Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолата 37 000 кэриҥэ пластик хаппаҕы хомуйан туттарда

Мүрүтээҕи эдэр натуралистар станциялара, айылҕа харыстабылын улуустааҕы кэмитиэтэ биллэрбит «Добрые крышечки» диэн социальнай-экологическай хайысхалаах акциятыгар Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатын алын уонна орто сүһүөх кылаастарын оҕолоро көхтөөхтүк кытыннылар.

Акцияны химия, биология учуутала «Эдельвейс» мэтэдьиичэскэй холбоһук салайааччыта Евдокия Шахурдина салайан ыытта. Туттуллубут пластик бытыылкалар хаппахтарын хомуйууга кылаастар салайааччыларын тэрээһининэн үөрэнээччилэр, төрөппүттэр актыыбынай кыттыыны ыллылар. Алын сүһүөх кылаастарга 1-кы миэстэҕэ – 3 «б» кылаас (6655 хаппах, кыл. сал. Н.Н. Портнягина), 2-с миэстэҕэ –2 «б» кылаас (6066 хаппах, кыл. сал. А.И. Оконешникова), 3-с миэстэҕэ – 4 «в» кылаас (3903 хаппах, кыл. сал. В.А. Пермякова) таҕыстылар. Саамай элбэх хаппаҕы аҕалан туттарбыт үөрэнээччилэр кыайыылаах аатын ыллылар: 1-кы миэстэ – Иванова Наташа (4 «в» кыл., 1514 хаппах), 2-с миэстэ – Сивцев Дамир (2 «б» кыл., 1466 хаппах), 3-с миэстэ – Мылаханова Анжелика (3 «б» кыл., 1326 хаппах). Алын кылаастар барыта 27416 хаппаҕы туттардылар.

Орто сүһүөххэ 1-кы миэстэ – 8 «а» кылаас (3157 хаппах, кыл. сал. Н.И. Лазарева), 2-с миэстэ – 7 «в» кылаас (1502 хаппах, кыл. сал. Н.В. Павлова), 3-с миэстэ – 7 «г» кылаас (1229 хаппах, кыл. сал. М.И. Пухова) буоллулар. Биирдиилээн: 1-кы миэстэ – Гоголева Сандаара (6 «а» кылаас, 1000 хаппах), 2-с миэстэ – Стрекаловскай Айтал (8 «а» кылаас, 792 хаппах), 3-с миэстэ – Дьячковскай Сулустан (7 «г» кылаас, 730 хаппах). Орто сүһүөх кылаастар 9310 хаппаҕы туттардылар.

Барыта оскуола үрдүнэн 62 киилэ 230 грамм ыйааһыннаах 36726 хаппах хомуллан, түмүккэ оскуола кэлэктиибэ бастаан таҕыста уонна 1-кы истиэпэннээх дипломунан наҕараадаланна.

Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.