Сэһэн Ардьакыап аатынан улуустааҕы история, кыраайы үөрэтэр музей Ленинград төгүрүктээһинтэн босхоломмута 80 сылыгар аналлаах музейнай уруоктары ыытта.
Бу уруоктарга Мүрү 1 нүөмэрдээх орто оскуолатыттан 80-ча оҕо сырытта. Оскуола 11 «б» уонна «а» кылаастарын үөрэнээччилэригэр музей методиһа Оксана Прядезникова блокада туһунан кылгас иһитиннэриитин кэннэ документальнай киинэни көрдөрдүлэр.
Музей пуондаҕа үлэһитэ Сардаана Бочкарева оҕолорго гвоздика оҥортордо. Блокадаҕа өлбүттэр кэриэстэригэр чуумпуран ылыы кэнниттэн оҕолор оҥорбут гвоздикаларын уурдулар.
Туйгун үөрэнээччи Маша Осипова былырыын муус устарга Санкт-Петербург куоракка «Особняк Румянцева» диэн аатынан биллэр Арассыыйа биир улахан историческай музейыгар сылдьан блокада туһунан үгүһү билэн кэлбитин аҕынна. Маша бу сырыытын умнубат, олус долгуйбутун, блокадаҕа хоргуйан өлбүттэри аһыммытын ахтар уонна маннык аны хатыланыан баҕарбатын этэр.
Төһө да 80 сыл аастар билиҥҥи көлүөнэ оҕолор аччыктааһыны аахсыбакка хорсуннук сэриилэспит Ленинград куорат олохтоохторун эр санааларын, хорсун быһыыларын үөрэтэр, ылынар, кэриэстиир.
Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.