«Мындыр» түмсүү: 10 сыл айар аартыктары арыйан

Улууспут уран уус­тарын «Мындыр» түмсүүтүн ааттара-суоллара Сахабыт сиригэр, тас дойдуларга сураҕырар. Ааспыт үйэҕэ олорон, айан-тигэн хаалбыт үтүөкэннээх иистэнньэҥнэрбит Ирина Румянцева, Мария Черноградская, Александра Горохова билиҥҥи туос­чуттарга холобур буолаллар. Бээрийэ нэһилиэгэр 1994 сылтан «Арчы» түмсүү тэриллэн туоһунан дьарыктаналлар. Түмсүүнү иилээн-саҕалаан, күн бүгүн салайан сылдьар киһинэн Варвара Васильева буолар. «Арчы» түмсүү чилиэннэрэ Борис Неус­троев – Мандар уус бырайыагынан Моҕол ураһаны тигиигэ үлэлэстилэр, түөрт испэ туоһу, курду туостары тикпиттэрэ. Билигин ыһыах иһитин сөргүтүүгэ туруннулар. Екатерина Колодезникова салайбыт «Оһуор утум» түмсүүтэ, иистэнньэҥнэр Татьяна Дегтярева, Варвара Горохова, Саргылаана Константинова 2018 с. кыыс хаппахчытын тигэн дьон дьүүлүгэр таһаарбыттара. Онтон Баайаҕаҕа тутуллуохтаах Моҕол ураһаҕа хаппахчы аанын-диэлитин тигэргэ дьиэ кэргэнинэн турунан тикпиттэрэ.

2012 с. тус сыаллаах граннарга кыайан, кымыс иһиитин сиэригэр-туомугар туттуллар иһит-хомуос толору кэмпилиэгин олохтоох маастардарга Е.И. Колодезниковаҕа, Е.В. Васильеваҕа, В.П. Егоровка, Е.В. Пестряковка сакаастаан оҥотторбуппут. Тирииттэн сири иһити тигии­гэ Екатерина Колодезникова ылсыбыта. Екатерина Ивановна иһити тигиини хаартыскаҕа түһэрэн, «Ыһыах иһитэ» диэн кинигэ оҥотторбута. Найахыттан Харитина Гоголева 2022 сылга оҕус тириититтэн икки кэмпилиэк сири, симиир иһиттэри Суоттутааҕы «Доҕордоһуу» мусуо­йун уонна «Симэх» галерея сакаа­һынан тигэн биэрдэ. Харитина Ивановна Найахы нэһилиэгин талааннаах дьахталларын мунньан «Симэхтэр» түмсүүнү тэрийдэ. Норуот маастара Пелагея Максимова куобах тыһыттан, кулгааҕыттан эриэк­кэс тигии­лэрдээҕэ. 2010 с. Мүрү нэһилиэ­гэр Екатерина Бочкарева салайыытынан «Мүрү оһуора» түмсүүнү тэриммиттэрэ. Екатерина Михайловна бырайыагынан дьахталлар 100 сахалыы сону тиктэн, араас тэрээһиннэри киэргэтэллэр. «Мүрү оһуора» түмсүү өрөспүүбүлүкэҕэ биллэригэр Ольга Гуляева, Людмила Жиркова өҥөлөрө улахан.

Уус Алдан улууһун уран уустарын түмэр «Мындыр» общественнай тэрилтэ 2013 сыллаахха тэриллибитэ. Салайааччынан улуус култуураҕа управление­тын начаалынньыга Иннокентий Иннокентьевич Аммосов талыллыбыта. Түмсүүгэ 70 тарбахтарыгар талааннаах дьон баар. Олор истэригэр:
1 Арассыыйа норуотун маастара; 5 Арассыыйа айар худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэннэрэ; 1 Дархан Уус; 2 Удьуор Уус; 19 Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара; 42 Саха Өрөспүүбүлүкэтин уус-­уран оҥоһуктарын маастара; 57 Уус Алдан улууһун маастара.
2012 сылтан “Уус Алдан улууһун норуотун маастара” аат экспертнэй сэбиэт быһаарыытынан туттарыллар.
2014 сылтан “Уус Алдан уран уустарын түһүлгэтэ” көрүү быыстапка ыытыллар.
2017 сылтан Олоҥхо ыһыаҕын кыайыылаахтарын чиэстээһин.
2018 сылга “Симэх” СӨ норуотун искусствотын национальнай киинин кытта бииргэ үлэлииргэ сөбүлэҥ түһэрсиллибитэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан “Уус дьиэтэ” аһыллыбыта. Икки филиаллаах: Бэрт Ууһун нэһилиэгэр тимир уустара уонна Бээрийэ нэһилиэгэр туоһунан иистэнээччилэр.
2020 сылга “Мындыр” түмсүү “Содружество” НКО иһигэр киирбитэ.
2021 сылтан “Роман Готовцев-Мындыр Уус” Арассыыйа, СӨ но­руотун маастара, Россия худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэнэ Роман Ильич Готовцев аатынан түөскэ кэтиллэр бэлиэ туттарыллар.
2023 сылтан “Уран иис Хотун” СӨ норуотун маастара Екатерина Колодезникова аатынан түөскэ кэтиллэр үрүҥ көмүс бэлиэ туттарыллар.

Мария Атласова кыбытыгы­нан тигии сайдыытыгар улахан кылааттаах. «Лоскутная мозаика России» бэстибээл икки төгүллээх лауреата. Оҕуруонан дьүһүйэр Прасковья Крылова «Кыраһыабай кыыс», «Алаас уола» паннолара киэҥ сэҥээрии­ни ылаллар. Вероника Мигалкина хартыыната Арассыыйа рекордтарын кинигэтигэр киирдэ.

Улууспутугар 2012-2014 сс. ат симэҕин көрүү-күрэс ыытыл­лыбыта. 1945 с. Кыайыы ыһыаҕар оройуон нэһилиэктэриттэн 25 толору симэхтээх ат киирбитэ билигин да кэпсээҥ­ҥэ сылдьар. Улуус дьокутааттарын мунньаҕар үс сыл 250 тыһ. солк. көрбүттэрэ. Улуус­путугар 12 ат толору симэҕэ баар буоларын ситиспиппит. Өлтөх нэһилиэгин атын симэҕэ 2013 с. Мэҥэ Хаҥаласка Олоҥхо ыһыаҕар «Бастыҥ ыҥыыр» анал аакка тиксибитэ, Мүрү уонна Баатаҕай нэһилиэктэрин симэхтэрэ 2014 с. Хаҥаласка ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар – бастакы үрдэли, Мүрү нэһилиэгин атын киэргэлэ Туймаада ыһыаҕар – Гран-при, 2016 сыллаахха Дьаа­ҥыга Олоҥхо ыһыаҕар эмиэ Гран-при үрдүк аатын ылбыта. Бу ат симэҕэ Алтай кыраайыгар ыытыллыбыт эрэги­йиэннээҕи куонкурус­ка анал аакка тиксибитэ, Монго­лияҕа – I миэстэ, 2018 сылга Казахстаҥҥа IV Аан дойдутааҕы бэс­тибээлгэ I миэстэ буолбута. 2023 сылга Туймаа­да ыһыаҕар “Күн Дьөһөгөй” көрүү-күрэскэ Людмила Данилова, Татьяна Дегтярева аттарын симэхтэрэ кыайан, 100 тыһ. солк. наҕараа­даламмыттара. Өймөкөөҥҥө Олоҥхо ыһыаҕар 5-с төгүлүн эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы “Нас­ледие предков” ат толору симэҕин көрүүгэ улууспут хамаандата Чыпчаал ааты ылан кыайыы өрөгөйүн билбитэ. 2014 с. улуус кылдьыттара түмсэн «Удьуор утум» түмсүүнү тэриммиттэрэ, сүҥ сөрүөнү оҥорор технология умнуллубутун, өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан Мария Петрова элбэх литэрэтиирэни хасыһан, мусуойдары кэрийэн оҥорон таһааран брошюраҕа киллэртэрбитэ. Саха сиригэр автономия 100 сылынан уонна Саха сирин норуоттарын VIII спортивнай оонньууларын көрсө 2021 сылга кылдьыттар “Удьуор утум” түмсүүлэрэ (сал. Мария Петрова) “Талба” талаан дьоһун бэлэҕэ аахсыйа биллэрэн, улууспутугар дьоһун бэлэх оҥорбуттара.

Мас ууһугар норуот маастардара сахалыы иһити оҥоруунан дьарыктаммыт Егор Аммосов, 30-н тахса сэргэ ааптара Иван Бурцев айар суолларын Владимир Егоров, Мичил Бурцев, Семен Петров, Петр Нафанаилов, Евгений Пестряков, Меркурий Корякин батыһаллар. Кинилэр оҥорбут 100 чорооннорун Саха сирин норуоттарын VIII спортивнай оонньууларын аһыллыытыгар туппуттара.

Улууска бастакы көмүс ууһа Гаврил Петухов саха быһаҕын, батыйатын араас күндү таастарынан киэргэтэн, суруктаан-бичиктээн сиэдэрэй уус-уран айымньы гына оҥорон таһаарбыта. Билигин көмүс тарбахтаах Прокопий Колодезников айымньылаахтык уһана-чочуйа олорор. Бэрт Ууһун нэһилиэгэр тимир уустара, быһах охсооччулар түөлбэлээн олороллор. Билигин манна 20-тэн тахса киһи уһанар. Нэһилиэккэ бу дьарыгы тарҕаппыт киһинэн СӨ но­руотун маастара Герман Бурцевы ааттыыбыт. Билигин кини түөрт уола бэртээхэй быһах охсооч­чулар. Хомуска уһуйбут ууһа Александр Шепелев өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын хас да төгүллээх кыайыылааҕа. Петр Куличкин – Быйаман Уус оҥорбут хомуһа дьонугар-сэргэтигэр киэҥник билиннэ. Герман Бурцев үөрэнээччитэ Анатолий Ховров өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастыҥ быһах оҥорооччу этэ. «Бэрт Ууһун уустара» түмсүүнү Илларион Попов салгыыр.

Тимири уһаарыыга норуот маас­тара Роман Готовцев биһиги уустарбытын кытта үлэлиир сиригэр тимири уһааран көрбүттэрэ. Бу уһаарыыттан кэлбит болгуоттан Роман Ильич 33 бриллианнаах хомуһу оҥорон таһаарбыта. Роман Ильич өрөспүүбүлүкэ тимир уустарын Сойууһун бэ­рэссэдээтэлэ, улууспут «Мындыр» түмсүүтүн төрүттэһээччитэ.

Бүгүҥҥү күҥҥэ саха декоративнай-прикладной ускуус­тубата салгыы сайдарыгар “Уус дьиэтэ” өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан аһыллан үлэтин саҕалаабыта. Бэрт Ууһун нэһилиэгэр тимир уустара уонна Бээрийэҕэ туоһунан иистэнээччилэр, уран тарбахтаахтарбыт манна кииннэнэн оҥорон та­һаарыынан күүскэ дьарыктаналлар. Уус дьиэтин сүрүн соруга төрүт үгэһи сөргүтэн, кэлэр кэнчээри ыччакка тиэрдии буолар.Маастардарбыт оҥоһуктарын нэһилиэнньэҕэ атыыга таһаарар сыалтан Уус дьиэтигэр анал киоска аһыллан үлэлиир. Ийэ дойдубутун көмүскүү сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар анаан “Бэрт Ууһун уустара” түмсүү 70 устуука саха кыыннаах быһаҕын оҥорон, харыс­тыыр, араҥаччылыыр аналлаах бэлэх оҥорон ыыппыттара.

Иннокентий Аммосов, Уус Алдан улууһун «Мындыр» түмсүү салайааччыта

Читайте дальше