Күндү биир дойдулаахтарым!

«Уус Алдан улууһа» муниципальнай оройуон дьаһалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан өрөгөйдөөх Улуу Кыайыы 79 сылынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлии­бин!

Кыайыы күнэ – бу 1418 күн устата тохтоло суох көҥүл туһугар туруулаһыы, хорсун быһыы уонна булгуруйбат дьулуур холобура. Бу – сэрии толоонугар уонна тыылга төрөөбүт дойдубутун өстөөхтөн көмүскээбит ытык дьоммут ааттарыгар сүгүрүйэр, Ийэ дойду туһугар ыар кэмнэргэ биир сомоҕо буолан түмсүбүт дойдубут но­руот­тарынан киэн туттар ытык күммүт. Кинилэр биһиги бүгүҥҥү көҥүл олохпут туһугар хорсуннук охсуспуттара, сардаҥалаах Кыайыы Знамятын Рейхстаг үрдүгэр анньыбыттара, империалистическай Японияны утары сэриилэспиттэрэ.

Саха сирин 60 тыһыынчаттан тахса чулуу ыччата Москва, Ленинград, Сталинград куораттары көмүскээбиттэрэ, Киевкэ, Крымҥа, Курскай Дугаҕа, Старай Руссаҕа, Арҕаа фронт былаһын тухары сэриилэс­питтэрэ. Тыылга хаалбыт биир дойдулаах­тарбыт «Барыта – фронт туһугар! Барыта – Кыайыы туһугар!» диэн күүстээх үлэҕэ туруммуттара.

Кинилэр Арҕаа фроҥҥа икки танковай колоннаны, бойобуой самолеттар эскадрильяларын оҥорторон ыыппыттара.
Биһиги улууспутуттан, оччотооҕу Уус Алдан оройуонуттан, 2 тыһыынчаттан тахса киһи ыҥырыллыбыта. Кинилэр истэригэр бааллара: Өспөхтөн 7 бырааттыы Румянцевтар, II Лөгөйтөн ини-бии Габышевтар, Дүпсүнтэн 6 бииргэ төрөөбүт Сокольниковтар о.д.а. Бу Улуу сэрии толоонугар хорсунтан хорсун быһыыны Советскай Союз Геройа Владимир Лонгинов, сахаттан бастакы Россия Геройа буол­бут Михаил Стрекаловскай көрдөрбүттэрэ. Хорсун хоодуот быһыыларын иһин 54 буойун Албат Аат орденнаах сэрии толоонуттан эргиллибиттэрэ.

Тыыл хоһуун үлэһиттэрэ тугунан да кэмнэммэт сыралаах үлэлэринэн Саха АССР Верховнай Советын көһөрүллэ сылдьар Кыһыл Знамяларын сүөһү иитиитигэр 8 төгүл, промышленность үлэтигэр 3 төгүл, үп хомууругар 9 төгүл, балыгы бултааһыҥҥа 14 төгүл ылбыттара.

Кыргыһыы хонуутун буойуттарын, тыыл хоһуун үлэһиттэрин ааттарынан биһиги бүгүн киэн туттабыт. Кинилэр холобурдарыгар эдэр көлүөнэбитин иитэбит, ааттарын ааттыырбыт тухары кинилэр биһиги сүрэхпитигэр өрүү тыыннаахтар.

ЫТЫКТАБЫЛЛААХ БИИР ДОЙДУЛААХТАРЫМ!
Эһиэхэ барыгытыгар чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, үлэҕэ, үөрэххэ ситиһиилэри, дьиэ кэргэттэргитигэр дьолу-соргуну баҕарабын!

«Уус Алдан улууһа»муниципальнай оройуон дьаһалтатын баһылыга В.И. Аммосов