Ханнык да оскуола, үөрэх бары тэрилтэлэрин саамай көхтөөх, инники күөҥҥэ сылдьар, холобур буолар үөрэнээччилэрэ оҕо общественнай тэрилтэтигэр түмсэллэр. И.С. Портнягин аатынан Сыырдаах орто оскуолатын «Майаҕатта удьуордара» оҕо тэрилтэтэ үгүс көлүөнэни ситимнээбит, ситиһиигэ кынаттаабыт дьоллоох оҕо саас уйата буолар. Иилээн-саҕалаан тэрийээччилэринэн дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Ньургуйаана Хорунова, иитиигэ дириэктэр сүбэһитэ Наталья Антонова буолаллар.
Оҕо түмсүүтүгэр саамай күүтүүлээх үгэс быһыытынан ыытыллар тэрээһин «Биир санаанан» коммунарскай сбор быйыл сэтинньи 25 күнүгэр ыытылынна. Бэлиэ тэрээһиммит Мүрү 1-гы №-дээх оскуола 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Женя Тарскайга көмө быһыытынан аһымал акцияҕа уонна өрөспүүбүлүкэбитигэр Олоҥхо күнүгэр ананна.
Бу күн оскуолабытыгар улууспут, ону тэҥэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү оскуолатын тумус туттар, инники күөҥҥэ сылдьар 13 үөрэнээччитэ, лидердэрэ ыалдьыттаатылар. Уопсайа 200-чэкэ буолан, ол иһигэр 16 салайааччы, 3 муниципальнай куратор кыттыыны ылла. Киирии взностан уопсайа 36 700 солкуобай уу харчынан киирэн, ааҕар хамыыһыйа тута ааҕан улуустан кэлбит ыалдьыппыт, муниципальнай куратор Мария Винокуроваҕа туттарда.
Үөрэнээччилэр аҕыс этэрээккэ арахсан доҕордоһуу түһүлгэтин көҕүлүттэн туттулар, хамаанданы түмүүгэ араас толкуйдатар, сайыннарар көрүҥнээх оонньуулары ыыттылар. Олоҥхо күнүгэр олоҕуран оскуолалар бэйэни билиһиннэриилэрэ сахалыы олоҥхо тылынан ырыалаах-үҥкүүлээх буолуута көрөргө-истэргэ сонун буолан биэрдэ, салайааччылар сэҥээриилэрин ылла.
Олоҥхону сырдатар станцияларынан оонньуулар тэтимнээхтик ыытылыннылар. Ол курдук, оҕолор ордук астынан «Олоҥхо оонньуулара» уонна «Ааһан иһэн ааҕан аас» поэт, прозаик, драматург, сахалартан биир бастакы лингвист-учуонай, общественнай уонна государственнай деятель П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар анаан «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоттон быһа тардан дорҕоонноохтук ааҕыылара буолла. Оҕолору салайан кэлбит эр дьоҥҥо «Муҥха сатабыла» (технология учуутала В. Андросов), дьахталларга «Саҥа дьыллааҕы оҥоһук» (МПО педагога Зоя Копырина) уһун-киэҥ маастар-кылаастары сатабыллаахтык ыыттылар.
«Движение первых», «Навигаторы детства» муниципальнай куратордара Мария Винокурова, Мичил Дегтярев, Гаврил Бережнев үөрэнээччилэргэ айымньылаах үлэлэрин туһунан сырдаттылар, аныгы тэтимнээх эҕэрдэлэрин бэлэх ууннулар, значоктары, хаалтыстары, сертификаттары үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар.
Бу курдук, үгэс быһыытынан ыытыллар «Коммунарскай сбор» үгүс ыччаты доҕордоһуу түһүлгэтигэр түмэр, саҥаттан саҥа сулустары таһаарар.
Түмүккэ бука бары кыттыыны ыла кэлбит салайааччыларга оскуола салалтатын аатыттан махтал суруктары туттардыбыт. Бу курдук олус интэриэһинэй күн өссө да хатылана туруо диэн оскуола үөрэнээччилэрэ бары кэтэһэ хаалаллар. Кэлбит салайааччыларга, бары көмө буолбут учууталларга, оскуолабыт үлэһиттэригэр махталбытын тиэрдэбит.
Ньургуяна Хорунова, иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы