Быйылгы үөрэх сыла өрүү буоларын курдук араас таһымнаах күрэхтэринэн, олимпиадаларынан, тэрээһиннэринэн баай буолла. Ол курдук, кулун тутар 16 күнүгэр “Кэрэчээн дорҕооннор” диэн баяҥҥа уһуйааччы Станислав Луковцев бырайыагынан 8-с төгүлүн баяҥҥа уонна норуот инструменнарын ансаамбылыгар, оркестрга доҕуһуоллааччыларга үрдүк таһымнаах күрэс буолан ааста.
Манна барыта 33 эдэр музыкант уонна ырыаны толорооччу күрэхтэстилэр. Баян кылааһын үөрэнээччилэрэ (преп. С.Н. Луковцев) бэйэлэрин сатабылларын, музыкальнай инструменнарга оонньуурга үөрэммиттэрин бигэргэтэн дьоһун ситиһиилэннилэр. Ол курдук улахан оҕолорго 1 ст. лауреат уонна Уус Алдан оройуонун талааннаах самодеятельнай баяниһа И.В. Готовцев аатынан бириис хаһаайына баян 3 кылааһын үөрэнээччитэ Аман Корякин буолла. Алын сүһүөх оҕолоругар 2 ст. лауреат, өрөспүүбүлүкэтээҕи баян бастакы күрэһин кыайыылааҕа, оскуолабыт выпускнига М.В. Мигалкин бирииһин баян 2 кыл. үөрэнээччитэ Айаал Атласов тутта. Улахан бөлөххө 1 ст. дипломант уонна Алексей Потапов студиятыттан сертификаты баян 4 кыл. үөрэнээччитэ Виолетта Колесова, 2 ст. дипломант баян 3 кыл. үөрэнээччитэ Артур Дедюкин, 3 ст. дипломант баян 4 кыл. үөрэнээччитэ Галя Бубякина туттулар. Кыра саастаах бөлөххө 3 ст. дипломант аатын баян 1 кыл. үөрэнээччитэ Семен Москвитин сүктэ. «Бастыҥ ырыаһыт» анал аат фортепиано 5 кыл. үөрэнээччитигэр Павел Саввиҥҥа ананна.
Музыкальнай фольклор 3-с кылааһын үөрэнээччилэрэ (преп. Л.С. Слепцова) кулун тутар 22 күнүгэр «Дьүрүһүй, хомуһум» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ “Чэчир” ансаамбылынан кыттан 3 ст. дипломант буоллулар, “Полярная звезда” зонатааҕы күрэһэр ансаамбылынан 1 ст. дипломант, хомуска биирдиилээн толорооччуларга 3 ст. лауреат Айыллаана Протодьяконова, 1 ст. дипломант Вилена Лугинова (олоҥхо) буоллулар.
Кулун тутарга “Новые имена Якутии-2024” эдэр толорооччулар өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас күрэстэригэр Суотту филиалыттан фортепиано кылааһын үөрэнээччитэ Карина Охлопкова (преп. Н.П. Заровняева) ”Учуутал-үөрэнээччи” анал аакка эрэллээхтик кытынна.
Музыкальнай салаа биир улахан ситиһиитинэн Владимир к. норуоттар икки ардыларынааҕы “Будущее планеты” айар күрэххэ Танда филиалыттан флейта 5 кылааһын үөрэнээччитэ Арсен Готовцев 65 оҕоттон 2-с ст. лауреат аатын ылыыта буолар. Салайааччы В.К. Кривошапкин күрэх финалыгар Санкт-Петербурга бочуоттаах ыалдьыт быһыытынан ыҥырылынна. Муус устар 4 күнүгэр сыл аайы ыытыллар “Юный теоретик – 2024” музыкальнай салааҕа үөрэнэр барыта 26 үөрэнээччи, үс бөлөҕүнэн сольфеджио олимпиадатыгар кытыннылар (преп. И.В. Ильина). Ол курдук 1-2-с кыл. 1 м. Семен Москвитин, 2 м. Сандаара Лукинова Суотту филиала, Сайаана Москвитина, 3 м. Айсена Ноговицына Суотту фил. Орто бөлөххө (3 кылаастарга) 1 м. Настя Нестерова, 2 м. Мичийэ Ларионова, 3 м. Света Нестерова, Аман Корякин. Улахан кылаастарга 1 м. Виолетта Колесова, 2 м. Галя Бубякина, 3 м. Сайаана Макеева, Сайаана Бурнашева. Хайҕал суругунан Карина Татаринова, Айна Оленова, Вилена Лугинова, Айыллаана, Сайнаара Протодьяконовалар наҕараадаланнылар.
Муус устар 6 күнүгэр баян кылааһын үөрэнээччилэрэ Аммаҕа “Чарующие звуки баяна” диэн САССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Г.В. Сидоркевич төрөөбүтэ 80 сылыгар аналлаах баянистар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэстэригэр кыайыы кэһиилээх кэллилэр. Бастакы ст. дипломунан уонна «Бастыҥ толорооччу – ДШИ үөрэнээччитэ» анал аатынан Виолетта Колесова наҕараадаланна, 2 ст. дипломунан Галя Бубякина, 3 ст. диплом Артур Дедюкин, Аман Корякин, Айаал Атласов. Бу күрэскэ Семен Москвитин «Саамай эдэр кыттааччы» анал аатынан, профессионаллар истэригэр 2 ст. дипломант преп. Станислав Луковцев буоллулар. 1 ст. дипломант Бороҕоннооҕу искусство оскуолатын выпускнига, билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аат. музыкальнай колледжка ситиһиилээхтик үөрэнэр Николай Готовцев кыттан оскуолатын, коллеһын аатын ааттатта.
“Музыкальное образование в Усть-Алданском улусе” бырайыагынан (ааптар И.В. Ильина) үөрэх управлениетын кытары улуус оскуолаларын музыка учууталларыгар, оҕо уһуйааннарын музыкальнай салайааччыларыгар аналлаах семинар-практикум тэрилиннэ. “Музыка для всех” бырайыак номнуо 10 сыллааҕы үлэтин түмүктээн, Чурапчыга ”Современные и инновационные методы обучения музыкального образования детей по проекту “Музыка для всех” семинар буолан ааста. Манна С.Н. Луковцев искусство оскуолатын бырайыагынан 10 сыллааҕы үлэтин сырдатта. С.Н. Луковцев “Дивные звуки”, ”Музыка для всех – история и перспективы” бырайыагынан оҕолор баяҥҥа доҕуһуоллааччылар күрэхтэригэр Бүтүн Россиятааҕы “Взаимодействие учреждений культуры и образования в музыкальном развитии детей и молодежи” диэн Д.Б. Кабалевскай төрөөбүтэ 120 сылыгар Новосибирскайга научнай-практическай конференцияҕа биһирэнэн, научнай ыстатыйата бэчээккэ таҕыста. Инникитин былаан элбэх, баҕа санааларбыт туолуохтара диэн эрэнэ хаалабыт.
Инна ИЛЬИНА, Бороҕоннооҕу оҕо искусство оскуолатын музыкальнай салаатын сэбиэдиссэйэ