Бу туһунан Мындаабатааҕы уокуруктан улуус мунньаҕын дьокутаата Владимир Дьяконов эттэ. Боппуруос хайдах быһаарыллан эрэрин туһунан Владимир Романович маннык кэпсиир:
– Мин бу бөһүөлэк төрүт олохтооҕобун. Ол иһин Мындаабам дьылҕатын туһугар долгуйабын. Билигин манна медпуун боппуруоһ бэрт сытыы кыһалҕа буолла. Мин 1992 сыллаахха быстах кэмҥэ атын сиргэ үлэлии барбытым. Оччолорго манна медпуун үлэлии турар этэ. Онтон 2016 сыллаахха дойдубар төннөн кэлбитим – медпуун диэн суох буолбут. Күн бүгүн Мындааба бөһүөлэгэр 1000-тан тахса киһи олорор. Этэргэ дылы, биир нэһилиэк дьоно. Ол иһин хайаан да медпууннаах буолуохтаах диэн боппуруоска үлэлэспитим ыраатта. Араас мунньахтарга туруорсан тыл бөҕөтө эттэҕим. Онтон, 2022 сыллаахха нэһилиэк дьокутаата буолан бараммын, бу боппуруоһу быыбардааччыларым накааһын курдук ылынан салгыы үлэлэһэн барбытым. Нэһилиэгим дьаһалтатыгар, улуустааҕы киин балыыһа салататыгар, доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр киирэ сылдьыбытым.
Онтон былырыын аны улуус мунньаҕын дьокутаата буоламмын, быыбардааччыларым накаастарынан быйыл улуус дьаһалтатын уонна бырабыыталыстыба отчуоттарыгар Мындаабаҕа медпуун баар буолуохтааҕын туһунан туруорустум.
Үөрүөм иһин, “муус хамсаары” гынна диэххэ сөп. Олунньу 15 күнүгэр улуус мунньаҕын сессиятыгар улуус кылаабынай бырааһа Анна Петрова бу боппуруоска анаан тохттон маннык хоруйу биэрдэ: «Мындаабаҕа медпууну арыйыы кыаллыан сөп. Онно нэһилиэк өттүттэн дьиэни-уоту булууга үлэлэһии наада. Оччотугар исписэлиис уонна медпуун оборудованиета толору баар буолуоҕа. Ититиитин, уотун, интернетин төлөһүүгэ табыгастаах көрүҥү булууга тэҥҥэ үлэлэһиэҕиҥ».
Медпууҥҥа дьиэ-уот булуутун боппуруоһугар Мүрү нэһилиэгин баһылыга Прокопий Румянцевтыын кэпсэтии бара турар, быһаарыллыах курдук. Онон Мындаабаҕа сотору кэминэн медпуун баар буолуо диэн эрэх-турах сананабын!
Афанасий Сектяев