«Гитлертэн атын өстөөх дьахталларга суох» диэн ааттаах ыстатыйа 1941 сыл от ыйын 24 күнүгэр «Большевистскай тэрийээччи» диэн оро­йуон хаһыатыгар бэчээттэммитэ. Оччолорго оройуон хаһыаттара син биир дойду киин сирин хаһыаттарын курдук Аҕа дой­ду көмүскэлигэр норуоту сомоҕолооһуҥҥа ыҥырыылары бэчээккэ таһааран барбыта. Бу ыстатыйаҕа Советскай Союз уонна аан дойду бары дьахталларыгар Москва уонна Ленинград куораттар заводтарын, фабрикаларын үлэһит дьахталлара фашизмы утары охсуһарга «Киһи-аймах өстөөҕүн хаанынан утахтаах Гитлери үлтүрүтүү иһин охсуһуҥ!» диэн ыҥырыы этэ.

Сэрии кэминээҕи бэчээккэ уонна ахтыыларга оройуоммут дьахталлара уонна кыргыттара тыылга эр дьону хоодуоттук солбуйбуттара кэмчи да буоллар, тиһиллэн суруллан хаалбыттар. Үлэлиир нуормалар икки бүк улаа­тан, биир да күн өрөбүлэ суох, хат дьахталлар от-мас үлэтигэр сылдьан оҕолонор ыар кэмнэрэ сатыылаабыттар.

Сэрии ыар бастакы сылыгар 1941 сыллаахха биһиги оро­йуон 564 киһини Кыһыл Аармыйа кэккэтигэр ыыппыта, 1942 сыл сайыныгар 848 уолаттара ыҥырыллыбыттара. Сут-ку­раан сыллар тураннар, 41 колхоз 658 киһитэ Нам оройуонугар, 29 колхоз 250 киһитэ Кэбээйи оро­йуонугар сүөһү аһылыгын бэлэмнииргэ күһэллибиттэрэ, сүөһү көрүүтэ, бурдук ыһыыта, от-мас үлэтэ барыта оҕоҕо-дьахтарга, кыр­дьаҕастарга сүктэриллибиттэрэ. Ону таһынан тыылга баар олус суолта­лаах сирдэргэ Алдаҥҥа оттук мас бэлэмнээһинигэр, Сангаарга чох хостоо­һунугар, таһаҕастаа­һыҥҥа Осетровоҕа, Киренскэйгэ, «Хачыкаат – Томмот» суолун тутуутугар, хоту балык­тааһыҥҥа, о.д.а. үлэ фронугар диэн аат­таан бэ­биэскэнэн ыҥырыллыбыт сүүһүнэн дьахталлар барбыттара. Аҥаардас Найахы нэһилиэгиттэн ситэтэ суох көрдөрүүнэн 10-тан тахса эдэр дьахталлар барбыттара биллэр. Ити курдук хас нэһилиэк аайыттан ыҥырыллыбыттар.

Кыһыл Армияҕа ыҥырыллыбыттары солбуйан, үгүс кыргыттар трактор уонна комбайн уруулун туппуттара. 1941 сыллаахха от ыйын 24 күнүгэр эдэркээн кыргыттар Настя Бурнашева (Курбуһах), Александра Неус­троева I (Өлтөх), Вера Бурнашева (Курбуһах), уо.д.а. оройуон дьахталларыгар уонна кыргыттарыгар тракторы уонна да атын тыа хаһаайыстыбатын баһылыыр­га анал курстарга үөрэнэргэ ыҥыр­быттара оройуон хаһыатыгар бэчээттэммитэ. 1941 сыл балаҕан ыйын 17 күнүгэр Оҕуруокка (Мүрүгэ) олорор 36 дьиэ хаһаайкалара мустан ыҥырыы ылыммыттар: «…советскай сир хас биирдии бөрсүөгүн геройдуу көмүскээччи, германскай торҕон сэриилэри үлтү сын­ньааччы Кыһыл Армия байыастарыгар, политүлэһиттэригэр уонна командирдарыгар итии таҥастары бэлэмнээһиҥҥэ ыҥырабыт» диэн хаһыат сирэйигэр бэчээттэммит. Кинилэр истээх үтүлүгү, кээнчэни, бэргэһэлэри, саҥа түү ырбаахылары биэрэргэ быһаарыммыттар.

Баатаҕай нэһилиэгинээҕи «Жданов» аатынан колхоз дьахталлара 1941 сыллаахха – 18 059, 1942 сыллаахха – 19 981, 1943 сыллаахха – 23 635, 1944 сыл­лаахха – 27 428 үлэ күнүн аахсыбыттара. Найахы «Кыһыл буксуур» колхозтан тыа хаһаайыс­тыбатын Бүтүн ­Союзтааҕы быыс­тапкатын кыттыылааҕа ыанньыксыт П.П. Охлопкова 602 үлэ күнүн аахсыбыта. Кинилэр кыыс­тара үөрэнээччи Мария Охлопкова 248 үлэ күнүн аахсыбыта.

В.Н. Крылова СХТЗ тракторынан сменаҕа 3,9 гектары хорутуохтааҕын 12,23 гектарга тиийэ хорутан, 1941 сыллааҕы былаа­нын 115% толорбута. Е.С. Винокурова «Севернай» комбайнынан 80 гектар оннугар 103 гектары быстаран, нуорматын 129% толортуура. П. Колодезникова, М. Копырина уо.д.а. нуормаларын эмиэ аһара толорбуттара. Найахы «Кыһыл сардаҥа» холкуос комсомольскай тэрилтэтин сэкиритээрэ Ирина Гоголева күҥҥэ 500 түүтэҕи баа­йарын оннугар 1009 түүтэҕи баайан күннээҕи нуорматын 200% толороро, бааһынаҕа тохтубут сиэмэни хомуйар ыччат бригадалара сүүһүнэн киилэ сиэ­мэни ичигэс­тээн хомуйбуттара.

1941 сыллаахха тыа хаһаайыс­тыбатын Бүтүн Союзтааҕы быыс­тапкатыгар кыттыыны ыларга биһиги оройуоммут Саха АССР совнаркомун уурааҕынан 11 киһи кандидатынан турбуттара, олортон икки дьахтар Ульяна Прокопьевна Бурцева, «Киров» аатынан холкуос ньирэй күҥҥэ ортотунан 524 грамм эбиллиитин ситиспитин уонна Түүлээх «Хаттыгы» колхоз председателэ Матрена Васильевна Стрекаловская колхоз 5 булчута хас биирдиилэрэ ортотунан 4665 солк. бултуулларын хааччыйбытын иһин турбуттара.

Дьахталлар сэрии сылларыгар хас да төгүл мустан миитиннэри тэрийбиттэр, ол курдук 1942 сыл бэс ыйын 1 к. оройуон киинигэр олорор рабочай, сулууспалаах уонна холкуостаах дьахталлар фашизмы утаран миитиннээбиттэр, 154 дьахтар мустубут. Мунньаҕы партия райкомун инструктора таб. Е.Н. Петрова аспыт. Колхозтаах дьахталлар ааттарыттан Анна Петровна Бурцева, быраас Лидия Антоновна Наймушина, трактористка Варвара Николаевна Крылова, учуутал Даина Марковна Гейшина, икки кыһыл армеецтар ийэлэрэ Феврония Бурцева, сулууспалаах дьахталлартан страховой агент Мария Жиркова тыл эппиттэр уонна Саха АССР тэриллибитэ XX сыла туолуутун көрсө үлэҕэ былааннарын 200% толорорго сорук туруоруммуттар.

Түүлээх нэһилиэгинээҕи «Кылаайы» колхозка 1942 сыллааҕы сайын илии хотуурунан от охсуутугар тоҕус дьахтар үлэлээбитэ. II Курбуһах нэһилиэгэр «Кыһыл Хардыы» колхозка Г.В. Аммосова, В.И. Местникова 1942-1943 сыллааҕы кыһын «Дүлүҥнээх» ферматыгар 45 сүө­һүгэ 5-6 биэрэстэ сиртэн от тиэйбиттэрэ, хомус ходуйбуттара, былах быспыттара, таһаҕас таспыттара, олохтоох оҥорон таһаарыы тэрилтэлэригэр үлэлээбиттэрэ. Промкомбинат рабочай дьахталлара Е.П. Аммосова, А.Н. Шепелева, пищекомбинат үлэһиттэрэ Т.Д. Абрамова, Е.И. Иванова уо.д.а. күннээҕи нуор­маларын 200-300% толортоо­буттара. Паровой мельница сэбиэдиссэйэ, партия чилиэнэ Е.И. Иванова 32 232 буут бурдугу мэлиттэрбитэ. Бу тыыл дьиҥнээх геройдара этилэр, кинилэр «Хас биирдии киһи – тыыл саллаата» диэн ыҥырыыны ылынан аччык­тыыры, утуйары умнан Кыайыыны аҕалсыбыттара.

Калинин аатынан колхозка ыанньыксыттар т. А.И. Бурнашева, И. Олесова аатынан колхозка – т. Н.З. Колодезникова, «Кыһыл кэккэҕэ» – т. А.Н. Дмитрьева, «Кыһыл Маякка» – т. А.П. Бурцева, «Кыһыл түмсүүгэ» – т. А.Н. Иванова, «Сулуска» – т. К.Д. Готовцева, «Куотукаҕа» – т. А.П. Находкина, «Хаттыгыга» – М.В. Стрекаловская, «Бэйдиҥэ» – к-з ыанньыксыта М.М. Говорова сорудахтарын аһара толорон ньирэйдэрин 100% тыыннаахтыы иитэри ситиспиттэрэ. Найахы нэһилиэгинээҕи «Кыһыл буксуур» к-з ыанньыксыта Е.Я. Федорова Нам оройуонугар кыс­таан, 1943 сыллаахха киниэхэ сыһыарыллыбыт саха боруодата уон ынаҕыттан хас биирдиилэриттэн ортотунан 1045 литр үүтү ыабыта, ньирэйдэрин 100% тыыннаахтыы ииппитэ. М.М. Говорова уонна Е.Я. Федорова 1944 сыллаахха ситиспит кыайыыларын иһин ССРС сирин оҥоһуутун народнай комиссариата 1945 сыллааҕы атырдьах ыйынааҕы бирикээһинэн «Со­циа­листическай тыа хаһаайыс­тыбатын туйгуна» диэн значогунан наҕараадаламмыттара. Кинилэр кыайыылаах үлэлэринэн оро­йуоҥҥа уонна респуб­ликаҕа биллибиттэрэ.

Сэрии бастакы күнүттэн дойду бүтүннүүтүн үрдүнэн оборона фондатын тэрийии киэҥник тэ­нийбитэ. Оройуон аҥаардас 1944 сыл субуотунньуктартан сыл устата 51801 солк.харчы киир­бит, колхозтар уонна тэрилтэлэр 746 устуука итии таҥаһы, 381 метрэ мануфактураны, 635,5 центнер тыа хаһаайыстыбатын бородуукталарын хомуйбута. Танда ааҕар балаҕанын сэбиэдиссэйэ А.Н. Калининская оборона фондатыгар биир ынаҕы, 75 солк. харчыны, 480 солк. заем облигациятын, биир бэргэһэни, биир үтүлүгү биэрбитэ. Партия райкомун инструктора Е.Н. Петрова балтараа сыл устата Кыһыл Армияҕа 13 тыһ. солк. көмөнү оҥорбута. Үгүс үлэһиттэр оборона фондатыгар ыйдааҕы хамнастарыттан хастыы да күннээх хамнастарын сэрии бүтүөр диэри биэрбиттэрэ.

Үгүс дьахталлар нэһилиэк уонна колхоз салайар үлэлэригэр кыттыбыттара. 410 дьахтар салайар үлэлэргэ сылдьыбыта. А. Гоголева, М. Черноградская, М. Кириллова үүт-табаарынай ферма сэбиэдиссэйдэринэн, А.И. Бурнашева «Калинин» аатынан, Н.З. Колодезникова «Ирина Олесова» аатынан, А.Н. Дмитриева «Кыһыл кэккэ», А.П. Бурцева «Кыһыл маяк», А. Иванова «Кыһыл түмсүү», К.Д. Готовцева «Сулус», А.П. Находкина «Куотука» колхоз бырабылыанньаларын бэрэссэдээтэллэринэн, оттон М.Г. Охлопкова I Бэрт Ууһун, А.П. Бурцева Хоро нэһилиэктэрин Сэбиэ­тин бэрэссэдээтэллэрин чиэс­тээхтик үлэлээбиттэрэ.

Түүлээх нэһилиэгин «Хаттыгы» колхоз председателэ тыа хаһаайыстыбатын бастыҥнарын ахсааннарыгар киирэн 1940 сыл тыа хаһаайыстыбатын Бүтүн Союзтааҕы быыстапкатын кыттыылааҕа Матрена Васильевна Стрекаловская аччыктааһынтан дьонун-сэргэтин быыһаабыт уонна ол кистээн көмөлөспүтэ биллэн, сууттанан хаайыыга олорбут хорсун санаалаах салайааччынан буолар. Ол кэмҥэ бултаммыт балык судаарыстыбаҕа туттарыаллыахтааҕа. Ону кистээн куйуурдаан сиэтэн, Матрена Васильевна дьаһалынан элбэх ыал тыыннаах хааланнар, махталлара муҥура суоҕа. Кини туһунан «Дьону хоргуппатах председателлэр» («История үрүҥ бээтинэлэрэ») диэн ыстатыйаҕа суруллубута.

Сэрии сылларыгар оройуон­нааҕы оҕо-дьахтар консультацията оҕолонор дьахтарга уонна оҕоҕо көмөтө улааппыта, уопсайа 4 врач, 30-ча фельдшер, 1 акушерка, 1 трахоматознай пуун, сиэстэрэлэр үлэлээбиттэр. Ол гынан баран, кадр суоҕунан нэһилиэктэргэ пууннар сабыллан туруулара үгүс этэ. Оро­йуон кылаабынай бырааһа Е.М. Кузнецова, 35 миэстэлээх оҕо дьаа­һылатын сэбиэдиссэйэ Ф.Г. Александрова, Өлтөх медпуунун сэбиэдиссэйэ А.А. Замятина ордук таһаарыылаахтык үлэлээбиттэр. Тубдиспансер сэллик ­ыарыыны булара элбээн күүскэ үлэлээбит, сэлликтээхтэргэ 1945 сыл 639 ыанар ынах бэриллибит, үүт, ый аайы үрүҥ бурдук бэриллибит. Ол да буоллар, трахоманы эмтээһин ырааҕынан кыаллыбатах.

1941-1945 сс. үөрэхтээһин эйгэтэ нэһилиэнньэ көмөтүнэн тохтообокко үлэлээбитэ. Интернатынан төгүрүк тулаайахтар, саллааттар оҕолоро, сэрии инбэлииттэрин оҕолоро хааччыллыбыттара. Эр дьон учууталлар аҥардара фроҥҥа ыҥырыллыбыттара. М.С. Готовцева, А.И. Замятина, А.И. Вельготская, Е.М. Винокурова улахан ноҕуруусканы сүгэн иитэр-үөрэтэр үлэҕэ ылсаннар оскуола, интернат сабыллыытын таһаарбатахтара.

Оройуон үлэһиттэрэ 1941-1942 сс. армияҕа 6980 устуука итии таҥаһы, 131998 солк. суума­лаах бородууктанан көмөлөспүттэрэ. Гос.байыаннай заемҥа сурутуу былаана 289,8% туолбут. Оро­йуон колхозтара, тэрилтэлэрэ немецкай-фашистскай оккупацияттан босхоломмут оройуон нэһилиэнньэтин көмөҕө 35 000 солк. харчыны, 835 устуука итии таҥаһы, 430 метрэ мануфактураны, 176 кг. арыыны ыыппыттара, Танда нэһилиэктэрин колхоз­таахтара аҥаардас 1941 сылга 97 киилэ алтаны, 2 Өлтөх нэһилиэгэ 109 киилэ алтаны, 2 Өспөх 171 киилэ алтаны, Чэриктэй 791 алтаны, Дүпсүн наспота 1386 киилэ металы хомуйан биэрбит.

Сэрии сылларыгар оро­йуон үлэһиттэрэ оборона фондатыгар 250 075 солк. харчыны, 813 140 солк. заем облигациятын, 48 936 солк. суумалаах өҥнөөх металлары, 48 939 солк. суума­лаах тыа хаһаайыстыбаларын бородуукталарын, 3,756 кг үрүҥ көмүһү биэрбиттэрэ.

Ити курдук саха сэмэй дьахталлара доруобуйаларын толук ууран, сындалҕаннаах сылаа­лаах үлэлэринэн Кыайыыны аҕалсыбыттара, кинилэр олохторо история кэрэһиттэрэ буолан, кэлэр көлүөнэлэргэ умнуллубакка сыр­датылла, кэпсэнэ туруохтара.

Зоя Белолюбская, Сэһэн Ардьакыап аатынан улуустааҕы музей научнай сотруднига

(Сыыппаралар “Бассабыыктыы тэрийээччи” хаһыат, Е.Ф. Федоров «Уус-Алдан оройуона Сэбиэскэй Сойуус Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар” кинигэттэн ылылыннылар).

Хаартыска СӨ Национальнай библиотекатын сайтыттан