Муус устар 27 күнүгэр В.А. Протодьяконов-Кулантай аатынан Майаҕас орто оскуолатын коллективын, үөрэнээччилэрин Россияҕа – Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр – Оҕо саас, улууспутугар Аҕа сылларынан «Төрөөбүт дойдуга таптал дьиэ кэргэнтэн саҕаланар» диэн сыллааҕы отчуоттуур кэнсиэрдэрэ бэрт сэргэхтик, сонун таһымҥа ыытылынна.
Кэнсиэр үөрүүлээх арыллыытыгар өр сылларга үлэлээбит ытыктыыр коллегабытыгар Ким Кычкиҥҥа «Хоро нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо» аат уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин махтал суругун үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар. Ону тэҥэ «Хоро нэһилиэгин социальнай- экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэнэн алын сүһүөх кылаас учуутала Елена Стручкова, делопроизводитель Вера Стрекаловская наҕараадаланнылар.
Кэнсиэр оскуола үөрэнээччилэрин уонна коллективын Россия гимнин толоруутунан өрө көтөҕүллүүлээхтик арылынна. Оскуола ырыаһыт, үҥкүүһүт үөрэнээччилэрин уонна учууталларын нүөмэрдэрэ көрөөччүлэр ытыстарын дохсун тыаһынан арыалланнылар. Араас кэмнээҕи таҥас муодата көрдөрүллэн дьон сүргэтин көтөхтө. Кэнсиэр хас биирдии нүөмэрин үөрэнээччилэр уонна учууталлар солбуһа сылдьан биллэрбиттэрэ сонун сүүрээн буолла.
Кыттааччылартан «Дьолуо» фольклорнай бөлөх, Боотурдар уонна оскуола эдэр үлэһиттэрин үҥкүүлэрэ, 3-с кылаас үөрэнээччитэ Айтал Прокопьев ырыата кэнсиэр чаҕылхай нүөмэрдэринэн буоллулар. Кэнсиэри туруорууга күүс- көмө буолбут » Түмсүү» СК коллективыгар махтанабыт.
Надежда Самсонова, Майаҕас орто оскуолатыгар иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы