Бүгүн Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүнэн детсадпыт үрдүнэн хас биирдии бөлөххө араас тэрээһиннэр ыытылыннылар. Кырачааннар бары сахалыы таҥнан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Өрөгөйүн ырыатын истэн саха муннугар ыалдьыттаатылар, сахалыы музыкальнай инструменнары билистилэр, хамсаныылаах оонньоотулар, остуоруйа иһиттилэр, оһуордары уруһуйдаатылар.
Үөрүүлээҕэ диэн – бу бэлиэ күҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) депутата, Баһылай Манчаары аатынан спорт национальнай көрүҥнэрин «Модун» комплекс салайааччыта Геннадий Васильев сахалыы остуол оонньууларын ылынарга бэлэхтээбит 10 000 сертификатынан хабылык, хаамыска, иэрэгэй ылыллан оҕолорго бэртээхэй бэлэх буолла.
Бэлэмнэнии, улахан, орто бөлөх иитиллээччилэрэ имигэстик туттан-хаптан хабылыкка, хаамыскаҕа холоннулар. Саамай иэрэгэйи сөбүлээтилэр. Онон өссө төгүл Геннадий Анатольевичка, үөрэх улуустааҕы салалтатыгар (нач. Степан Литвинцев) махталбыт улахан.
Кырачааннарбытыгар өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин иҥэриигэ маннык биир сүбэнэн үлэлэстэхпитинэ үтүө түмүгү ситиһэргэ эрэл баар.
Анна Алексеева, бас иитээччи