Курбуһах нэһилиэгин Балаҕаннаах бөһүөлэгин олохтоохторо ыһыахтыыр сирдэригэр икки күннээх субуотунньугу тэрийдилэр 

Бүгүн сарсыардаттан ойо тэбинэн ыһыахтыыр сири күрүөлээтилэр. Эбиэт саҕана номнуо ойууртан киирбит мас сабыс-саҥа күрүө-хаһаа буолан ыраахтан сандааран көһүннэ. Онтон эбиэт кэннэ ыһыахтыыр сир иһинээҕи тутууларын туһунан сүбэлэстилэр итиэннэ кэнсиэртиир сыана акылаатын түһэрдилэр, сорохтор туалет дьааматын хаһан бэлэмнээтилэр. Кинилэри «Алаас кыргыттара» дьахталлар түмсүүлэрэ сылаас аһынан күндүлээтэ. Мантан хаалбыт кэмҥэ бөҕү-саҕы ыраастыахтара.

Бу үлэни өр сылларга Нам улууһун Хамаҕатта нэһилиэгэр култуура, үөрэх эйгэтигэр үлэлээбит бэтэрээн Екатерина Саввинова дойдутугар кэлэн иилии-саҕалыы сылдьар. Улуу кыайыы 80 сылыгар — аны сайын улахан ыһыахха Балаҕаннаахтан сыдьааннаахтар түмсэр сирдэрин оҥорорго бу курдук санааларын уураллар. Кинилэр саас эрдэттэн мас кэрдэн, хайыттаран, куурдан бэлэмнээн саҕалаабыттара.

Бу баара-суоҕа 60 киһилээх кыракый учаастак олохтоохторо биир киһи курдук түмсэн, үлэни кыайа туталларын, төрөөбүт дойдуларын туһугар кыһамньыларын ууралларын киһи эрэ кэрэхсиир, үтүөҕэ холобурдуур.
Манна даҕатан эттэххэ, сарсын Балаҕаннаах
оскуола-садыгар алта кырачаан маҥнайгы кылааһы атыллаары үөрэ-долгуйа  сылдьар.✍️

Мария Аргунова.