“Мүрү саһарҕата” хаһыат саамай саастаах ааҕааччыта 102 сааһын туолла

Хаһыаппыт эрэллээх ааҕааччыта улуус, Мүрү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, РСФСР норуот үөрэхтээһинин туйгуна, олоҕун учуутал идэтигэр анаан 44 сыл устата үтүмэн үгүс оҕону такайан, үөрэтэн сырдыкка сирдээбит Матрена Гоголева бүгүн 102 сааһын томточчу туолла.

Ытык саастаах кырдьаҕаспыт тапталлаах улууһун хаһыатыгар ааспыт Россия Бэчээтин күнүнэн эҕэрдэтин, махталын ыытта, таһаарыылаах үлэни, үтүө сылы баҕарда.

Күндү Матрена Семеновнаны итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит, чэгиэн доруобуйаны уонна бу күн сиригэр өссө да уһуннук, тулалыыр чугас дьонун үөрүүлэринэн, ситиһиилэринэн, этэҥҥэ буолууларынан дуоһуйан, өссө да уһуннук нус-хас олороргор баҕарабыт.

Мария Аргунова