“Кыайыы 80 сылын көрсө – 80 үлэ” диэн ыҥырыынан Курбуһах нэһилиэгэ Улуу Кыайыы үбүлүөйүн чиэстээхтик көрсөргө бэлэмнэнэн үс бөһүөлэгинэн – Уус Күөлүнэн, Окоемовканан, Балаҕаннааҕынан былааннаахтык араас өрүттээх үлэлэр ыытылла тураллар. Курбуһах нэһилиэгиттэн Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 7 холкуостан барыта 240 киһи ыҥырыллан, Ийэ дойдуларын көмүскүү барбыттара. Бу холкуостар кииннэригэр билигин баар пааматынньыктары саҥардыыга анаан нэһилиэк бюджетыттан үп көрүллэн кырааскалааһын, өрөмүөннээһин ыытыллар.
Маны таһынан бөһүөлэктэрбитигэр баар Албан аат пааматынньыктарын тупсарыыга үлэлэр былааннаналлар. Үөрэх, култуура тэрилтэлэригэр оҕону, эдэр ыччаты Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууга үөрэтэр, Аҕа дойду сэриитин туһунан билиһиннэрэр тэрээһиннэр тиһигин быспакка тэриллэллэр.
Балаҕаннаах бөһүөлэгин дьиэлэрэ киин ититиигэ 100 бырыһыан холбонон, дьон кэлэн олохсуйуута кыралаан элбиир. Быйыл манна этно-культурнай киин – балаҕан дьиэтин маһа субуотунньугунан бэлэмнэннэ, салгыы тутуутугар үлэ ыытыллар. Маны таһынан балаҕаннаахтар ыһыахтыыр сирдэрин оҥорууга, урут балыыһа буолан турбут сиргэ Саппыйаҕа өйдөбүнньүк бэлиэ туруоруутугар үлэлэһэ сылдьаллар.
Курбуһах нэһилиэгэр 8 тыыл бэтэрээнэ, 2 Чурапчы көһөрүүтүн кыттыылааҕа, 11 сэрии кэмин оҕото олороллор. Аарыма бэтэрээннэрбитигэр өйөбүл-тирэх, күүс-көмө буолар, кинилэри чиэстиир эбээһинэстээхпит, иэстээхпит. Биһиги ортобутугар бааллары баттаһа, олохтон туораабыттар урукку өттүгэр сурукка тиһиллэн, видеоҕа уһуллан хаалбыт ахтыыларын үйэтитэр, бэчээккэ таһаарар баҕа санаалаахпыт. Сураҕа суох сүппүт, көмүллүбүт сирдэрэ биллибэт буойуттары көрдүүргэ-ирдииргэ эдэр ыччаты сыһыаран үлэ барар. Бу үлэлэр түмүктэринэн Кыайыы 80 сылын көрсө Аҕа дойду көмүскэлигэр кыттыыны ылбыт дьоммутун үйэтитэр кинигэ тахсыахтаах.
Сайыҥҥы кураан күннэри баттаһа Уус Күөлэ – Окоемовка суолугар капитальнай өрөмүөн оҥоһулунна, маны таһынан киин бөһүөлэк суолларыгар өрөмүөн ыытыллыаҕа. ППМИ бырагырааматынан Уус Күөлүгэр сайыҥҥы уу ситимэ хас биирдии ыал олбуоругар тиийиэҕэ. Окоемовкаҕа 18 дьиэ киин ититиигэ холбоноругар анаан матырыйаал, турба аҕалылынна, саҥа арыы сыаҕын дьиэтин тутуутугар анаммыт сиргэ буор кутулунна.
Владимир Петров, Курбуһах нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга.