Биһиги ийэбит үлэ уонна тыыл бэтэрээнэ, «1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин», В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сылынан “Килбиэннээх үлэтин иһин”, “Ийэ албан аата” мэтээл 2-с истиэпэнинэн уонна элбэх үбүлүөйдээх мэтээллэр хаһаайыннара, хас да төгүллээх Баатаҕай нэһилиэгин сэбиэтин депутата, Уус Алдан улууһун Баатаҕай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Екатерина Николаевна Матвеева быйыл төрөөбүтэ 100 сылын туолар.
Сүүрбэһис үйэҕэ дойдубут үрдүнэн буолан ааспыт олох үгүс балысхан уларыйыыларын уонна сөҕүмэр сайдыытын уһансааччыларынан, социальнай-экономическай тутулун уларыйыытын кэрэһиттэринэн – биһиги көлүөнэ дьон төрөппүттэрэ буолаллар. Олортон биирдэстэринэн биһиги ийэбит буолар.
Кини 1924 сыллаахха Уус Алдан оройуонун I Өспөх нэһилиэгин Чараҥайыгар Николай Евсеевич Тарскай I уонна Мария Романовна Тарская I (Аманатова) дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Аҕата Николай Евсеевич I 1926-1930 сс. нэһилиэк сэбиэтин пленумун чилиэнинэн уонна нэһилиэк сэбиэтин президиумун чилиэнинэн, 1930-1932 сс. “Чараҥай” холкуос бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. 1932-1933 сс. Дьокуускайга үөрэнэн холкуостаахтар куурустарын бүтэрбитэ. 1933-1935 сс. Дьокуускайдааҕы пединститут педагогическай рабочай факультетыгар үөрэммитэ. Сэбиэскэй-партийнай үлэһит буолан, партия обкомун сорудаҕынан араас салайар үлэҕэ анаммыта. Сэрии иннинэ Бороҕоҥҥо райпо бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ, 1935 с. партия уобаластааҕы комитетын тыа хаһаайыстыбатыгар отделын командировкатынан Уус Маайа оройуонун Күп нэһилиэгэр “Нуотара” этин сопхуоһун тэрийсибитэ. 1935-1937 сс. онно учаастак сэбиэдиссэйинэн, 1937-1939 сс. Уус Маайа оройуонугар сир салаатын инструкторынан уонна Эдьээн нэһилиэгэр Емельянов аатынан холкуоска бэрэссэдээтэлинэн ананан үлэлээбитэ. Онтон 1939-1941 сс. Уус Алдан оройуонугар сир салаатын сэбиэдиссэйинэн анаммыта. 1941-1942 сс. Суотту наспотун бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьан, 1942 сыллаахха фашистскай халабырдьыттарыттан Ийэ дойдутун көмүскүү фроҥҥа тылланан барбыта уонна онтон эргиллибэтэҕэ. Көмүс уҥуоҕа Курскай уобалас Колобино дэриэбинэтин чугаһыгар көмүллэн сытар.
Екатерина Николаевна 1941 сыллаахха Чараҥай 7 кылаастаах оскуолатын бүтэрбитэ. 1929 сыллаахха үлэҕэ киирбит Чараҥай оскуолатын тутуутугар эһэтэ Евсей Филиппович уонна аҕата Николай Евсеевич I Тарскайдар быһаччы сыһыаннаахтар. Эһэтэ Евсей Филиппович аатырбыт мас уонна тимир ууһа, «Чараҥай союһун» тэрийээччилэриттэн уонна салайааччыларыттан биирдэстэрэ (1908-1909), Чараҥай оскуолатын акылаатын кини түһэрэн маастардаан туттарбыта. 1925 сыллаахха кини өлбүтүн кэннэ оскуола тутуутун уола Николай Евсеевич салайан ыыппыт. Ийэбит Екатерина Николаевна Дьокуускайга фельдшер-акушер оскуолатыгар үөрэнэ киириэхтээҕин сэрии мэhэйдээн, ыра санаата туолбатаҕа. Нэһилиэк сэбиэтигэр сэкирэтээринэн үлэлии сылдьан, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕар Петр Егорович Матвеевка кэргэн тахсыбыта. П.Е. Матвеев учуутал уонна Дьокуускайдааҕы национальнай байыаннай оскуоланы бүтэрбит анал байыаннай үөрэхтээх, лейтенант званиелаах гвардия офицера. Калининскай уонна III Украинскай фроннарга противотанковай артиллерийскай взвод хамандыырынан хорсуннук сэриилэспитэ, онтон улаханнык бааhыран, 1944 сыллаахха дойдутугар эргиллибитэ. Кини Аҕа дойду Улуу сэриитин 2-с истиэпэннээх уордьанынан, элбэх бойобуой мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Төhө да доруобуйата айгыраабытын иhин, кини үлэ үөhүгэр сылдьыбыта. Ол курдук, дойдутугар Чараҥайга Карл Маркс аатынан холкуоска бэрэссэдээтэлинэн, Дьокуускайга радиокомитекка тыа хаһаайыстыбатын отделыгар редакторынан үлэлээбитэ. Аҕабыт сэриигэ ылбыт бааһырыыларыттан уһаабатаҕа, эрдэ олохтон туораабыта.
Ийэбит Екатерина Николаевна 26 сааhыгар биэс оҕолоох тулаайах хаалбыта. Онон 1951 сыллаахха дойдутугар Уус Алдан Чараҥайыгар көhөн тахсан сүөhү-ас тутан, оҕуруот аhын олордон, биһигини төһө кыалларынан сөпкө аһатан улаатыннарбыта, үөрэттэрэн атахпытыгар туруорбута.
Ийэбит Екатерина Николаевна сүрдээх үлэhит, тулуурдаах, мындыр, аhыныгас дууhалаах, дьиҥнээх саха дьахтара этэ. Сэрии ыар кэмнэригэр да, сэрии кэнниттэн да тиийиммэт-түгэммэт олоҕу дьахтар киһи намчы санныгар уйбута. Кини 15 сааһыттан 50-н сааһыгар диэри, ол аата 35 сыл устата, олорбут нэһилиэгэр холкуоска бары күүһүн-уоҕун ууран туран таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Хонуу бастыҥ үлэһитэ буолан, 1947 сыллаахха “1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэрии сылларыгар “Үлэҕэ килбиэнин иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Сэрии кэнниттэн дойдуну чөлүгэр түһэриигэ киһи барыта биир санаанан күүстээх үлэҕэ туруммута. Сэрии кэнниттэн комсомольскай үлэҕэ актыыбынайдык кыттан өрөспүүбүлүкэ хаhыатыгар хайҕанан тахсыбытын урукку хаhыаттартан булан, Баатаҕай оскуолатын «Кылыhах» түмсүү ирдээччилэрэ сырдаппыттара.
Онтон кэлин оҕолорун үөрэттэрээри уонна суопсунас сүөһүтүгэр холкуостан отунан аахсаары тылланан сүөһү үлэтигэр киирбитэ. Үрдүк көрдөрүүлээх, эҥкилэ суох таһаарыылаах үлэтин иһин, 1970 сыллаахха В.И.Ленин төрөөбүтэ 100 сылын туолуутугар үбүлүөйдээх мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Ийэбит дьоҥҥо үтүө сыһыана, сырдык, күүстээх санаата биһиэхэ бастыҥ холобур буолбута. Кини фермаҕа бииргэ үлэлиир коллегаларыгар куруутун күүс-көмө, сүбэ-ама буолара, эдэр үлэһиттэргэ өрүүтүн наставник быһыытынан үлэлиирэ. Ыанньыксыт чэпчэкитэ суох үлэтин, дьиэ-уот, бэйэ сүөһүтүн-аһын көрүүтүн-харайыытын сэргэ Екатерина Николаевна нэһилиэк общественнай олоҕор актыыбынайдык кыттара. Оскуолаҕа өрүүтүн сылдьара, төрөппүттэр сэбиэттэрин чилиэнэ этэ. Учууталлар үөрэтэр оҕолорун олохторун-дьаһахтарын, ис туруктарын билэн-көрөн сыһыаннаспыттарыгар ийэбит махтаныан махтанара.
Екатерина Николаевна хас да төгүл нэhилиэк сэбиэтин депутатынан талыллан үлэлээбитэ. Онон Баатаҕай нэһилиэгин Биэттэ бөһүөлэгин социальнай-экономическай сайдыытын түстээһиҥҥэ уонна ону олоххо киллэриигэ дьаныһан туран утумнаахтык үлэлээбитэ. Киниэхэ “Баатаҕай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо” аат иҥэриллибитэ.
Сааһыран да баран, кини олох тэтимиттэн тэйбэтэҕэ. Үүнэр көлүөнэҕэ тириэрдэр сорук туруорунан Чараҥай аҕатын ууһа ханнык алаастарынан олорбутун туһунан ахтыы оҥорбутун уола Петр Петрович сурукка тиспитэ 2007 сыллаахха тахсыбыт “Төрөөбүт түөлбэбит – Баатаҕай” диэн Баатаҕай нэһилиэгин баай историятын кэпсиир Д.А. Ефимов кинигэтигэр киирбитэ. Ааспыт үйэ 80-с сылларын бүтүүлэригэр дойдуга, өрөспүүбүлүкэҕэ саҥа сүүрээн буолан араас куонкурустар ыытыллар буолбуттарыгар ийэбит Екатерина Николаевна оонньуу-күлүү кэриэтэ эппитэ: “Мин эмиэ куонкурус биллэрэрим дуу? Сыл бастыҥ күтүөтэ диэн”. Эбэлээх ийэбит иккиэн дурда-хахха буолар чугас дьонун уоттаах сэрии уорааныгар былдьаппыт сүтүктээх буоланнар, күтүөттэригэр истиҥ сыһыаннаах этилэр. Кинилэри чугастык ылыммыттара, харыстабыллаахтык сыһыаннаспыттара. Сыл бастыҥ күтүөтүн аатыгар сыл устата ситиһиилэммит күтүөт тиксэрэ: үлэҕэ ситиһиилэринэн, оҕолор үөрэхтэринэн, дьиэ-уот тутуутунан о.д.а. Ийэбит муударай буолан, хайа да күтүөтүн дьиэ-иһинээҕи титултан матарбат этэ. “Сыл бастыҥ күтүөтэ” аакка үксүгэр ийэбитин көрөн-истэн олорор Мигалкиннар ыал аҕа баһылыга Василий Васильевич тиксэрэ. Биһиги ыал аҕабыт С.И. Сергеев кыргыттара оскуоланы кыһыл, үрүҥ көмүс мэтээллэринэн, үрдүк үөрэҕи кыһыл дипломунан бүтэрбит сылларыгар кыайыылааҕынан тахсара. Ийэбит сырдыкка, сайдыыга талаһар өйдөөх-санаалаах буолан, бэйэтин холобурунан биһигини кинигэни ааҕарга уонна таптыырга умсугуппута, үлэҕэ, үөрэххэ угуйбута. Кини сиэннэрин үөрэххэ, олимпиадаларга ситиһиилэриттэн үөрэрэ. Сиэннэрэ Валерия, Игорь, хос сиэнэ Василий кыһыл көмүс, сиэнэ Мария үрүҥ көмүс мэтээллэринэн оскуолаларын бүтэрбиттэрэ. Оттон сиэнэ Сардана, хос сиэнэ Егор үрдүк үөрэҕи кыһыл дипломнаах түмүктээтилэр.
Биһигини биэс оҕону ийэбит Екатерина Николаевна соҕотоҕун үлэлээн, иитэн-аһатан улаатыннарбыта, барыбытын үөрэттэрэн үлэһит, ыал оҥортообута. Аны тыаҕа олорор дьахтар киһиэхэ дьиэ ис-тас үлэтэ, от-мас тиэйтэриитэ, быһата, элбэх оҕолоох уонна кырдьаҕастаах ыал кыһалҕатын быһаарыы – бу хорсун быһыы, ис сатабыл буоларын өйдүүбүт. Төһө да аҕа диэни билбэтэрбит, «аҕа» диэн тылы ааттаан ыҥырбатарбыт, бэйэбитин тулаайах курдук санаммакка, ийэ-эбэ тапталыгар бигэнэн иллээх-эйэлээх улахан дьиэ кэргэн буолан олорбуппут. Биһиги эбэбит Мария Романовна I, эмиэ сэрии огдообото, кыыһыгар Екатерина Николаевнаҕа күүс-көмө буолбута, биһигини, сиэннэрин иитиспитэ. Кини 1984 сыллаахха кыыһыгар олорон 83 сааһыгар орто дойдуттан барбыта. Биһиэхэ эбэ диэн эйэҕэс мөссүөнү, үтүө өйдөбүлү, умнуллубат махталы хаалларбыта.
Бэйэтин оҕолорун кытта тэҥҥэ ийэбит бииргэ төрөөбүт балтын Клараны (аҕата Николай Евсеевич Тарскай I сэриигэ барарыгар хаама илик оҕо) көрөн-истэн улаатыннарбыта, анал орто үөрэххэ үөрэттэрэн идэлээх үлэһит оҥорбута. Клара кэргэн тахсан алта оҕолоох ыал тапталлаах ийэтэ, элбэх сиэн эйэҕэс эбэтэ буолбута. Ийэбит Екатерина Николаевна убайын Николай Евсеевич Тарскай II Таатта оройуонугар партия райкомугар партийнай кабинет сэбиэдиссэйинэн үлэлии олорон ыалдьан олохтон туораабытыгар оскуолаҕа үөрэнэр кыыһын Альбинаны бэйэтигэр ылан оскуоланы Баатаҕайга бүтэттэрбитэ, салгыы Нам педучилищетыгар киирэригэр сүбэлээн балта учуутал буолбута. Ахтан аһардахха, Тарскай Николай Евсеевич II учуутал үөрэҕин бүтэрэн үлэтин Горнай оройуонугар математика уонна физика учууталынан саҕалаабыта, салгыы үөрэх инспекторынан, РайОНО сэбиэдиссэйинэн, партия райкомугар штатнай пропагандиһынан үлэлээбитэ. Партийнай кабинет сэбиэдиссэйинэн үлэлии олордоҕуна сэрии саҕаламмытыгар дойдутун көмүскүү Забайкальскай фроҥҥа тиийбитэ, Порт Артурдааҕы 245-с истребительнэй Авиадивизия политотделыгар инструкторынан сулууспалаабыта. Сэрии кэнниттэн дойдутугар Уус Алдаҥҥа уонна Таатта оройуонугар партия райкомугар үлэлээбитэ.
Маны таһынан Чараҥай оскуолата Баатаҕайга көһөн, Чараҥай үгүс оҕото олорор, үөрэнэр усулуобуйалара ыараабытыгар ийэбит аймах оҕолору бэйэтин дьиэтигэр олордон үөрэттэрэрэ. Сорохтор интернат аһыллыар диэри эмиэ биһиэхэ олороллоро. Бу барыта ийэбит Екатерина Николаевна үтүө санаалааҕын, аһыныгас майгылааҕын, дьоҥҥо көмөлөһөр амарах дууһалааҕын кэрэһитэ буолаллар.
Ийэбитигэр Екатерина Николаевнаҕа барҕа махталбыт – аҕата суохпутун дууһабытыгар сөҥүрдүбэккэ ийэ-аҕа оруолун иккиэннэрин толорон, самныбакка иитэн-үөрэттэрэн күн бүгүҥҥэ диэри саха саргытын, дьолун-соргутун биһиги, оҕолоро уонна сиэннэрэ, уһанса олорорбут, норуот хаһаайыстыбатын араас салааларыгар үлэлээн төрөөбүт республикабытыгар туһалаах дьон буолбуппут:
- Изабелла Петровна Матвеева СГУ биолого-географическай факультетыгар үөрэнэн биолог идэлээх, биологическай наука кандидата, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ Горнай институтун доцена, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, “Саха дьахтара – Алаас Хотуна” өрөспүүбүлүкэтээҕи общественнай хамсааһын төрүттээччитэ уонна салайааччыта, СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, СӨ айылҕатын харыстабылын туйгуна, СӨ агропромышленнай комплексын бочуоттаах үлэһитэ, РНА Саха сиринээҕи Ботаническай саадын бочуоттаах чилиэнэ, Россия дьахталларын Сойууһун анал бэлиэтин хаһаайына, РНА Сибиирдээҕи салаатын үтүөлээх бэтэрээнэ, Баатаҕай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.
- Екатерина Петровна Борисова СГУ тыа хаһаайыстыбатын факультетын бүтэрэн учуонай-зоотехник идэлээх, Амма оройуонун тыатын хаһаайыстыбатын управлениетыгар уонна Уус Алдан улууһун «Партизан Заболоцкай» сопхуоска племенной үлэҕэ зоотехнигынан, Уһун Күөл отделениетыгар управляющайынан, Лөгөй нэһилиэгин Кэптэнитигэр социальнай үлэһитинэн үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Сааһырбыт дьоҥҥо «Аал уот» общественнай тэрилтэни, онтон «Дьүөгэ» түмсүүнү, дьахтар сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьан «Доруобуйа» кулуубу тэрийбитэ. “Социалистическай күрэхтэһии кыайыылааҕа”, «2000 үтүө дьыала», «Бүтүн Россиятааҕы тыа хаһаайыстыбатын биэрэпиһигэр актыыбынай кыттыытын иһин», «Лөгөй нэһилиэгин социальнай-экономическай сайдыытын иһин» бэлиэлэр; «Улуус бастыҥ общественнига» уонна “Улуус ярмаркатын кыайыылааҕа” анал ааттар уонна «Саха дьахтара – Алаас Хотуна» общественнай хамсааһын «Алаас Хотуна» анал бочуоттаах аат хаһаайыннара, үлэ бэтэрээнэ буолбута.
- Маргарита Петровна Мигалкина Дьокуускайдааҕы медучилищены бүтэрэн санитарнай фельдшер идэлээх. Дьокуускайга СӨ доруобуйа харыстабылын тэрилтэтин чэбдигирдэр-ырааһырдар киинигэр; Уус Алдан улууһун санэпиднадзорыгар школьнай отделга санитарнай врач көмөлөһөөччүтүнэн көдьүүстээхтик үлэлээбитэ. СӨ санитарнай-эпидемиологическай сулууспатын туйгуна, санэпидсулууспа бэтэрээнэ, «Сыл бастыҥ гигиениһэ» анал аат кыайыылааҕа, «Баатаҕай нэһилиэгин доруобуйатын харыстабылын сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайына. Кэргэнинээн В.В. Мигалкинныын ыал буолбуттара 50 сылынан РФ “За любовь и верность” мэтээлинэн, СӨ “Семейная доблесть” бэлиэнэн наҕараадаламмыттара.
- Аграфена Петровна Сергеева СГУ историко-филологическай факультетын бүтэрэн, Мэҥэ Хаҥалас Төҥүлүтээҕи училищетыгар нуучча тылын уонна литературатын преподавателинэн, Төҥүлү орто оскуолатыгар завуһунан, Дьокуускайдааҕы политехническай колледжка дириэктэри үөрэххэ уонна научнай-методическай үлэҕэ солбуйааччынан, ЯГИТИ алын уонна орто профессиональнай үөрэхтээһинин факультетыгар деканы научнай уонна методическай үлэҕэ солбуйааччынан, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ инфраструктурнай колледжыгар директоры үөрэххэ уонна производственнай үлэҕэ солбуйааччынан үлэлээбитэ. СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, РФ алын профессиональнай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ «Гражданскай килбиэн» анал бэлиэтин уонна Ил Түмэн бочуотун грамотатын хаһаайына, Россия профтехүөрэхтээһинин бэтэрээнэ, үлэ бэтэрээнэ.
- Петр Петрович Матвеев СГУ инженернэй-техническэй факультетын бүтэрэн тутуу инженерэ идэлээх. Дьокуускайга «Якутгражданпроект» тэрилтэҕэ инженеринэн, Уус Алдан «Сельстройыгар» прорабынан, ЛТЦ солбуйар начаалынньыгынан, тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар технадзор инженеринэн үлэлээбитэ. «Найахы нэһилиэгин социальнай сайдыытыгар кылаатын иһин», «Мүрү нэһилиэгин социальнай-экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин», «Уус Алдан улууһун социальнай-экономическай сайдыытын иһин» бэлиэлэр хаһаайыннара этэ.
Ийэбит Екатерина Николаевна Матвеева мындыр өйө, күүстээх санаата, тулуура, сатабыла, тапталыгар бэриниилээҕэ, олоххо дьулуура, үлэҕэ уонна дьоҥҥо сыһыана биһиэхэ барыбытыгар – оҕолоругар, сиэннэригэр уонна хос сиэннэригэр олохпут устатыгар ийэ киһи хорсун быһыытын тыыннаах холобурунан буолар! Бу курдук күн сиригэр төрөөн, сэрии ыар тыынын, кыһарҕанын уйан, дьон уйгутун туһугар күүһүн харыстаабакка үлэлээн, удьуор утумун салҕаан, олох олорон ааспыт эбит саха дьахтара, биһиги ийэбит Екатерина Николаевна Матвеева (Тарская).
Аграфена Сергеева, кыра кыыһа, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, РФ профессиональнай үөрэхтэһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна