СӨ социальнай көмүскэлгэ министиэристибэтэ Курбуһахха оскуола интернат баазатыгар 51 миэстэлээх кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интернат-дьиэлэрин тэрийэр туһунан дьаһал таһаарбыта. Онон 1994 сыллаахха олунньу 4 күнүгэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыллан үлэлээбитинэн барбыта. Бастакы дириэктэринэн Гаврил Васильев ананан үлэтин бэрт тэтимнээхтик саҕалаабыта.
Интернат дьиэ тэриллибитэ биэс сыла туолуутугар дириэктэринэн Василий Аммосов ананан, үлэ балысхан байҕалыгар үктэммитэ. Саҥа таас дьиэ тутуутун боппуруостара бииртэн-биир быһаарыллан, тэтимэ түргэтээн, тэрээһиннээх үлэ түмүгэр, 2007 сылы көрсө бары өттүнэн толору хааччыллыылаах саҥа дьиэ үлэҕэ киирэн күүрээннээх үлэ саҥа күүһүнэн саҕаламмыта.
Интернат дьиэ өрөспүүбүлүкэ социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох соҕотох дьоно, бэтэрээннэрэ уонна инбэлииттэрэ биир дьиэ кэргэн буолан олороллоругар, кинилэри реабилитациялыырга, медицинскэй эмтээһиҥҥэ ананар.
Күн бүгүн тэрилтэҕэ 36 үлэһит күннэри-түүннэри кырдьаҕас-кыаммат дьон этэҥҥэ буолалларын туһугар үлэлиир.
Кэлэктииби эдэр, кэскиллээх үлэһит Мария Местникова 2022 сылтан салайар. Медперсоналы үгүс сыл уопуттаах үрдүк категориялаах биэлсэр, СӨ доруобуйаҕа харыстабылын туйгуна Мария Копырина, үрдүк категориялаах старшай медсестра Айталина Бурнашева сүрүннүүллэр. Медүлэһиттэр кырдьаҕастар доруобуйаларыгар кыһамньыларын ууран күннэтэ эмтииллэр-көрөллөр, физиотерапия кабинетыгар араас ингаляциялары, сырдыгынан, уотунан эмтээһин, массаж, эмтиир физкультуранан дьарык, эмтээх отторунан чэбдигирдии оҥоһуллар. Алын сүһүөх медперсонал үлэһиттэрэ кырдьаҕастары күннэри-түүннэри кыһамньылаахтык көрөллөр, хас биирдиилэрин күннээҕи кыһалҕаларын быһаараллар. Интернат олохтоохторун сыл ахсын улуустааҕы кииннэммит балыыһа быраастара 100% комплекснай көрүүнү оҥороллор, олохтоохтор өрөспүүбүлүкэ санаторийдарыгар, профилакторийдарыгар сынньаналлар, доруобуйаларын көннөрөллөр. Пищеблок салаатын интернат дьиэ аһыллыаҕыттан СӨ социальнай сайдыытын туйгуна, уопуттаах үлэһит Ольга Васильева салайар. Ольга Николаевна кырдьаҕастар күннээҕи наадаларын, сыллааҕы таҥастарын-астарын, тэрилтэ хаһаайыстыбаннай хааччыллыытын сөптөөхтүк дьаһайар.
Кырдьаҕастар таҥастара-саптара бэйэлэригэр сөрү-сөп буоларыгар иистэнэр сыах үлэһитэ Розалия Ноговицына бэрийэр-тигэр, «Умелые руки» куруһуогу сүрүннүүр.
Тэрилтэ хаһаайыстыбаннай чааһын, техникатын Петр Наумов салайар. Тэрилтэ эр дьоно дьиэ ис-тас үлэтин барытын үмүрүтэ охсоллор, үлэһиттэргэ дьиэлэригэр муус-мас үлэтигэр көмө оҥороллор.
Олохтоохтору сэргэхситэр араас өрүттээх культурнай-спортивнай тэрээһиннэри СӨ социальнай сулууспатын туйгуна Мария Винокурова былааннаахтык ыытар. Кырдьаҕастарга интэриэстэринэн, кыахтарынан куруһуоктар үлэлииллэр. Тэрилтэ үлэһиттэрэ 100% тэрээһиннэргэ кыттыыны ылаллар. Кэлэктиип социальнай тэрилтэлэр икки ардыларыгар улуус, республика, Россия көрүүлэригэр бастыҥ тэрилтэ аатын ылбыта. Кырдьаҕас, кыаммат дьону көрүүгэ үлэ уопутун тарҕатар республикатааҕы семинардары ситиһиилээхтик тэрийэн ыыппыта. Интернат кырдьаҕастара улуус, республика таһымнаах араас күрэстэргэ кыттан бириистээх миэстэлэргэ тиксэллэр. Республика интернат дьиэлэрин олохтоохторун икки ардыларыгар быйыл 10-с төгүлүн ыытыллыбыт «Алаас ахтылҕана» күрэскэ «Муҥутуур кыайыылаах» кубогын, «Уруйдуубут, Улуу Кыайыыны» уус-уран ааҕыы республикатааҕы күрэһигэр 1-кы үрдэли ылары ситистилэр.
Ханнык баҕарар үлэ түмүктээх буолара астык. Кэлэктиипкэ доруобуйа харыстабылын туйгуна фельдшер Мария Копырина, социальнай үлэ туйгуннара тэрилтэ аһыллыаҕыттан 30 сыл үлэлии сылдьар сиэстэрэ-хаһаайка Ольга Васильева, 20-28 сыл ыстаастаах үлэһиттэр культурнай-маассабай тэрийээччи Мария Винокурова, младшай медперсонал Наталья Аммосова, техүлэһит Екатерина Васильева, харабыл Андрей Пестряков, иһит сууйааччы Мария Васильева, транспортнай сулууспа туйгуна суоппар Игнат Охлопков, тэрилтэ, улуус, республика, Россия улахан бэлиэтинэн наҕараадаламмыт үлэ бастыҥнара, социальнай эйгэҕэ 25-тэн тахса сыл үлэлээбит бэтэрээннэр үтүө суобастаахтык үлэлииллэр, сайаҕас, үтүө санааларынан салайтаран кырдьаҕас-кыаммат дьон туһугар күүстэрин-кыһамньыларын ууран инникигэ эрэллээхтик хардыылаан үлэ күөстүү оргуйар.
Мария ВИНОКУРОВА, уопсас.кэрэсп. Курбуһах