Курбуһах нэһилиэгин баһылыга Владимир Петров: ”Кэнники сылларга үлэни дьон бэйэлэрэ көҕүлээн тэрийэллэрэ элбээн иһэрэ үөрдэр. Билигин нэһилиэк бары тэрилтэлэрэ кыстыкка толору бэлэмнээх киирдилэр. Сайыҥҥы үлэ барыта ситтэ. От былаанын 2 100 тн толордубут. Онон сүөһү, сылгы кыстыга этэҥҥэ буолуо диэн эрэллээхпит», – диэн кэпсиир.
Үүт туттарыытыгар окоемовкалар күүскэ ылыстылар. Манна арыы сыаҕын маастарынан Аграфена Аммосова таһаарыылаахтык үлэлиир. Үүтү, алтынньы ортотугар диэри тутар былааннаах. Бу – “Мүрү Ас” тэрилтэ сыаҕа. Тэрилэ барыта саҥардыллыбыта. Ол иһин Аграфена үүт аһы оҥорон таһаарыыга үлэлэһиэн, онон нэһилиэк оскуолаларын, уһуйааннарын, инбэлииттэр дьиэлэрин хааччыйыан баҕарарын биллэрэн, тустаах тэрилтэни кытта үлэлэһэ сылдьабыт. Оттон Степан Барашков диэн эдэр киһи сүөһү иитиитигэр кооперациялааһыны киллэрэн быйылгы кыстыктан саҕалыаҕа. Бу саҥа сүүрээни сэҥээрээччи элбэх.
Биирдиилээн дьон тус санааларыттан араас үлэни оҥороллоро элбээтэ. Ол курдук Окоемовка бөһүөлэгэр Степан Аммосов ырааһырдыыга күүстээх үлэни ыытар. Кини бөһүөлэгин иһин көрөрүн таһынан, нэһилиэк улахан суолу кытта холбоһор Үҥүүлээх аартыгын ыраастааһыҥҥа ылыста. Аны кулууп оформителэ Петр Аммосов анал байыаннай дьайыыга сылдьааччы дьиэтин кырыыһатын өрөмүөннээн биэрдэ.
Нэһилиэк дьокутааттара Василий Черноградскай, Федот Винокуров, биирэ Уус Күөлүгэр, иккиһэ Балаҕаннаахха субуотунньуктары көҕүлүүр, тэрийэр дьон.