Мүрү 2 №-дээх орто оскуолатын математикаҕа учуутала Нина Васильева: “Учуутал – мин аналым!”

Кэнчээри ыччаты ахсаан эйгэтигэр уһуйан 45-с сылын үлэлии-хамсыы сылдьар баай уопуттаах Нина Васильева Мүрү 2 №-дээх орто оскуолатын математикаҕа учуутала. Нина Алексеевна Иркутскайдааҕы судаарыстыбаннай педагогическай институту ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ. Үөрэҕин саҥа бүтэрбит эдэр учуутал 1979 сыллаахха Үөһээ Бүлүү улууһун Хоро нэһилиэгэр үлэтин саҕалаабыта.

Салгыы 1985 сылтан Мүрү аҕыс кылаастаах оскуолатын математикаҕа учууталынан ананан, күн бүгүнүгэр диэри харыс да сири халбарыйбакка, бэриниилээхтик уонна таһаарыылаахтык үлэлии олорор киэн тутта кэпсиир учууталбыт.

Үрдүк категориялаах учуутал Нина Алексеевна “Үөрэнээччи билиниитин учуутала” түөскэ анньыллар бэлиэтэ кини учуутал быһыытынан үлэтин саамай күндү, сыаналаммат наҕараадата. Ханнык баҕарар учууталга махталлаах үөрэнээччилэрдээҕэ — кини олоҕор туруоруммут сыалын-соругун чыпчаал ситиһиитэ.

Нина Васильева саамай бастакы наҕараадатын 7-с кылааска үөрэнэ сылдьан ылбыта сөхтөрөр. Ол 1971 сыллаахха үөрэнээччилэр производственнай биригээдэлэрин социалистическай куоталаһыытыгар үрдүк производственнай көрдөрүүлээх биригээдэни салайбытын иһин СахаАССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта буолар. Салгыы үтүө үлэ түмүгэ “СӨ учууталлар Учууталлара”, “СӨ үөрэҕин эйгэтин бочуоттаах бэтэрээнэ”, “СӨ үөрэҕириитин туйгуна” ааттар – бэриниилээх үлэтин туоһулара.

Нина Алексеевна 1957 сыл алтынньы 12 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу нэһилиэгэр тоҕус оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ алтыс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Ийэлэрэ ыарыһах буолан, күн сириттэн оҕолоро кыраларыгар күрэммитэ. Онон улахан эдьиийдэрэ Федора, Валентина, Мария ийэлии истиҥ тапталларын балыстарыгар, бырааттарыгар анаан, аҕаларын кытта тэҥҥэ атахтарыгар туруорсан, күн бүгүнүгэр диэри көрө-истэ, өйүү сылдьалларыгар улахан махталлаахтар. К.С. Чиряев аатынан Ороһу нэһилиэгин педагогическай түмэлин дириэктэринэн үлэлээбит үтүө сүбэһит, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайката Федора Алексеевна идэтинэн математика учуутала. Үөрэҕин бүтэрээт, төрөөбүт дойдутугар математика учууталынан үлэлии кэлбитэ. Ол да иһин буоллаҕа, Нина уонна кыра балта Раиса математика учууталын идэтин баһылаабыттара. Раиса Алексеевна билигин Ороһу нэһилиэгин педагогическай түмэлин дириэктэринэн үлэлиир.

“Математикаҕа туйгуннук үөрэммит оҕолорум үгүстэр, кинилэринэн олус киэн туттабын. Умсугуйан, ылсан туран үөрэтэр оҕолортон дуоһуйууну ылабын, кинилэртэн эмиэ үөрэнэбин. Оччотугар үлэлииргэ, айарга-тутарга кыаҕын үрдүүр, баҕан үксүүр. Кистээбэккэ этэххэ, кэнники кэмҥэ оҕо умсугуйан туран үөрэниитэ аччаата. Сорудахтар эппиэттэрин аныгы гаджеттар нөҥүө куйаар ситимиттэн бэлэми булан, анаан суоттатан ылар буоллулар. Онон толкуйдуур дьоҕурдара мөлтөөтө. Маныаха учуутал, оҕо, төрөппүт бары биир сүбэнэн үлэлиирбит өссө күүһүрэрэ ирдэнэр. Оҕо үөрэҕэр төрөппүт суолтата олус улахан. Чуолаан улахан кылаас үөрэнээччилэригэр сөптөөх суолу ыйан-кэрдэн биэрэргэ күүс-көмө буолуохтаахтар. Оттон биһиги ол суолун устун эрэллээхтик хаамарыгар уһуйабыт, үөрэтэбит. Мин үөрэппит оҕолорум билигин да үтүө тылларынан саныылларын-ахталларын истэммин олус долгуйабын, үөрэбин. Үөрэппит биридимиэппин үчүгэйдик ылынан, олохторун устун ыарырҕаппакка туһаннахтарына мин дьоллооохпун”, – диэн санаатын үллэстэр.

Нина Алексеевна үлэлиир оскуолатыгар, чуолаан математика учууталларыгар үтүө сүбэһит быһыытынан, итиэннэ математика биридимиэтин үөрэтэр аналын толоро сылдьарыттан, саҥа оскуолаҕа үлэлиэн баҕарар ыра санаата туолбутуттан толору дьоллоох. Өссө кини дьоллоох икки оҕо иһирэх ийэтэ, тоҕус сиэн эйэҕэс эбэтэ буоларыттан. Уола Николай уонна кыыһа Туйаара иккиэн сиртэн хостонор баай-дуол эйгэтин инженердэрэ үөрэхтээхтэр. Ыал ийэтэ, аҕата үрдүк аатын сүгэн, Дьокуускай куорат дьоһун-мааны олохтоохторо буолаллар.

Түгэнинэн туһанан, Нина Васильева Учуутал үрдүк аатын сүгэр кэллиэгэлэрин идэлээх күннэринэн истиҥ эҕэрдэтин, үтүө баҕа санааларын тиэрдэр. Оттон оскуоланы бүтэрэр үөрэнээччилэргэ эксээмэннэрин ситиһиилээхтик туттаралларыгар, сөптөөх идэни талан, ыра санаалара туоларыгар баҕарар.

Ольга Шепелева

Читайте дальше