Төрөөбүт төрүт буорбут хас биирдии отун-маһын, кыылын-сүөлүн, кэрэ көстүүтүн хоһуйан мындыр өбүгэбит саҕаттан саҕыллан, айыллан тахсыбыт оһуор-мандар ойуулаах уран-уус оҥоһуктар улууспут киинигэр турар Олоҥхо дьиэтэ этно-култуурунай киин түһүлгэтигэр быыстапкаҕа туран ураты сахалыы тыыны үөскэттилэр.
Уус Алдан улууһа ускуустуба бары көрүҥэр талба талааннаах уус-иис дьоннооҕунан ааттанар. Улууспут култууратын салалтата уус-уран оҥоһуктар маастардарын түмэ тардан «Мындыр» түмсүүнү тэрийэн, кинилэр айымньылаах үлэлэрин көҕүлээн, салайан кэллэ. Бүгүн бу түмсүү тэриллибитэ 10 үбүлүөйдээх сылын бэлиэтиир дьоро күн улууспут кэрэни кэрэхсээччилэрин түмтэ.
Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ хаалар сыаналаммат, улуус култуурунай, духуобунай сайдыытыгар сүҥкэн кылааты киллэрэ сылдьар дьоммутун үбүлүөйдээх күннэринэн «Мындыр» түмсүүнү салайан кэлбит Иннокентий Аммосов, улуус баһылыгын социальнай эйгэҕэ солбуйааччы Анатолий Сторожев, СӨ «Симэх» национальнай киинин норуот уус-уран оҥоһуктарын салаатын салайааччыта Дмитрий Осипов, Ем. Ярославскай аатынан мусуой үлэһитэ Татьяна Старостина, улуустааҕы култуура салалтатын начаалынньыга Сергей Нафанаилов эҕэрдэ тылы этэн туран бастыҥ үлэлээхтэри махтал суругунан, бочуотунай грамотанан наҕараадалаатылар.
Ол кэннэ маастардар бэйэлэрин үлэлэрин туһунан кэлбит дьоҥҥо кэпсээтилэр, умсугута угуйдулар.
Мария Аргунова