Мүрү нэһилиэгэр сыбаалкаҕа киирии суол оҥоһулунна

Сыбаалкаҕа киирии суол бу кэлэн ааспыт ардах кэмигэр “Сайгак” массыына сырыытыттан дэлби хаһыллан, ханнык да тиэхиньикэ киирэр кыаҕа суох балаһыанньата үөскээбитэ, онон улуус киинигэр септиктэр туолбуттара. Ону таһынан бэҕэһээ ордук Бороҕон сэлиэнньэтигэр электричество уота уһуннук арахсан олохтоохтор дьиксиниилэрэ үгүс.

Бу үөскээбит кыһалҕалаах боппуруостары быһаарыыга туох үлэ ыытылларын улуус баһылыгын солбуйааччы Иннокентий Троевтан ыйыттыбыт. Онуоха кини маннык хоруйдаата:

– Сыбаалка суолун тахсан көрөн баран, баһыллан тахсыбыт бадараанын ылан, тэҥнээн, шлак куттардыбыт. Ол иннинэ тахсыы сыырыгар икки массыына щебенка куттарбыппыт, син тутан турар эбит. Эбии үрдүнэн шлак кутан бөҕөргөттүбүт. Онон бүгүҥҥүттэн фекалкалар, бөх таһар массыына сылдьыахтара.

 

 

Оттон уот туһунан этэр буоллахха, Майаҕа подстанцияҕа уонна Майаттан Бороҕоҥҥо кэлэр үрдүк күүрүүлээх уот линиятыгар өрөмүөн ыытылларын туһунан эрдэттэн иһитиннэрии тарҕаммыта. Онуоха, Бороҕоннооҕу РЭС начаалынньыга Николай Седалищев иһитиннэрбитинэн, улууспутугар уоту резервнэй ПАЭС-тартан (дизель) хааччыйыыга биир ПАЭС үлэтэ аккаастаан кэбиһэн, соҕотох ПАЭС үлэлээбит. Итини таһынан Майаҕа өрөмүөн үлэтэ эрдэ биллэриллибит бириэмэттэн хойутаан түмүктэммит.

Мария Аргунова