Мүрү нэһилиэгэр тутуу үлэтэ тэтимирэр

Мүрү нэһилиэгэр “Хаар­бах турук­таах дьиэт­тэн көһөрүү” прог­рамманан Пушкин ааты­нан уулусса 7 №-­дээх аадырыһыгар тутулла турар элбэх квар­тиралаах дьиэҕэ «ГарантРегион 14» ХЭТ 24 тутааччыта үлэлии сылдьар. Билигин бу үлэһиттэр уунан хаач­чыйыы, уот, канализация ситимнэрин тардаллар. Маны тэҥэ дьиэ иһигэр санузел хоһугар плиталары уураллар, сантехникатын, тас өттүгэр фасадын оҥороллор.

Лонгинов аатынан уулусса 29/1 дьиэтигэр «СПМ-Альянс» ХЭТ үлэлиир. Билигин үлэһиттэр дьиэ араас отделкатыгар, сантехникатыгар, фасадыгар, вентиляциятыгар уонна дьиэ таһынааҕы тупсаран тутууга үлэлииллэр.

“Чааһынай дьиэлэри киин ититэр ситимҥэ холбуур үлэ салгыы барар. “Радиотумул” түөлбэҕэ эбии 210 м теплотрассаны тарда сылдьабыт. Мантан ититии ситимигэр 10 ыал холбонор кыахтанар. Биригээдэни урбаанньыт Николай Атласов үлэлэтэр. Итиэннэ эбии саҥа хочуолунайы тутан, “Радиотумул” түөлбэни ититиигэ 100% холбуурга “Армон” тэрилтэни кытта үлэ ыытыллар. Бу күннэргэ хочуолунай тутуллар сирэ бы­һаарылла сылдьар. Онтон быра­йыактыыр-сметалыыр докумуона ситтэҕинэ-хоттоҕуна нэһилиэнньэни кытта көрсүһүү тэрийиэхпит.

Оттон Бороҕон илин өттүгэр 146 ыалы ититии ситиминэн хааччыйар сыалтан киин теп­лотрасса матырыйаалын таһа сылдьаллар. Билиҥҥи туругунан, 60 туонна тимир турбаны таһыыга үс сырыы оҥоһулунна. Ол иһигэр ититиигэ холбонуохтаах ыаллар дьиэлэригэр диэри тардынар 10 туонна турбаларын Дьокуускай куораттан удамыр сыанаҕа босхо аҕалан биэрдибит”, – диэн Мүрү нэһилиэгин баһылыга Прокопий Румянцев билиһиннэрэр.

«Формирование комфортной городской среды» федеральнай программа чэрчитинэн, Мүрү эбэ кытыытыгар тутулла турар “Мүрү кытыла” сынньалаҥ сирин салгыыр тутуу саҕаланна. Ол курдук үлэ барыахтаах сиригэр хаарын күрдьэн, мууһун ыраастаан бэлэмнии сылдьаллар. Өрүс суола сабыллыан иннинэ Дьокуускай куораттан тутуу матырыйаал­ларын таһыы саҕаланыа. Ону тэҥэ оҕо, спортивнай площадкалар оборудованиеларын, ыскамыайкаларын, бөх кутар иһиттэрин, сырдатар лаампаларын соҕурууттан ыларга үлэлэһэ сылдьаллар. Күһүн балаҕан ыйыгар «Мүрү кытыла» бырайыак үлэҕэ толору киирэрэ былааннанар.

Ольга ШЕПЕЛЕВА