсэннилэр, уруһуй, сыбаан оноруу, имитии,аттарыы араас техникаларын туһанан кырачааннар илиилэринэн оноһуктар оноһулуннулар.

Нэдиэлэ түмүгэр флешмобтаах, оонньуулаах уопсай аралдьыйыы көхтөөхтүк ыытылынна.

Бырайыак ааптара иитээччи Маргарита Копырина 

Читайте дальше