С.С. Васильев–Борогонскай аатынан улуустааҕы киин библиотекаҕа Лаврентий Новогодин төрөөбүтэ 80 сылынан дьыалабыай оонньуу ыытылынна. Тэрээһини Лаврентий Иванович кэргэнэ уонна оҕолоро, ону тэҥэ киин библиотека коллектива тэрийдилэр.
Тэрээһин туһунан киин библиотека дириэктэрин солбуйааччы Альбина Дегтярева:
– Оонньууга барыта 22 чаҕылхай ыччат кыттыыны ылла, 7 хамаандаҕа арахсан бэйэлэрин бырайыактарын дьүүллүүр сүбэ иннигэр көмүскээтилэр. Хамаандалар туризм, ыччат хамсааһынын сайыннарыы, оҕону кыра эрдэхтэн үлэҕэ сыһыарыы о.д.а. тиэмэлэргэ олус үчүгэй бырайыактары оҥорбуттарын дьүүллүүр сүбэ бэлиэтээтэ.
Түмүккэ 1-кы миэстэни ылбыт хамаанда 30 000 солкуобай харчынан, анал кубогынан наҕараадаланна, бирииһи Лаврентий Иванович кэргэнэ уонна оҕолоро туруордулар. 2-с миэстэни ылбыт хамаанда 20 000 солкуобай харчыны ылла, бирииһи Лаврентий Иванович бииргэ төрөөбүттэрэ, чугас дьоно туттардылар. 3-с миэстэни ылбыт хамаанда улуус дьаһалтата туруорбут 10 000 солкуобай суумалаах сертификатын тутта.
Дьүүллүүр сүбэҕэ бэрэссэдээтэлинэн улуус баһылыгын солбуйааччы Анатолий Сторожев, чилиэннэринэн улуус дьаһалтатын үлэһиттэрэ буоллулар.