Атырдьах ыйын 3 күнүгэр Бороҕон олохтоохторо киин уулусса тротуарынан маҥан таҥастаах сүүстэн тахса сааһырбыт дьон үөрэ-көтө Лөгөй аатынан болуоссакка тохтоон үҥкүүлээн, 50 диэн сыыппараны оҥорон, оһуохайдаабыттарын сонургуу уонна сөҕө, сэҥээрэ көрбүттэрэ.
Бу – 1974 сыллаахха оройуон 10 орто оскуолатын бүтэрбит дьон. Тэрээһини Г.В. Егоров аатынан Мүрү орто оскуолатын бүтэрбиттэрэ быйыл 50 сылын туолбут “Кыһыл көмүс выпуск” диэн ааттанар дьон биир санааҕа кэлэн (ол 2023 сыл от ыйыгар этэ), үөлээннээхтэрин түмэн ыыттылар. Оччотооҕу оскуолалартан биирдии-иккилии инники кэккэҕэ сылдьар көхтөөх дьону булан тэрийэр бөлөх оҥорбуппут уонна кинилэр нөҥүө хамсатыыны тохсунньуттан саҕалаабыппыт. Мин улуустааҕы бөлөх салайааччытынан анаммытым, онон маҥнайгы сирэйтэн кэпсиирим сөп ини. Киэҥ хабааннаах, дириҥ ис хоһоонноох тэрээһин Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас, Уус Алдан улууһугар Аҕа сылларыгар киһи олоҕор оҕо саас оруолун бигэргэтии, дьиэ кэргэҥҥэ, төрөппүккэ дириҥ махталы тиэрдии, идэ хайысхаларын талыыга туһаайыы, дойду историятыгар, төрөөбүт дойдуга тапталы пропагандалааһын, аҕа көлүөнэҕэ, үөрэх кыһатыгар ытыктабылга иитии, кэлээри турар Улуу Кыайыы 80 сылын уруйдуур, улуус дьонун сомоҕолоһууга ыҥырар соруктаах ыытылынна.
Тэрээһин слет аатынан барыыта историяны кытта ситимнээх. Лоп курдук 50 сыл анараа өттүгэр оччотооҕу “Дружба” кинотеатр дьиэтигэр оскуоланы бүтэрбит оҕолорго анаан слет ыытыллыбыта. Оройуон таһымнаах тэрээһиҥҥэ салалта улахан олох суолугар атаарбыт ыччата кэнники 50 сылга үөрэнэн, үлэлээн икки үйэ кирбиитигэр олох сайдыытыгар бэйэлэрин дьоһун кылааттарын киллэрдилэр. Биир көлүөнэ дьон, сэбиэскэй кэмнээҕи дьиэ кэргэн, оскуола ииппит оҕолоро үйэ аҥаарыгар туох дьон буолан таҕыстылар, туох ситиһии, уларыйыы баарын билсэ, төрөөбүт улуустарын дьонугар-сэргэтигэр отчуоттуу, 50 сыл анараа өттүгэр кинилэргэ анаан тэриллибит слекка махтана Бороҕоҥҥо түмүстүлэр.
Айылҕа анаабыт курдук сайыҥҥы күнү бэлэхтээн, слет кыттыылаахтара сарсыардаттан күнү кытта тэҥҥэ үөрэн-көтөн “Батыйа” комплекска муһуннубут. Ыраахтан-чугастан, ол иһигэр Францияттан уонна Сербияттан ытык Тойон Мүрүгэ үктэммит дьон сиэринэн алгыстанан “Батыйа” комплекска аҕа саастаах көлүөнэҕэ сүгүрүйэн, “Сэрии буолбатын, хаан тохтубатын!” диэн өйдөбүнньүк уонна кэриэстэбил чааһын ыыттыбыт. Сэриигэ охтубут буойуттар уонна сэрии кэмин оҕолоро төрөппүттэрбит кэриэстэригэр тохтобулга чуумпуран ыллыбыт, кыһыл гвоздика сибэккилэри дьоммут аатыгар уурдубут. Тэрээһин аата буолбут тыллардаах ырыаны ис сүрэхтэн ылынан күргүөмүнэн ыллаатыбыт.
Салгыы Бороҕон сэлиэнньэтин киин уулуссатынан Лөгөй аатынан болуоссакка сэлэлии хааман тиийдибит. Кыһыл көмүс выпуск сэлэлээн хаамыытын 1974 сыллаахха саҥа орто оскуола буолан бастакы бүтэрээччилэрин атаарбыт Бэйдиҥэ орто оскуолатын бастакы выпускниктара саҕалаабыттара. Салгыы И.Н. Жирков аатынан Дүпсүн, Курбуһах интэринээт-оскуолатын, Лөгөй оскуолатын, Г.В. Егоров аатынан Мүрү орто оскуолатын, Найахы, Суотту, Сыырдаах, Я.М. Свердлов аатынан Танда орто оскуолаларын бүтэрбиттэр холуонналара иннилэригэр оскуолаларын аатын күөрэччи тутан, оскуолаларын аата көмүс буукубанан суруллубут уратылаһар өҥнөөх лиэнтэлэрдээх хааман болуоссакка оскуолаҕа курдук “линейкаҕа” турдулар.
Ол сыл 367 оҕо 10 кылаастаах оскуоланы бүтэрэн, ситии-хотуу аттестатын, үлэҕэ, үөрэххэ анаммыт путевканы туппут, улахан олоххо атаарыллыбыт күммүтүн санаан ылллыбыт. Үөрэҕи, үлэни тутуһар баҕалаах улахан олоххо үктэнэр үгэс буолбут оскуоланы бүтэрбит баалбытын санатан, Бэйдиҥэ талааннаах кыыһа А.Н. Жиркова-Дьүөрэл тылыгар, матыыбыгар уонна толоруутугар “Үчүгэйиэн” диэн ырыанан вальска эргийдибит. Вальска эргийэр курдук оҕо саастан саҕалаан кэм-кэрдии хас биирдиибитин олох устун эргитэн, бүгүн балайда хаары санныбытыгар сүгэн, ол эрээри эдэрдии дууһалаах, сырдык үтүө санаалаах, дойдубут туһугар үлэни өрө тутан үлэлээбит, олоҕу олорбут, улахан дьиэ кэргэн эһэтэ, эбэтэ буолбут дьон көмүс выпуск үөрүүлээх слета аһыллыбытын көхтөөх ытыс тыаһынан көрүстүлэр. Кыһыл көмүскэ тэҥнэнэр 50 сылбытынан 1974 с. Уус Алдан оройуонун 10 орто оскуолатын бүтэрбиттэр – биир кэм оҕолоро, сэбиэскэй оскуола үөрэнээччилэрэ буоларбытын бары бииргэ 50 диэн сыыппараны оҥорон бэлиэтээтибит. Эбиэт кэнниттэн Уус Алдан 74-тэрин быыстапката слет кыттыылаахтарын кэлиҥҥи сылларга сөбүлүүр дьарыгын, интэриэһин арыйда.
Слет өрөгөй чааһа чуораан тыаһынан саҕаланна, 50 сыл анараа өттүгэр ыытыллыбыт слет туһунан “Ленинскэй тэрийээччи” хаһыакка общ. кэрэспэдьиэн Е. Федоров үйэтиппит суруйуутугар олоҕуран ыытылынна, 1974-2024 сыллар икки ардыларыгар ситим тардылынна. Салгыы “Оҕо сааска эргиллэр күндү күммүт дьэ үүннэ!” диэн сонун түһүмэх бииргэ үөрэммиттэр көрсүһүүлэрэ саҕаланна. Слет дойдуга, үөрэммит оскуолаҕа, учууталларга отчуоттуур чааһа оскуолаларынан бэйэни билиһиннэрии көрүҥүнэн ыытылынна. Уус Алдан 1974 с. көмүс выпуһа дэнэр дьонун ортотугар республикаҕа биллэр араас идэлээх, олох араас хайысхатыгар үрдүк көрдөрүүлээх үлэһит элбэҕиттэн киэн туттабыт.
Үлэни өрө туппут көлүөнэни улуус дьаһалтатын баһылыга В.И. Аммосов, Мүрү нэһилиэгин баһылыга П.Ф. Румянцев, үөрэх салаатын салайааччыта С.М. Литвинцев, култуура, доруобуйа харыстабылын эппиэттээх үлэһиттэрэ, М.Д. Гуляев эҕэрдэлээн наҕараадалары туттардылар.
Слет биир саамай долгутуулаах түһүмэҕэ учууталларга ананна. Биология учуутала Анна Петровна Андреева, Дүпсүнтэн төлөннөөх пионер баһаатайа Анна Бурнашева, нуучча тылын учуутала Альбина Говорова, Мүрүттэн география учууталлара Анатолий Никифоров, Михаил Жирков ыҥырыыны ылынан кэлбит күндү ыалдьыт буоллулар. Кинилэргэ үөрэппит, ииппит оҕолорун ааттарыттан биир-биир сылаастык махтанныбыт. Слет сынньалаҥ киэһэтинэн түмүктэннэ. Оҕо саас кэминээҕи “А ну-ка, девушки!”, “А ну-ка, парни!” күрэхтэһиилэр буоллулар.
Онон киэҥ ис хоһоонноох тэрээһиммит улахан хамаанда үлэтин түмүгүнэн табылынна, үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Тэрээһини көҕүлээбит Мүрү оскуолатын 1974 с. бүтэрбиттэр ааттарыттан ыҥырыыбытын ылынан слекка кыттыыны ылбыт үөлээннээхтэрбитигэр уонна өйөбүллэрин иһин улуус баһылыгар В.И. Аммосовка, Мүрү нэһилиэгин баһылыгар П.Ф. Румянцевка, үөрэх управлениетын салайааччытыгар С.М. Литвинцевка, култуура управлениетын начальнигын солбуйааччытыгар С.М. Стручковаҕа, “Өркөн” оҕо киинин салайааччытыгар Я.И. Колодезниковка, урбаанньыт Г.Г. Шелковниковка, тэрээһиммитин үйэтиппит Е.М. уонна И.И. Окоемовтарга истиҥ махталбытын тиэрдэбит.
Клара Троева