Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатыгар «Ыллаа, үҥкүүлээ, оҕо саас!” бэстибээл саҕаланна

Мүрү 1-гы нүөмэрдээх оскуолатыгар 1990-с сыллар саҕаланыыларыгар «Кэнчээри» ансаамбыл салайааччыта Василий Парников көҕүлээһининэн тэриллибит  “Ыллаа, үҥкүүлээ, оҕо саас!” бэстибээл быйыл Россияҕа дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэбитигэр Оҕо саас сылыгар уонна оҕо бастакы академическай хорун тэрийбит “Кэнчээри” ансаамбыл салайааччыта Василий Парников педагогическай уонна айар үлэтин 60 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйүгэр ананна.

Бэстибээл бастакы күнүн оскуола алын сүһүөх кылаастара саҕалаатылар. Хомойуох иһин, бэстибээл балаһыанньата наһаа судургу буолан, түөртүү эрэ нүөмэри көрдүбүт. Ол да буоллар төрөппүттэр, кылаас салайааччылара балачча үлэлэспиттэрэ көһүннэ, ону сэргэ быйыл үҥкүүлэри идэтийибит үҥкүүһүттэр туруорбуттара кэрэхсэннэ, оттон хордары Василий Парников, Оксана Атласова сыл аайы дьаныһан туруораллар.

Сарсын бэстибээл иккис күнэ салҕаныаҕа.

Милена Платонова, 8 “а” кылаас  үөрэнээччитэ, эдэр корреспондент