Лөгөй лицей-интернатыгар Оготоевскай олимпиада быйыл 25-с төгүлүн ыытылынна

Саха АССР үтүөлээх учуутала, РСФСР норуот үөрэхтээһинин туйгуна Петр Оготоев кэриэһигэр  Лөгөй оскуолатыгар 25-с төгүлүн, 4-с төгүлүн кэтэхтэн нуучча тылыгар олимпиада буолан ааста.

Уопсай түмүккэ 1-кы миэстэни Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолата, 2-с миэстэни Лөгөй лицей-интерната, 3-с миэстэни Мүрү 2-с №-дээх орто оскуолата ситистилэр.

Маны сэргэ олимпиада чэрчитинэн учууталларга «Филологический турнир» тэрилиннэ.

Тэрээһин күндү ыалдьыттарынан Петр Васильевич Оготоев оҕолоро буоллулар. Кинилэр сылын аайы аҕаларын ахтан-чиэстээн «Оготоевскай олимпиаданы» үрдүк таһымҥа ыытар Лөгөй лицей-интернатыгар (дириэктэр Михаил Пухов) махтаннылар. Ону таһынан кыттыбыт оҕолорго барыларыгар махтал суруктары туттардылар. Оттон үөрэх улуустааҕы управлениетыгар, олимпиада сорудахтарын бэлэмниир доцент В.В. Аммосоваҕа, Лөгөй лицей-интернатын методическай түмсүүтүгэр, информатика учууталыгар, библиотека ааҕар саалатыгар кинигэлэри бэлэх ууннулар.

Екатерина Мигалкина, уопсас. кэрэсп.