Суотту орто оскуолатыгар үөрэнээччилэр сайыҥҥы сынньалаҥнарын бары өттүнэн араас хайысханан сайыннараллар. Быйыл үс лааҕыр оҕо сынньалаҥын тэрээһиннээхтик тэрийдэ. Ол курдук, «Кэскил», «Сайылык оҕолоро», «Эрчимэн Боотур» лааҕырдарга оҕолор күөх сайын үтүөтүн атаардылар.
«Сайылык оҕолоро» лааҕырга 25 оҕо икки нэдиэлэ хонуктаах лааҕырга 20 килэмиэтирдээх Ала Соболоох кооператив сайылыгар производственнай үлэ маастара Варвара Румянцева салалтатынан тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр сыһыннылар. Ол курдук, ынах ыатылар, ньирэй аһаттылар, үүт сүүртүлэр. Оттон «Эрчимэн Боотур» лааҕырга уолаттар спорка, үлэҕэ сыстан көҥүл тустуунан дьарыктаннылар, спортивнай площадка, бааһына күрүөлэрин саҥардан оҥордулар, кыстык хотон муостатын маһын хатырыктаатылар. «Кэскил» лааҕырга Дария Дегтярева салалтатынан оскуола таһынааҕы учаастакка оҕуруот аһын олордууга, сыыс отун ыраастааһыҥҥа алын уонна орто сүһүөх оҕолор кытыннылар. Ону тэҥэ музыка учуутала Елизавета Портнягина ырыаҕа, үҥкүүгэ дьарыктаан иллэҥ буолбакка, сынньалаҥнарын туһалаахтык атаардылар.
Оскуола иһинэн үлэлиир «Өлүөнэ кытыла» үҥкүү ансаамбыл кыттыылаахтара Кытайга тэриллибит бэстибээлгэ Гран-при буолбуттара, «Азия оҕолоро» оонньуулар култуурунай тэрээһиннэригэр кыттыбыттара. Салайааччы Матрена Яковлева туруорбут кэрэчээн үҥкүүлэринэн «Доҕордоһуу хоровода», «Дэгэрэҥ-2024», «Хотугу сулус», «Мүрү үҥкүүлүүр» диэн араас күрэстэргэ, бэстибээллэргэ үрдүк ситиһиилэннилэр.
Ити курдук, Суотту орто оскуолатын бэһис үлэҕэ чиэппэрэ бэрт элбэх үрдүк дабайыылардаах дьоһуннук түмүктэннэ.
Светлана СИВЦЕВА