Курбуһах оскуолатын быйыл аҕыс оҕо бүтэрдэ

“А записки с голубками все летят ко мне из детства. Беспокоят мою память. Никуда от них не деться” – диэн ырыаны иһиттэхпинэ мин харахпар былыта суох эйэлээх халлаан, сааскы ылааҥы күн, үөрэммит мас оскуолам, учууталларым көстөллөр… Элбэх киһини бу ырыа ааспыт өйдөбүлү кытары ситимниир буолуохтаах. Сыл-хонук түргэнин аахсыбатахха, биһиги эмиэ хаһан эрэ оскуола оҕолоро этибит, бу күн үөрэхпитин түмүктээн олох киэҥ аартыгар үктэммиппит.

Ыам ыйын 24 күнүгэр республика элбэх оскуолатыгар тиһэх чуораан чугдаарда. Бу күн биһиги оскуолабытыгар алын сүһүөҕү биэс оҕо, орто сүһүөҕү аҕыс оҕо ситиһиилээхтик түмүктээтэ, аҕыс оҕо оскуоланы бүтэрдэ. Бу тураллар – тобуллаҕас өйдөөх, олоххо активнай позициялаах, билиигэ-көрүүгэ тардыһыылаах оҕолор. Үөрэх бастыҥнара, араас таһымнаах олимпиадар, куонкурустар кыттыылаахтара.

Бу күн анал стипендиялар туттарылыннылар, грамоталарынан наҕараадаланнылар, элбэх эҕэрдэ, алгыс тыллар этилиннилэр.

Оскуолабыт оҕолоро бэйэ-бэйэлэрин кытары олус эйэлээхтэр диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын. Бастакы кылаас үөрэнээччилэрэ, ахсыс уонна онус кылаас оҕолоро доҕотторун, эдьиийдэрин, убайдарын эҕэрдэлээн хоһоон аахтылар, ырыа ыллаатылар, өйдөбүнньүк бэлэхтэрин туттардылар.

Оҕо уонна эдэр саас киһиэхэ биирдэ бэриллэр, саамай умнуллубат кэрэ кэм буолар. Оскуоланы бүтэрээччилэргэ, үөрэппит оҕолорбутугар хас биирдии күнү халтайга ыыппакка, туһалааҕы оҥорон, саҥаны билэн, чугас дьоҥҥутун харыстаан, баары сыаналаан, сырдыкка, киэҥҥэ, ырааска тардыһан, үүнүҥ-сайдыҥ диэн баҕа санаабынан түмүктүүбүн. Сир-дойду көхсө олус киэҥ, онтон олох  киһиэхэ биирдэ эрэ бэриллэрин умнумаҥ!

Мария Макарова

Читайте дальше