Кулун тутар 25 күнүгэр Дүпсүннээҕи «Кэскил» оҕо уһуйаана (сэб. А.В. Молокотина, бас иитээччи С.Н. Новгородова) Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылларыгар аналлаах улуустааҕы «Дьиэ кэргэн – бигэ тирэхпит» диэн араатардар күрэхтэрин оскуола иннинээҕи саастаах кырачааннар дьиэ кэргэттэрин туһунан сахалыы тылынан иҥнибэккэ-толлубакка, туттан-хаптан, хомоҕойдук кэпсииллэригэр туһулаан тэрийэн ыытта.
Бу күрэх сүрүн сыалынан оҕо ситимнээх саҥатын сайыннарыы. Күрэххэ кыттаары иитээччи, оҕо, төрөппүт бары түмсүүлээхтик үлэлээбиттэр. Ол курдук, презентация оҥоруутугар дьиэ кэргэн оҕо иитиитигэр, сайдыытыгар оруола көстүбүт, оҕолор тылларын чочуйбуттар, нойосуустаан ааҕан эрэ буолбакка, интонацияҕа, туттарга-хаптарга үөрэппиттэр. Уруулар сахалыы ааттарын: таай, саҥас, абаҕа, хотоҕой, о.д.а. элбэҕи билбиттэр. Кыра бөлөх иитиллээччилэрэ бу күрэххэ кыттаары төрөппүттэрин, ийэлэрин, аҕаларын толору ааттарын этэр буолбуттара эмиэ улахан ситиһии буолар.
Барыта 9 оҕо саадтан 21 иитиллээччини истэн түмүк таһаардыбыт.
Кыттааччылар бэйэлэрин саастарыгар сөптөөхтүк саҥараллар, көрдөрөр матырыйаалларынан туһанан кэпсииллэр.
Кыра бөлөхтөргө лауреат үрдүк аатын Магдалена-Айталыына Нафанаилова (“Күнчээнэ”, Мындаба), 1 миэстэни Розанна Павлова (“Туллукчаан”, Бээди), 2 миэстэни Василина Сыроватская (“Кэскил”, Дүпсүн) ылыллар. Орто бөлөххө: лауреат Эрсан Черкашин (“Күнчээнэ”, Мындаба), 1 миэстэ Карина Дмитриева (“Чуораанчык”, Тиит-Арыы), 2 миэстэ Мичийээнэ Троева (“Татыйык”, Тулуна), Эрсан Кудрин (“Кэскил”, Дүпсүн), 3 миэстэ Күннэй Стручкова (“Чэчир”, Кэптэни), Артем Аргунов (“Чуораанчык”, Тиит-Арыы), улахан бөлөххө: лауреат Арылхан Васильев (“Сардаана”, Бороҕон), 1 миэстэ Кристина Бурнашева (“Кэскил”, Бороҕон), 2 миэстэ Регина Кривошапкина (“Кэскил”, Дүпсүн), 3 миэстэ Гульнара Соловьева (“Кэскил”, Дүпсүн), бэлэмнэнии бөлөххө: лауреат Сеня Барашков (“Чуораанчык”, Уус-Күөлэ), 1 миэстэ Ринат Шепелев (“Күнчээнэ”, Мындааба), Юлиана Румянцева (“Мүрүчээнэ”, Бороҕон), 2 миэстэ Айнаара Григорьева (“Сардаана”, Бороҕон), Айаал Степанов (“Күнчээнэ”, Мындаба), 3 миэстэ Петя Тарскай (“Кэскил”, Бороҕон), Амира Сергучева (“Чуораанчык”, Тиит-Арыы) буоллулар. Бу күрэх муҥутуур кыайыылааҕынан, Гран-при хаһаайкатынан Тамира Игнатьева «Кэскил» оҕо саадын бэлэмнэнии бөлөҕүн иитиллээччитэ (Дүпсүн) буолла. Тамира дьиэ кэргэнин туһунан олус үчүгэйдик бэлэмнэнэн кэпсээбитин дьүүллүүр сүбэ хайҕаата.
Дьүүллүүр сүбэҕэ Дүпсүн орто оскуолатын үөрэх чааһыгар завуһа, саха тылын уонна литературатын учуутала Ньургуйаана Сивцева, Дүпсүн орто оскуолатын нуучча тылын ветеран учуутала Фаина Неустроева үлэлээтилэр.
Саргылаана Новгородова, Дүпсүннээҕи «Кэскил» оҕо саадын бас иитээччитэ