Улууспут култуурунай олоҕун ырыа-үҥкүү түмсүүлэрэ, бөлөхтөрө арылхайдык киэргэтэллэр. Ыам ыйын 24 күнүгэр «Күндүйэ» үҥкүү коллектива тэриллибитэ 10 сылын бэлиэтиир үбүлүөйдээх кэнсиэрэ буолан ааста.
«Күндүйэ» үҥкүү бөлөҕө 2014 сыллаахха «Мындааба» сынньалаҥ киин иһинэн Людмила Андросова көҕүлээһининэн тэриллибитэ. Коллектив бастакы салайааччытынан Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх, оччолорго тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһинэн үлэлиир эдэркээн кыыс Күндүйээнэ Стручкова буолбута. Эдэркээн кыыс кутун-сүрүн, иэйиитин барытын ууран туран үлэлээбитэ. Ол күнтэн биир санаалаах эдэр ийэлэр түмсэннэр, үҥкүүнү аргыс оҥостон биир эйгэҕэ айан-тутан саҕалаабыттара, ол тэтимнэрин бу күҥҥэ диэри ыһыктыбакка үҥкүүлүү сылдьаллар.
2017 сылтан үҥкүү коллективын Лариса Аргунова салайбыта. Кини бэйэтин ис туругун, айылҕаны кытта ситимин хамсаныыларыгар көрдөрөн үҥкүү эйгэтигэр баһаам кылаатын киллэрбитэ, «күндүйэлэр» араас элбэх аан дойдутааҕы, республикатааҕы, улуустааҕы күрэстэргэ, фестивалларга кыттан лауреат, дипломант аатын сүкпүттэрэ.
Билигин салайааччынан айылҕаттан айар талааннаах Марияна Фомина үлэлии-хамсыы сылдьар. Ол курдук «күндүйэлэр» улууска, нэһилиэккэ ыытыллар араас тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталлар.
Коллективка 2014 сылтан үҥкүү кэрэ эйгэтигэр уйдаран араас элбэх кыыс үҥкүүлэһэн бэйэлэрин кылааттарын киллэрсибиттэрэ. Билигин ансаамбылга барыта 14 кэрэ аҥар утумнаахтык дьарыктанар. Кэнсиэргэ сүрүннээн араас омук үҥкүүтүн сөбүлээн толорор «күндүйэлэр» үҥкүүлэрин таһынан кэрэ эйгэтигэр алтыһан кэлбит доҕотторо-атастара – мааны куоластаах ырыаһыттар, улуус хореографтарын ассоциациятын чилиэннэрэ салайар бастыҥ үҥкүү коллективтара кытыннылар. «Күндүйэлэри» айар киэһэлэринэн эҕэрдэлээн туран улуус култуураҕа салалтатын начальнига Сергей Нафанаилов, «Мүрү нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин дьаһалтатын баһылыга Прокопий Румянцев уонна тэрилтэлэр профкомнара наҕараадалары туттардылар.
Мария Аргунова