Кырдьаҕас, кыаммат дьоҥҥо болҕомто ууруу, кинилэри харааннааһын хайа баҕарар омук ытык иэһэ буолар. Күннээҕи олох кыһалҕатыгар ордук кырдьаҕастар, кыамматтар эрэйдэнэллэр, көмөҕө наадыйааччы элбээн иһэр. Барар-кэлэр сирэ, дьиэтэ-уота суох дьоҥҥо анаан дойдубут үрдүнэн интэринээт-дьиэлэр арыллан үлэлииллэр. Уус Алдан улууһун Уус Күөлэ бөһүөлэгэр биир итинник дьиэ 1994 сыл олунньу 4 күнүгэр 51 миэстэҕэ арыллан күн бүгүнүгэр диэри тигинэччи үлэлии олорор.
Маҥнайгы директорынан Гаврил Гаврильевич Васильев ананан үлэтин бэрт тэтимнээхтик саҕалаабыта. Кырдьаҕастар дьиэлэригэр анаан, урукку интернат-оскуола биир олорор куоpnyha уонна киэҥ-куоҥ остолобуойа бэриллибитэ. Бу эргэ дьиэлэри өрөмүөннээһиҥҥэ 1993 сыл сайыныттан саҕалаан элбэх үлэ барбыта, маҥнайгы үлэһиттэр күннэри-түүннэри түбүгүрүүлэрин түмүгэр эргэ дьиэлэр өрөмүөннэнэн, тупсаҕайдык кырааскаланан, бэртээхэй олорор дьиэҕэ кубулуйбуттара. Барыта 30 киһи үлэнэн хабыллан, бастакыттан олус үчүгэйдик тэриллэн үлэ күөстүү оргуйбута.
Бастакы олохтоохтор кэлитэлээн барбыттара. Ол кырдьаҕастартан Сивцева Мария Петровна, Портнягин Павел Павлович күн бүгүнүгэр диэри интэринээккэ нус-хас олороллорун үөрэ, астына бэлиэтиибит.
Интэринээт-дьиэни aрыйыы үөрүүлээх түгэнигэр Саха Республикатын Правительствотын Председателин солбуйааччы В.М. Власов, республика социальнай тэрилтэлэрин салайааччыта П.Г.Борисов, «Фонд поддержки населения» департамент директора П.И.Иванов, «Илин эҥэр» экономическай зона дьаһалтатын баһылыга Р.П. Попов, улуус дьаһалтатын баһылыга А.В. Мигалкин, улуус соцуправлениетын салайааччыта И.П.Матвеев, пенсионнай управление салайааччыта Э.Н.Бурцева, илин эҥэр улуустар делегациялара, нэһилиэктэр дьаһалталарын баһылыктара, улуус тэрилтэлэрин салайааччылара, олохтоох общественность представителлэрэ кыттыыны ылбыттара. Үөрүүлээх чаас киирии тылыгар бу интэринээт аһыллыытыгар үгүс сыратын биэрэн үлэлэспит нэһилиэк дьаһалтатын баһылыга М.С. Черкашина интэринээт-дьиэни арыйыыга туох үлэ барбытын туһунан билиһиннэрбитэ, күүс-көмө буолбут дьоҥҥо махтал тылларын тиэрпитэ. Кырдьаҕас, кыаммат дьоҥҥо анаммыт дьиэ куруук сылаас, истиҥ сыһыаннаах көмүс ньээкэ уйа буоларын туһугар алгыс тылынан аал уоту оттон, арыылаах алаадьынан, уохтаах кымыһынан күндүлээн Саха республикатын култууратын, үөрэҕириитин туйгуна, ССРС суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, кыраайы үөрэтээччи, пропагандист,суруналыыс Н.С. Пестряков айыылартан, иччилэртэн кырдьаҕастары араҥаччылыылларыгар көрдөспүтэ. Саамай үөрүүлээх түгэнинэн В.М. Власов пенсионнай департамент бу интернат-дьиэ аһыллыытынан микроавтобус массыынаны бэлэхтиирин туһунан иһитиннэриитэ этэ.
Интэринээт тэриллибитэ 5 сыла туолуутугар директорынан В.В. Аммосов ананан үлэ балысхан байҕалыгар үктэммитэ. Интэринээт-дьиэ 2007 сылга толору хааччыллыылаах таас дьиэҕэ киирэн күн бүгүҥҥэ диэри улууска, республикаҕа үтүө үлэтинэн биллэр-көстөр биир улахан тэрилтэ буолан, күннэтэ аайы кырдьаҕас, кыаммат дьон кыһалҕаларын чэпчэтэр сыаллаах үлэлии-хамсыы олорор. 36 үлэһиттээх кэллэктииби инникигэ эрэллээх салайааччы М.В.Местникова үүннээн-тэһииннээн салайан үлэлэтэр. Кэлэктиип социальнай тэрилтэлэр икки ардыларыгар улуус, республика, Россия көрүүлэригэр бастыҥ тэрилтэ аатын ылбыта. Кырдьаҕас, кыаммат дьону көрүүгэ үлэ уопутун тарҕатар республиканскай семинардары ситиһиилээхтик тэрийэн ыыппыта.
Ханнык баҕарар үлэ түмүктээх буолара астык. Кэлэктиипкэ доруобуйа харыстабылын туйгуна, социальнай үлэ туйгуннара, транспортнай сулууспа туйгуна, тэрилтэ, улуус, республика, Россия улахан бэлиэтинэн наҕараадаламмыт үлэ бастыҥнара, социальнай эйгэҕэ 25-30 сыл үлэлээбит бэтэрээннэр үтүө суобастаахтык үлэлииллэр. Кинилэр ортолоругар киэн тутта ааттыыбыт интэринээт-дьиэ аһыллыаҕыттан ыла күн бүгүнүгэр диэри үтүө суобастаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар сиэстэрэ-хаһаайка Ольга Николаевна Васильеваны, медсестра Клара Ильинична Егорованы. Интэринээт-дьиэ арыллыбыта 30 сыллаах бэлиэ түгэнинэн аан бастакы үлэһиттэри, ытык-мааны кырдьаҕастарбытын, үлэлээн ааспыт бары үлэһиттэри, билиҥҥи кэлэктииби ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит. Доруобай, чэгиэн буолуҥ, бары үтүөнү, ыраас халлааны, үлэҕэ-олоххо ситиһиилэри, дьолу баҕарабыт.
Мария Винокурова