«Мүрүчээнэ» уһуйааммытыгар «Биhиги бииргэбит – биhиги сулустарбыт» диэн фестиваль буолан ааста. Бу фестиваль үс түһүмэххэ: быыстапка, уус уран самодеятельность, импровизация көрүҥэр төрөппүт оҕотунаан көхтөөх кыттыыны ылла.
Быыстапкаҕа: Агата, Наталья Васильевна Павловалар оҕуруонан тиһиллибит араас брошкаларын, Юлиана, Марианна Васильевна Румянцевалар араас матырыйаалтан оҥоһуктарын, Кирилл, Марина Алексеевна Яковлевтар муспут динозавр туһунан кинигэлэрин, оонньуурдарын, наклейкаларын, София, Зинаида Николаевна Аргуновалар фетрынан тигиллибит кыра оҕолорго аналлаах тэттик кинигэлэрин, сахалыы киэргэл наборун, Афина, Ванесса Сергеевна Дашевскаялар оҕотунаан бииргэ таҥмыт хомулук арааһын уонна пластилинтан оҥоһуктарын бары биирдии бэйэлэрэ кэпсээн билиһиннэрдилэр, көрдөрдүлэр.
Төрөппүт оҕотунаан талаанын көрүүгэ Афина, Ванесса Сергеевна Дашевскаялар “Сибэкки үнкүүтэ”, Сиара, Лейла Юрьевна Турантаевалар “Хатыҥ” туһунан хоһоону, София, Зинаида Николаевна Аргуновалар “Хотугу үнкүү”, Аэлита, Алена Николаевна Давыдовалар «Мүрүбүн таптыыбын” сахалыы үнкүүлэрэ, Лия, Виктория Васильевалар “Остуоруйа кистэлэҥэ” хоһоону ааҕан көрдөрөн фестивальбытын киэргэттилэр.
3-с түһүмэххэ Лия, Виктория Васильевалар, София, Зинаида Николаевна Аргуновалар бэлэм араас матырыйаалтан сонно тута бэлэмнэнэн муода көрдөрдүлэр.
Бу фестивальбыт Дьиэ кэргэн күнүгэр ананан, ийэлэри уонна оҕолору түмэн бэрт сэргэхтик, көхтөөхтүк ааста. Кыттааччылар араас талааннарын, маастарыстыбаларын, айымньылаахтарын көрдөрдүлэр сөхтөрдүлэр, үөртүлэр, үрдүк биһирэбили ыллылар.
Эрдэтээҥи бөлөх иитээччилэрэ Ирина Окоемова, Анисия Егорова, Татьяна Егорова