Москваҕа биир дойдулаахпыт Николай Тарскай үөрэммит кыһатыгар ыалдьыттаатыбыт

Киэн туттар биир дойдулаахпыт государственнай уонна общественнай диэйэтэл, Саха сиригэр маассабай спорду, олимпийскай уонна национальнай спорт көрүҥнэрин түстээччи Николай Николаевич Тарскай төрөөбүтэ 100 сыллаах үбүлүөйүнэн сибээстээн, дойдутун дьоно уонна төрөппүт уола Александр Николаевич Тарскай буолан Москваҕа Николай Николаевич үөрэммит үөрэҕин кыһатыгар сырыттыбыт.

Ленин орденнаах Киин государственнай физическэй культура институтугар (ГЦОЛИФК – Государственный Центральный Ордена Ленина Институт Физической Культуры), ол эбэтэр Россия спорка университетыгар үөрэх тэрилтэтин үлэһиттэрин кытта көрсөн кэпсэтэн, үбүлүөйдээх сылынан дойдутуттан эҕэрдэ, махтал тыллардаах суругу, өйдөбүнньүк бэлэҕи, кинигэни туттардыбыт.

Бу үөрэх кыһата – дойдубут киэҥ историялаах, үтүө үгэстэрдээх, элбэх талааннаах салайааччы, олимпиецтар, чемпионнар, спортсменнар иитиллэн тахсыбыт кырдьаҕас үөрэҕин тэрилтэтэ. Университет спортивнай музейа аан дойдуга биир баай историялаах, үгүс элбэх, сэдэх экспонаттаах спорт эйгэтигэр биллэр-көстөр музей буолар.

Ыраахтан тиийбит дьон сиэринэн илии тутуурдаах, бэлэх кэһиилээх ыалдьыттаатыбыт. Дойдутун дьоно баатаҕайдар ааттарыттан эҕэрдэ суругу, Н.Н. Тарскай туһунан «Выдающиеся люди республики» сериянан тахсыбыт саҥа кинигэни, үбүлүөйдээх статуэтканы, мамонт муоһуттан сувениры бэлэх ууннубут. Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй культураҕа уонна спортка министиэристибэтин аатыттан махтал сурук уонна Саха сирин спордун историятын туһунан саҥа тахсыбыт кинигэни туттардыбыт. Тустуук спортсменнар ааттарыттан Н.Н. Тарскай төрөөбүтэ 100 сылынан анаан үбүлүөйдээх чороону өрө ууннубут, эҕэрдэ эттибит.

Н.Н. Тарскай уола Александр Николаевич университет спортивнай музейыгар 50-с сыллардааҕы аҕата үөрэммит кэмин кэрэһэлиир хаартыскалары, 1954 сыллааҕы выпуск түспүт уопсай хаартыскатын, Н.Н. Тарскай тус докумуоннарын бэлэхтээбиппитигэр музей директора Елена Сидорова үөрүүтэ үрдээтэ. Музейга ити сыллааҕы выпуск хаартыската суоҕун туһунан эттэ, оригинал хаартыска кэннигэр суруктаах, илии баттааһыннаах историческай хаартысканы тутан, үйэлээҕи сыаналыыр идэлээх үлэһит махтала муҥура суох буолла.

Инникитин даҕаны дойдубут биир сүдү үөрэҕин кыһатын кытта сибээһи быспакка билсэ, икки өттүттэн тэҥҥэ үлэлэһэр биир сүбэҕэ кэллибит.

Туяра Готовцева, СӨ Национальнай библиотекатын сүрүннүүр библиограба, “Баатаҕай” түмсүүтүн кыттыылааҕа

Читайте дальше