Майаҕаска кырдьаҕастары бурдук аһынан күндүлээтилэр

Майаҕас бөһүөлэгин дьаһалтата, бары тэрилтэлэрэ “Түмсүү” норуот айымньытын киинин көҕүлээһининэн аан дойдутааҕы аҕам саастаахтар декадаларын тэрээһиннээхтик ыыталлар.

Ол курдук, алтынньы 9 күнүттэн 13 күнүгэр диэри күн аайы сэргэх тэрээһиннэр: спортивнай күрэхтэһиилэр, олохтоох балыыһа үлэһиттэрэ дьиэнэн сылдьан саастаах дьон доруобуйаларын туругун көрүүлэрэ, тимуровскай үлэлэр, сурунааллары, хаһыаттары тиэрдии, о.д.а. ыытылла тураллар.

Олортон биир үгэс буолбут үтүө тэрээһининэн норуот айымньытын киинэ уонна нэһилиэк ыччата кыттыһан бурдук ас астаан кырдьаҕастарга бэлэх ууналлара буолар. Быйыл минньигэс бурдук аһынан номнуо 7-с сылларын күндүлээтилэр. Кырдьаҕастар, олор истэригэр сэрии кэмин оҕолоро Октябрина, Григорий Петровтар, Раиса, Дмитрий Крыловтар, үлэ, тыыл, спорт бэтэрээнэ, өрөспүүбүлүкэ ытык кырдьаҕаһа Розалия Васильева, о.д.а. үөрүүлэрэ муҥура суох.

 

Читайте дальше