«Куорсун-2023» литературнай күрэскэ биһирэбил бирииһи ылбыт Суугунай Чараана кэпсээнэ

Светлана Бурцева – Суугунай Чараана

 Аҕа көмөлөһөөччүлэрэ

Ньукуус сарсыарда халлаан суһуктуйа сырдаан эрдэҕинэ бөһүөлэктэн тэйиччи турар пиэримэҕэ тиэтэйэ-саарайа атаҕын тыаһа тоҥ чигдигэ хоочугураан хааман истэ. Аара кыра чараас тыанан быһа түһэр суолга таҕыста. Икки өттүнэн тэҥкэ тииттэр: “Бачча эрдэ ханна бараахтаатыҥ?” – диэн аһыммыттыы тэһэ көрөн турар курдуктар. Элбэх оҕолоох аҕа ону улаханнык аахайбакка ааһа турда. Кини өйүн-санаатын эргийэр киинэ буолбут кыһалҕата 7 оҕотун аһатан-сиэтэн атахтарыгар туруоруу этэ.  Ол иһин күннэтэ сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри икки хараҥаны ыпсаран үлэлээн хачыгырыйара. Үчүгэйэ диэн уолаттара арыый улаатан көмөлөһө сатыыр буолбуттарыттан үөрэ саныыр. Кини бэйэтэ эмиэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөн кыһалҕа диэни билэ улааппыта. Киһини өйдүүр буолуоҕуттан аҕатыгар көмөлөһөн илин-кэлин түсүһэрэ, онон бэйэтин оҕолорун эмиэ оннук иитэр, такайар. «Үлэттэн буорайбыт киһи диэн суох…Үлэ киһини киэргэтэр… Ким үлэлиир – ол аһыыр…» – диэн өйдөбүллээх улааппыта уонна ону көмүс быраабыла оҥостон илдьэ сылдьар.

Хотонугар киирбитэ: уу-чуумпу, арай ынахтар кэбинэллэрэ, ханна эрэ ньирэй мэҥириирэ иһиллэр. Илиитин иминэн булан лаампа уотун тыктарда. Уот сырдыгар чэҥ мууһунан килэйбит муннуктар сүөһү сылаас тыыныттан ньалҕарыйан көстөллөрө бу айылаах буоллубут диэн хаһыытыырга дылылар. Ол аата таһырдьа арыый сылыйбыт эбит – диэн саныы-саныы үлэлээбитинэн барда. Сотору оҕолоро көмөлөһө кэлиэхтэрэ, онуоха диэри туһааннаах үлэтин бүтэрэ охсоору тиэтэйэр. Бииртэн биир үлэни бүтэрэн-оһорон төһө бириэмэ ааспытын билбэккэ да хаалла. Сотору таһырдьа оҕолор күлсэр саҥалара иһиллээтин кытта аан тэлэллэ түстэ да, уолаттара хотон иһигэр биирдэ кутулла түстүлэр. Кинилэри кытта мин эмиэ киирсэбин диэбиттии тымныы туман будулуйан киирэн хотон кэннинээҕи эркинигэр тиийэн иҥиннэ. Аргыый аҕай саҕаламмыт күн эмискэччи эрчимирэ, оҕо саҥатынан туола түстэ. Ол сүүрээн баайыллан турар ынахтарга кытары бэриллэн маҕырааччыта маҕыраан, саланааччыта саланан түбүгүрэн ыллылар. Уолаттар аҕаларыгар көмөлөһөн ким ньирэй аһатан, ким от ууран эбээһинэстэрин толорбутунан бардылар, бэйэлэрин икки ардыларыгар сэлээннэһии эҥин диэн төрүт суох дьоно буолан биэрдилэр. Саамай кыра Кудук кэлэргэҕэ сытар окко тиийэн оонньоору дураһыйбытын убайа Арыйаан тиийэн илиититтэн тардан туруорда:

– Кудук, манна оонньуур сир буолбатах, от диэн ынахтар аһыыр астара, ону тэпсибэт куолу –диэн баран төбөтүттэн имэрийдэ.

–  Онтон кинилэр сиэбэтэхтэр дии, ол аата сирбиттэр дуо?

– Суох, сирбэтэхтэр… Топпуттар, сотору аччыктаатахтарына сиэхтэрэ.

–  Кинилэр эмиэ киһи курдук аччыктыыр эбиттэр дуу?

–  Аччыктыыллар… Кинилэр өссө оонньууллар ээ…

–  Ээ, убаай, мин кинилэр оонньуулларын көрүөхпүн баҕарабын!

–  Таһырдьа таҕыстахтарына көрөөр…

– Сөөп, убаай – Кудук убайын диэки сүрдээх астыммыт харахтарынан көрөн кэбистэ уонна салгыы атын убайдарын диэки сүүрэн топпороҥнуу турда. Ньукуус оҕолоро кэпсэтэллэрин истэн ымманыйан ылла, иһигэр хайдах эрэ сып-сылаас сүүрээн биллэн ааста. Оҕолоро эйэлээхтэриттэн, улахаттар кыраларга харыстабыллаах сыһыаннаахтарыттан төрөппүттэрэ иккиэн астыналлар. Өссө бэйэ-бэйэлэрин үлэлииргэ үөрэтиһэллэрин хайгыы көрөр. Үлэлии үөрүйэх буоланнар үлэни барытын чэпчэкитик, сатабыллаахтык толороллорун көрө-көрө аҕа барахсан сэмээр үөрэр. Үлэлиир тэриллэрэ күрдьэх, сиппир барыта бэйэлэригэр сөрү-сөп гына оҥоһуллубуттар, уу таһар биэдэрэлэрэ эмиэ сөптөөх гына кыракыйдар. Бу аҕаларын кыһамньылаах илиилэринэн оҥоһуллан тахсыбыт тэриллэр. Кини оҕо үлэлииригэр сөптөөх усулуобуйа тэриллиэхтээх диэнинэн салайтарынар дьаһаллаах киһи. Ол иһин оҕолоро үөрэ-көтө, ыллыы-туойа үлэлииллэр. Улахан уол аҕатын үтүктэр, кыра уолаттар убайдарын батыһаллар. Ити курдук көлүөнэ көлүөнэни солбуйан бу үйэҕэ кэллэҕэ…

Самаан сайын сатыылаан от үлэтин үгэнэ… Сайын аайы от үлэтин саҕана бары күргүөмүнэн оттууллара үчүгэйин эриэхсит! Аҕалара сэттэ туруйа уолун батыһыннарбытынан алаастарыгар бараллара көрөргө олус да кэрэ көстүү буоллаҕа. Аҕалара бастыыр, кини кэнниттэн сыры-сыллатааҕы уолаттара субуруһан саппай уопсаллар. Бу сайыҥҥы биир сүрүн үлэлэрэ бэйэтэ улахан бырааһынньык тэҥэ буолар. Уолаттар от үлэтигэр эмиэ олох кыра саастарыттан сыстаҕастар. Аҕалара улахан уолунаан кыра тыраахтарынан от оҕустараллар. Кыралар ким от мунньар, ким бугуллуур, ким ийэтигэр көмөлөһөн күөс өрсөр – бары тус-туһунан эппиэттиир үлэлээхтэр. Оннооҕор саамай кыра киһилэрэ кытары кыраабылы ылан оту харбаабыта буолар уонна кэннин диэки хардыылыыр. Ону көрөн убайа Алтан:

–  Кудуук, эн бу тугу гынаҕыный?

– От харбыыбын дии.

– Ээ, кимиэхэ көмөлөһөҕүнүй?

– Эйиэхэ…

– От харбыылларыгар кэннинэн барбаттар ээ.

– Ээ, оччоҕо хайдах хаамабыный?

– Аҕал эрэ, мин көрдөрүүм эрэ – быраатыттан кыраабылы ылан хайдах гыныахтааҕын көрдөрөр. Кудук убайын үтүктэр уонна ыйыппыттыы убайын диэки көрүөлүүр. Онуоха убайа:

– Ээ, оҕом маладьыас! Убайын курдук үлэһит буоллаҕа дии – быраатын көтөҕөн ылан сүүһүттэн сыллаабытыгар кыра киһи атаахтаан убайын түөһүгэр сыстан саҥата суох барда. Бу түгэни аҕалара түбэһэ көрөн сылаанньыйда, сылаас иэйиигэ куустаран чочумча тура түстэ. Ону кытта тулалаан турар мааны хатыҥнар тэҥҥэ үөрэн суугунаһа түстүлэр. Ньукуус ол онтон эрчимирбиккэ дылы. Ортоку уолаттарын диэки көрбүтэ оҕолоро от мунньан, бугуллаан үлэлэрэ ырааппыт. Ыраахтан көрдөххө илиилэрэ  биир кэм күөрэҥнээн олорор. Манна даҕаны оттуур тэриллэрэ эмиэ барыта тып-тап, дьоҕус, тутарга-хабарга табыгастаах. Ол иһин уолаттара үөрэ-көтө, бэйэ-бэйэлэрин тэптэрэн биэрэ-биэрэ үлэлииллэрин көрөргө үчүгэйэ сүрдээх. Оҕолор күнүскү омурҕан кэнниттэн көлүйэҕэ киирэн сөтүөлээн сөрүүкүүллэр. Уу үрдэ мэндээрэ көҕөрөр, күн уота уу устун долгуну кытта тэҥҥэ ойуолуур, тула уу ыһыллар, оҕо дьоллоох күлүүтэ иһиллэр – бу оҕо саас умнуллубат кэрэ түгэннэрэ.

Күһүн муус ылыллар кэмэ… Ып-ыраас күөл мууһа көҕөрөн халлааны кытта биир тэҥ көстүү буолан көстөр. Ол үрдүгэр итиннэ, манна, онно муус ылааччылар харааран көстөллөр. Сотору-сотору муус тиэйбит техникалар кэлэн ааһаллар. Ньукуус эмиэ бэйэтин аармыйатын кытта бүгүн сыл тахсар муустарын ыла сылдьаллар. Кини улахан уолунаан ууттан хостоон биэрэрин атыттара анньан сурулатан кытыыга таһааран туруоран кэчигирэтэн иһэллэр. Уолаттар улаатаннар мууһу тулуппат буолбуттарын аҕа киһи бэлиэтии көрдө. Олох кыра эрдэхтэриттэн тэҥҥэ сылдьыспыт үлэлэрэ, онон үчүгэйдик билэллэр. Быйыл мин улааттым ээ диэн кыра бырааттара Кудук эмиэ кэлсэн үлэлээн тиритэ-хорута сылдьар. Сороҕор халтарыйан охтон түһэр уонна наһаа үөрэр. Хайа убайдара муус анньаллар да тэбис-тэҥҥэ түсүһэн иһэр, онон улахан үлэни толоро сылдьабын диирэ сирэйигэр сурулла сылдьарын көрөн бары үөрэллэр. Убайдара чардаакка олох чугаһаппаттар, кыра киһилэрин көрөллөр-харайаллар аҕай.

– Убаай, мин кып-кыратык ууну көрүөм этээ…

– Суох, Кудук, олох чугаһаама…Сөп?

– Тоҕоо? Эһиги көрөҕүт дии, мин эмиэ көрүүм ээ…

– Кутталлаах ээ…

– Туох баарый? Ыраахтан көрүөм…Баһаалыста!

– Ээ, суох… ууга түһэн хаалыаҥ дии.

– Эһиги түспэккит дии, мин эмиэ түһүөм суоҕа ээ – дии-дии кырачаан киһи бытааннык чугаһаан истэ. Ону көрөн аҕата күллэ уонна оҕотун аһына санаата. Ол иһин саҥата-иҥэтэ суох кэлэн кыыһырбыта буолан болтоллон турар кыра уолун көтөҕөн ылан илдьэн уста сытар ууну көрдөрдө:

– Көр, чыычаах, бу уу…

– Наһаа элбэх уу дии… Аҕаа, оол онно туох баарый?

– Онно балыктар бааллар…

– Кинилэр тугу гыналларый?

– Эн курдук оонньууллар…

Уолчаан аҕатын эрэллээх илиитигэр итэҕэйэн бигэ санаалаах, онон куттаммакка баҕата ханыар диэри харааран көстөр ууну өҥөйөн олорон өр да өр одуулаата. Уу миигин көр, манныкпын диэбиттии кыратык долгулдьуйан ылбытыттан оҕо сүрдээҕин астынна. Убайдара бырааттара астыммыт, дуоһуйбут сирэйин көрө-көрө сүрдээҕин манньыйдылар уонна күүстээх-уохтаах аҕаларынан киэн туттуу кинилэр түөстэригэр тэбиэлиириттэн күүһүрбүттүү буһа-хата үлэлии сырыттылар. Аҕа туйаҕын хатарыах уолаттар үлэлээн үлүмнэһэллэрин көрбүт эрэ барыта: Ок-сиэ, бу уолаттар улаатан, тыыллан-хабыллан таҕыстахтарына туох үлэтин тулутуохтарай? – диэн саҥа аллайар. Төрөппүттэрэ даҕаны ол кэми сүрдээҕин эрэнэ кэтэһэллэр…

Читайте дальше