Анатолий Кириллин – ДьолуКуус
КӨРДӨРҮННЬҮК, эбэтэр чопчу нууччалыы быһаардахха – ПОКАЗУХА
(персонажтар уонна кэпсээҥҥэ ойууланар түгэннэри ааптар бэйэтэ айда,
дьиҥ олоххо баары кытта алҕас сөп түбэһиэн сөп)
Үтүө да үлэ күнэ үүннэ! Күн да чаҕылыйан тыгыаҕын тыкпыт, халлаан да көҕөрөмтүйэн ырааһырыаҕын ырааһырбыт. Хотон кып-кыра оруобучукуйа мөҥүрээбит оҕус бэлэһин саҕа түннүгүнэн күн бытархайа батан киирэн сүөһү аймаҕы сааскылыы астына сылаанньытта. “Үүт Үрүйэ” ферма дайаарка-кыргыттара ону бэлиэтии көрөннөр бэйэлэрэ да күлэллэрэ-үөрэллэрэ үксээтэ, сайыннарын ахтыбыттыы мичээрдэһэн ылаахтыыллар. Буолбакка, төһөтүн да иһин кыстыгы туораан эрдэхтэрэ. Ол саҕа үөрүү “Үүт Үрүйэ” тэрилтэҕэ суох, арай хамнас кэлэр күнэ бу үөрүүтүн арыый да куоһарара дуу. Дьэ, кыстыгы туорааһын баар – ханнык баҕар ферма саамай кыһалҕалаах кыһалҕата, сыралаах үлэтэ, төбө ыарыыта уонна илии-атах элэйиитэ. Ону ол диэбэккэ, саас аайы, түүнү быһа саамай кэрэ кыыһы кытта бэс чагда кэриитинэн сиэттиһэ күүлэйдээн баран сарсыарданан дьиэтин ааныгар атаарар курдук, саас аайы кыһыммытын атаарабыт ээ дьэ. Нэһиилэ, ойдор-быстар ыккардынан, тымныыны кытта солуута суох охсуһан тахсыбыппытын кэннэ.
Саас кэлбитэ фермаҕа эрэ биллибэтэ. Судаарыстыба салайар аппаратын үлэһиттэрин эмиэ сааскы сайаҕас салгын саба охсон атын саҥа санааларынан угуттаннылар. “Дьэ, «Үүт Үрүйэ» фермата баар дииллэр дии, үүтэ үрүйэлии сүүрүгүрэр үлүгэр, тарбахха баттанар тыа хаһаайыстыбатын сүдү тэрилтэлэриттэн биирдэстэрэ. Бээ, үүккэ-сүөгэйгэ күөнэхтээн сөтүөлүү, сүөһү этинэн тото-хана үссэнэ, көрө-истэ диэн ааттаан, били биэрбит “субсидиябыт” хайаста диэн бэрэбиэркэлии таарыйа бара сылдьыахха баара”, – дэстилэр. Тойоннорун аатын туоһуластылар, төһө өр айаннаан тиийэллэрин быһаарыстылар, хас күнүнэн тиийиэхтэрин толкуйдаатылар. Дьэ ол эрэ кэнниттэн “Барыахха да сөп эбит”, – диэн бүтэһиктээх быһаарыныыны Миниистир туруорда. Тута “Үүт Үрүйэ” ферма тойонун кытта ситим олохтоотулар:
– Үтүө күнүнэн, Сидор Уйбаанабыс! – диэбиттэригэр туруубка уҥуор саҥарыахтаах киһи ууга-уокка түспүттүү тэрили-тээбирини үҥкүрүтэрэ иһиллэр. Дьэ онтон:
– Оо, үтүө күн да буолуохтун, Ытыс үрдүгэр сылдьар ытыктабыллаах Миниистир!
– Ээх чэ, Уйбаанабыс, оттомуран олорон мин этэрбин-тыынарбын долоҕойгор тохтотон иһит, биэрэр ыйытыыбар дуоспуруннаахтык хоруйдаа: Хайа били бу күһүн эһиги тэрилтэҕит ситэри сайдарыгар диэн анаабыт субсидиябыт хайаста? Төһө сүөһү төбөтө төлкөлөннө, төһө үүт үрүйэлии уһунна? От-мас дьыалата хайаста, техникаҕыт чааһа, хотонуҥ өрөмүөнэ, үлэһиттэриҥ хамнастара? Уопсайынан даҕаны, туох кэпсиэ, тыа дьоно?
– Кэпсээтэххэ омурҕаны омурҕаннаан, күнү-күннүктээн кэпсиэххэ сөп сонуннаахпыт, уу харчыга солбуллубат убаастабыллаах Миниистир! Эт бэйэҕин илдьэ сылдьан, харахтаатар харахтаргынан көрдөрдөрбүт ханнык ордук диэн быһаара саныыбыт ээ, дүлэй сыыппаралары кулгааххар бу төлөппүөн туруубкатын нөҥүө ыйаан кэбиһэри соччото суоҕунан ааҕабыт…
– Буо-буо, Сидор Уйбаанабыс! Бэйэм сыҥаламмакка соруйан туоһулаһар быһыым ити, ыҥырыы иһитиннэриигин тутаарыбын. Биһиги бэлэм былааннаах олоробут. Эһиги улуускутун, оонньоотоҕум буоллун, бу кэпсэтии ааспыта нэдиэлэ туолуута тиийиэҕим. Бырастыы, тиийиэхпит. Өйдөөн иһит, делегациябыт биһиэнэ халыҥ аармыйа. Бары куорат кураанах килиэбин мотуйбут, химия аһылыгынан кыһыны туораабыт дьон тиийиэхпит турдаҕа. Ону учуоттаа. Саас кэлэн санаабыт да сайҕанан, үтүө санаабытын үксэтэн, кимиэхэ да эбит өссө эбии көмөлөһүөхпүтүн сөп диэн суоттана сылдьабыт. “Үүт Үрүйэ” ферма бөдөҥсүйэрэ туох куһаҕана кэлиэй, буот-таа-а?
– Оо, тылыҥ баһа сыаланнын, харахпыт харатын курдук хараһыйар хайҕабыллаах Миниистир! Сайдан-тупсан иһэртэн ордук туох үчүгэй баар буолуой, эппит тылларгын биһирии эрэ иһиттибит. Чэ, оччоҕуна билигин бу төлөппүөн туруубкатын уураат оруобуна биир нэдиэлэ эрэ кэтэһэбит, бэлэмнэнэбит уонна тэринэбит дии…
Салайар аппарат үлэһиттэрэ мэктиэтигэр тылларынан силбиэтэннилэр, сыалаах-уҥунуохтаах көһүҥэ эт, дьэдьэн күөрчэҕэр умсан ылбыт саҥыйахтаах алаадьы уруһуйдарын оҕустаран көрдүлэр. Өссө да ситэри үүттээх үрүйэҕэ сөтүөлүү сылдьыахтарын Миниистирбит уураах таһаарыытынан сиргэ батары түһэртээтэ: “Распоряжение. В связи с целевой программой “Субсидирование сельско-хозяйственных предприятий с поголовьем скота свыше 100 дойных коров” провести проверку рабочей инфраструктуры, аудит экономической деятельности за данный бюджетный год. Контроль за исполнением оставляю за собой. Министр.”…
Уйбаанабыс
“Үүт Үрүйэ” ферма дириэктэрэ Уйбаанабыска бүгүн ааттаах күҥҥэ Миниистир илэ бэйэтинэн субуоннаан соһутта. Сарына кэтирээтэ, төбөтө биир былас өндөйдө. Буолбакка, Миниистир бэйэтэ! Миниистир бэйэтэ киниэхэ эрэ субуоннаан “ыалдьыттыы тиийиэхпит…” диэтэ! Ханнык да атын тэрилтэлэртэн чорботон киниэхэ эрэ субуоннаабыта муҥутуур ордугун, талыллыбыттартан биирдэстэрэ буоларын туоһулуур.
Оо, төбөтүгэр эҥин араас идеялар барыта охсуллан аастылар. Тугу иилэн ылан өссө харчы бэриһиннэрбит киһи диэн толкуйга түстэ. Харчы хаһан баҕарар наада. Үллэр-баллар харчы. Били бастаан дириэктэрдии киирэригэр капитал гына уурунуох буолбут харчыта билигин да суох, ыарахан кэмнэр, кризис, сыана үрдээһинэ, барыта-барыта мэһэйдээбитэ. Кыралаан көстөр харчынан үрдүнэн-аннынан төлөһөн иһэрэ, кирэдьииттэн кирэдьииккэ умнаһыт ыал курдук олорбуттара ыраатта. Ол кэмнэри аһырдыбыт киһи ордук буолуо этэ.
Үлэһиттэр диэ… Үлэһиттэр урут да тулуйбуттара, билигин да тулуйуохтара. Уонна ханна барыахтарай? Олохсуйан хаалбыт пенсионердар эт-үүт туһугар үлэлээбиттэрин курдук үлэлии сылдьыахтара турдаҕа. Урут онтон, сылы-сыллаан соһуллан хамнастарын биирдэ эмэ харахтаан көрөллөрө. Өссө кыратык тулуйдахпытына, бэриллэр харчыны капитал курдук уурунан кэбистэхпитинэ дивидеммитинэн аһаан-таҥнан олоруохпут турдаҕа. Өссө кыратык тулуйуохпутун наада, бып-быычыкаайытык…
Дьэ ити курдук санаа ситимин ситэн ылан харчы хайдах ырыбыллыаҕын толкуйдаан ылбыт курдук, бастакы утаа кылаабынай зоотехнигар субуоннаан сырылытта:
– Дьэ доҕор, били ааспыкка, хаһан эрэ комбикорм, оннук-маннык биодобавкалар, битэмииннэр диэхтиир этиҥ, дьэ бу сыл тухары төһө наадатын учуоттаан, уопсайынан даҕаны от-сиилэс эмиэ төһө ирдэнэрин барытын суоттаан оччуоккун үс күн иһигэр баар гынаргар дьаһайдаҕым буолуохтун!
– Туох ыксала тирээн кэллэ, Сидор Уйбаанабыс?
– Дьэ, тирээтэ. Аны биир нэдиэлэнэн Миниистирбит ыалдьыттыыр үһү, бөдөҥсүйэр бырайыактаргытын бэлэмнээн олоруҥ диэтэ, баҕар биири эмэ олоххо киллэрэргэ күһэллиэм диир дуу, онон туох баар быыс хайаҕас баарынан бырайыак үлүгэрин бэлэмнээн, көмүскүүргэ күһэллэбит.
– Оо, дьэ! Бырастыы гын дуу, Уйбаанабыс, үс күн иһигэр тиһигин ситиһэрим биллибэт ээ. Бэйэҥ да көрө сылдьаҕын дии, барытын хос сөргүтэн үлэһит бөҕөтүн көтөҕөн, ааҕыахха-суоттуохха наада эбээт… Саатарын дьиэбин бу сайын кэҥэттэрээри аҥаар өттүн көтүрэн күннүүн-түүннүүн түбүгэрэрим үлүгэрэ…
– Үрдүнэн-аннынан доҕоччуок, үрдүнэн-аннынан… Сылыктыахтара да суоҕа, кылаабынайа баар эрэ буоллун!
– Ээ сөп оччоҕо Уйбаанабыс, мин оччоҕо биригэдьиири да, кладовщигы да ордук хос ноҕоруускалыы сатаабакка сылаас, сып-сымнаҕас кириэһилэбэр тиэрэ түһэн олороммун эрэ халлаантан түһэр сыыппараларынан сыбаан үс күн иһигэр оҥоруохпун сөбө эбээт.
– Үлэҥ түбүгэ ситиһиинэн тосхойдун!
Дьэ, бэрт. Ас-үөл өттүн хааччыйыы – производствоны үрдэтии. Биһиги инникитин туох тиийбэтин билэрбит – кыһалҕа аҥарын быһаардыбыт тэҥэ… Уоннааҕыта бэйэтэ бэйэтигэр тиһиллэн, сатанан иһиэ турдаҕа. Арба даҕаны, харчыбыт хамсааһына хайдаҕа эбит буолла-а? Уйбаанабыс аны Кылаабынай Буҕаалтырын саныы биэрдэ да, иккис уочарат киниэхэ субуоннаата:
– Уруй-тускул буолуохтун, баар-суох кылаабынай буҕаалтырбыт! Туох сонун-нуомас, үлэ-хамнас?
– Истэбин, Уйбаанабыс. Туох сонуна-нуомаһа кэлиэй, таһаара дойдуга Кытайга бараары куоракка кэлэн виза оҥосто сылдьабын, айыкка да, сүүрэбин-көтөбүн…
– Эчи, сылаалаах үлэнэн дьарыгыра сылдьар эбиккин, сынньана түһүөххүүн… Мин ити көрдөһүүлээх эйиэхэ билинним ээ…
– Кытайбар тиийдэрбин, мунньуллубут хас да ыйдааҕы ноҕоруускабын тиэрэ таһылла сытан массаастанан тыыммын таһаарыам эбээт! Ол эмиэ туохпут көрдөһүүтэй?! Бачча ыксалга сыа-былчархай буолаҥҥын да…
– Миниистирбит бэрэбиэркэлии кэлэбин диэн куттаата, өйдүүгүөн, ааспыт күһүн, субсидия харчыта түспүтүн, түүннэри-күннэри мунньахтаан үллэстибиппит дии…
– Өйдөөн, Уйбаанабыс. Онуоха иилэн ылан ирдэһэр туох да суоҕун курдук оҥорбуппут буолбат дуо? Үтүө суобастаахтык көрүс да, бүттэҕэ ол дии…
– Билэбин. Өссө эбии апчарыйыахпытын аны саҥа финансовай былаан наада…
– Ээ диэ! Чэ оччоҕо мин бүгүҥҥү күнү уталыппакка итиннэ, үлэбэр эргиллэ охсобун! Уйбаанабыс, дьээбэлээҥҥин даҕаны, тутатына “харчы хайытыахха наада” диэххин… Чэ оччоҕуна, тугун эмиэ Кытайай, кыараҕас харахтары хаһан да харахтаан көрбөтөх курдук, кэлин Египет диэки барыллара дуу…
Дьэ, олус бэрт. Кылаабынай буҕаалтыр ылыстаҕына кытаанахтык ылсар дьахтар. Тиһигэр тиэрдэн, барытын чөкөтөн-сааһылаан, суоҕу да баар гынар алыптаах дьахтар. Арба даҕаны, былырыыҥҥы бырайыактар! Тугу эрэ хой баһынааҕыныы туойбуттуу Уйбаанабыс аны биригэдьииригэр Уйбаан Бөтүрүөбүскэ үһүс төгүлүн төлөппүөнүн көтөхтө:
– Дорообо! Бу, Уйбаанабыс…
– О, дорообо, дорообо! Дьэ үлэ-хамнас кэминэн, сүөһү отун ыстыы сылдьар, ынах ыанар, тарбыйах үүтүн иһэ турар…
– Сөп-сөп, эн миэхэ ити күннээҕи түбүккүн сыбаама! Ыл, били, былырыын саҥа хотон акылаата түһүөхтээҕэ…
– Хантаан… Буор кутуллубута да, тутуу матырыйаала кэлбэтэҕэ дии, оннук былаһаакка буолан туран хаалаахтаабыта.
– Дьэ онно булгуччу бу нэдиэлэни аһардыбакка саатарын да биир тиит маһы охторон акылаат түһэрэ охсун!
– О, онно тыраахтыр наада этэ дии. От тиэйэр, саах таһаарар тыраахтырбыт күн бокуойа суох сарсыарда күн тахсыаҕыттан киэһээ хараҥарыар диэри сүүрээхтиир.
– Сорохторо?
– Икки тыраахтыр сапчаастарын ылан биэрбэтэҕиҥ дии, күһүҥҥүттэн турбуттара да оннук ыһыллан бүтэллэрэ чугаһаата, аны сайын хайдах оттуохпутун өйүм хоппот.
– Эмиэ мин буруйдаах буоллум! Буолта-гаайка итиннэ гарааска да көстүбэт үһү дуо? Барыта саҥаны атыылаһан бэриллиэхтээх дуу?
– Буолта-гаайка гарааска буолуох, сыбаалкаҕа да көстүбэт буолбут ээ, аныгы дьон өйдөммүт, барытын сылыбыраччы ылҕаан ылаллар…
– Куотуна охсоргут түргэнин… Хайыахпытый, кыһаллан сапчаас бүгүн-сарсын ыла сатыахпыт…
– Уйбаанабыс, сапчаастары ыллаххына даҕаны ким ол тыраахтырдары оҥостуой?
– Хайдах ол?
– Онтон тырахтарыыстардан биирдэстэрин бэйэҥ уураппытыҥ, биирэ содержаниета суох уоппускаҕа барбыта ыраатта, сураҕа куоракка “холтуралаан” аһаан-таҥнан сылдьар үһү…
– Эмиэ мин буруйдаах буоллум! Хайыахпытый, суһаллык договорникта була оҕус. Харчытын тута бэриллиэ.
– Аны гарааспыт көҥдөй тоҥ турар…
– Тууй сиэ! Эмиэ мин буруйдаах…
– Мһм, биир тыраахтыр аайы тугун эмиэ гарааһай диэбитиҥ, чоҕу кэмчилээччи аатыран… Ол түмүгэр бодобуоспут оскуола гарааһыгар, тыраахтырбыт администрация гарааһыгар тураллар.
– Дьэ ончу өйдөөбөккүт эһиги, тэрилтэбит нэһилиэги аһатан-таҥыннаран олорорун. Мин харчыны үрдүттэн айбардыырым курдук кэпсэнэҕит, бэйэҕит харыс да хамсаан-үлэлээн көрбөккүт! Эһиги тускутугар мин кыһаллан сылайан эрэбин…
Чэ, маннык дьаһаныах: сиргэ да дьөлүтэ түс, халлааҥҥа да кыырайа көт, биир нэдиэлэ иһинэн акылааты түспүт оҥор. Уонна билигин сүөһүлээх хотоҥҥун ыраастаа-чөкөт, ыһыллан-тоҕуллан олорумаҥ. Хараҕым ханна да хатаныа суохтаах, барыта чаһы курдук үлэлиэхтээх. Уонна дьэ, икки кытараабыт баайтаһынна көрө сырыт, сотору сүүстүөхпүт…
– Тоҕо саатар икки? Бачча кыһыны туораабыттарын кэннэ…
– Тоҕо эмиэ бэйэҥ сүөһүҥ курдук хараһыйдыҥ!? Тэрилтэ аата тэрилтэ, сүөһү өлүүтэ — производство чэрчитинэн! Арба даҕаны, Уйбаан, эн этэ да, дьиэ иһин тупсарыныыга сайабылыанньа түһэрсибит? Дьэ буо-от, өйдөө, тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин дьиэлэрин тупсарыныыларыгар киирбит сайабылыанньалартан эйиэнин ордук чорботон хамсатыахпын сөп диэн бигэргэтэбин. Эн киһи эрэлин эрэ түһэн биэримэ…
Биригэдьиир саҥата-иҥэтэ суох туруубкатын халыҕыр босхо бырахта. Молчание – знак согласия. Дьэ бэрт диэҕи, туох көстөр… Уйбаанабыс эмиэ ырааҕынан ыраҥаланан толкуй үрдүгэр түстэ…
Уйбаан
Уйбаан – тыа чулуу үлэһитэ. Оскуоланы бүтэриэҕиттэн, инньэ сопхуос саҕаттан ынах кутуругун манаабыт дьонтон биирдэстэрэ. Үйэтин тухары үлэлээбитэ да, иннигэр-кэннигэр билигин туоҕа да суох курдук. Хата, кини оннугар уола билигин куоракка дьоһуннаах үөрэҕи бүтэрэн дуоспуруннаах үлэҕэ киирбитэ. Хамнаһа кырата диэн, кэлин үрдүө турдаҕа. Бастаан утаа эрэ көмөлөһө түһүөххэ наада. Онно аҥаардас пенсия тиийбэт. Ол иһин да “Үүт Үрүйэ” ферматыгар биригэдьиирдииргэ сөбүлэспитэ. Уопсайынан даҕаны, сүөһү көрөр тэрилтэлэр аныгы кэмҥэ барыһы киллэрбэттэрин Уйбаан этинэн-хаанынан билэр, субсидия эрэ көмөтүнэн тыыннаах ордон олороллор. Судаарыстыба былаанабай экономикаттан таҕыстаҕына, ВТО-ҕа киирбитин сылыктаатахха сотору тахсыаҕа дии, дойдуну аһынан-үөлүнэн хааччыйыы целевой программа тохтоотоҕуна бу улууска баар бары тыа хаһаайыстыбалар эстээхтииллэр ини. “Чэ, онуоха-маныаха дылы” диэн ис сүрэҕиттэн ылсан үлэлии сылдьар. Төһө да сарсыҥҥыга эрэл суоҕун иһин.
Уйбаанабыс сөпкө эттэ ээ, инньэ сэбиэскэй саҕаттан тэрилтэҕэ ээл-дээл сыһыан баар. Үөрэнэн хаалан, сүрэҕэлдьиир буоллубут, үлэбитин үрдүнэн-аннынан толоро толоробут хамнас аахсарга эрэ уһуктабыт. Өссө эбиитин “тэрилтэ тэрилин тоҕо хараһыйдахпытый” дии-дии үлтү үлэлэтэн алдьатарга маастардарбыт. Икки тыраахтыр ыһыллан эрэр, дойкабыт си-дьүгээр үлэлээбэт. Иниэхэ барытыгар харчы наада ээ.
Уйбаан төһө да санааҕа ыллардар, дьаһайар дьүһүнүн ыһыктыбакка үлэтигэр таҕыста. Чахчы, сүөһү аймах аһыы турар, дайаарка кыргыттар мичээрдии-мичээрдии ынахтарын ыан субураталлар, тарбыйах аһатааччы кыыс өссө ырыа ыллыы-ыллыы астына аһата сылдьар. Маннык кэрэ үлэ күөстүү оргуйуута бу тэрилтэҕэ мээнэ көстүбэт. Уйбаан үлэһиттэрин аһына санаатар да, үлэ түбүгүн уйгуурдан үлэһиттэрин табаахтыыр хоско хомуйа тутта:
– Дьэ, доҕоттор, аны биир нэдиэлэнэн үөһээттэн бэрэбиэркэ кэлэр үһү. Былырыын ыспыт-тохпут үлэбитин-хамнаспытын чөкөтүнүөхпүтүн наада. Маарыйа арыыһыкка туһаайан этэбин: били дойка турбаларын өстүөкүлэҕэ төттөрү көһөр, сылаанганан турарын көрдөхтөрүнэ сүөргүлүөхтэрэ, өстүөкүлэ турба нөҥүө үүт үрүйэлии устарын көрүөххэ да астык. Барбыттарын кэннэ төттөрү сылаангаҕа көһөрүөҥ. Тырахтарыыс Ыстапаанап тыраахтарын фааратын оҥосто оҕус. Өрөбүл күн түүннэри үлэлиигин, бэнидиэнньик сарсыарда ынах аччыктаан маҥыраабатын курдук, уонна хотон иһигэр саах суох буолуохтаах, куоска таһаҕын курдук ып-ыраас, ньэп-нэлигир оҥороор эрэ. Дайаарка кыргыттар бары мап-маҥан хаалаппытын кэтэбит! Үлэлиир сиргитин ыраастаныҥ, биирдэ баҕас ону-маны утары көрдөөбөккө, туох тиийбэтин дьиэттэн да аҕалан хомунуҥ, сууйуҥ-тарааҥ эрэ баһаалыста! Били Уйбаныап үлэһиппит ханна барда?
– Бэҕэһээ арыгылаабыт үһү, ыалдьа сытара буолуо… – дэстилэр дайааркалар.
Тырахтарыыс Ыстапаанап тулуйумуна олоро түһэн баран санаатын эттэ:
– Сырыы аайы бэрэбиэркэ… Туох туһаны аҕаларын көрбөтүм. Ол ынаҕы маҥыраабат гынарга айаҕар өрбөҕү уган баран ыга баайдахха эрэ маҥыраабат оҥоруохха сөп. Уонна даҕаны, аһыы турар сүөһү хайдах сааҕа суох буолуон сөбүй, эбэтэр оннук уһулуччу тупсаҕай уонна өйдөөх сүөһүлэрбит бэйэлэрэ “тахсан киирэр” буоланнар хотоммут ып-ыраас диэн киһиргэнээри оҥостунабыт дуо?
– Ситэритин аһара өйдөөх буолан бэйэлэрин бэйэлэрэ ыамматтар да? – диэн дайаарка кыргыттар киксэ-киксэ күлүстүлэр.
Уйбаан эмиэ күлүм мичийдэ. Эрээри Уйбаныап кэлбэтэҕиттэн эмиэ сөм түстэ. Хаһыс хаһыс төгүлүн тастыҥ быраатын уолун состо-состо – ончу өйдөммөт оҕо баар дьэ. Дьиҥ иһигэр, үлэлээтэҕинэ саха уола сатаабатаҕа суох, уулаах-уокка умса түһэ-түһэ кыһаллар, арай ол үлэтин боруостаары арыгылыы баран хаалара дьаабы дьыала. Үтүө үлэ биирдэ сотуллан хаалар. Хайыаҕай, бу да сырыыга дьиэтиттэн тиийэн сылгылыырыгар тиийэр.
Арыыһыт Маарыйа идэтинэн муннун анныгар куллугуруу хаалла: “Эмиэ да.. Көрдөрүнньүктээн да байабыт… Эмиэ өстүөкүлэ турбаларбын соскойдуубун, сыакаардар ыарахаттара, алдьанымтыалара, кыайан сууллан-сотуллан испэттэринэн дьаабы тэрил диэтэҕиҥ…”
Уйбаан төһөтүн да үлэһиттэрин аһыннар, күргүйдүүр идэтин ончу ыһыктыбат: “Чэ, аппаһан баран олоруоххут дуо, мунньах бүттэ, үлэҕитигэр ыстаныҥ!” диэн кууруссалары ыһаттыыр курдук бары түүтэх уҥа-хаҥас арахсан хааллылар. Уйбаан аргыый Уйбаныапка дьэргэйдэ.
Уйбаныап
Уйбаныап бэҕэһээ ыалга мас тиэйсибитэ, тиэйтэрбит хаһаайын дэлби аһатан төбөтө ыаҕастаах уу дьалкыҥныырын курдук ыарытара сүрүн. Хайдах эрэ үлэҕэ хаампыт киһи. Ээ чэ, Бөтүрүөбүс сылгылыыр ини. Сылгылаабат буоллаҕына бэрт дии, үлэ суох ол аата.
Уйбаныап Бүөккэ спортсмен бэрдэ этэ, атаҕын өлөрбөтөҕө буоллар ситэри эрчиллэн, тренировкаланан хайы-үйэ чемпионнаан чыпчаалтан чыпчаалы дабайа сылдьар кэмэ буолуо эбит.
Атаҕын өлөрөн, тустууттан туоратыллан, олоҕо тосту уларыйбыта. Оҕо эрдэҕиттэн үөрэҕэр мөлтөх киһи физкультура эрэ өттүгэр үөрэнэр кыахтааҕа. Билигин кэлэн мастыйбыт мэйиини былчыҥ курдук хачайдаан сайыннарбаккын. Хата, хаалбыт күүһүн хара үлэҕэ туһаммыта, “Үүт Үрүйэ” ферма үлэһитинэн киирэн арыый да аһын-таҥаһын булунар. Доҕотторо бары куоракка үлэ-үөрэх, эр-ойох буолан олохсуйа хаалбыттара ыраатта, онтон атын кимниин бодоруһуой, уулуссаҕа сылдьар арыгыһыттардыын илэ мээнэ аһаабыта быданнаата.
Хата Бүөккэҥ “Үүт Үрүйэ” ферматыгар солбуллубат разнорабочай: комбикорм тиэйиитэ буоллун, от таһыыта буоллун, тугу эмэ тутуу-оҥостуу буоллун, барытыгар кыахтаах уолларыгар Уйбаныабка сыҕайаллар. Уонна ким үлэлиэй? Диабеттаабыт Ыстапаанап үс киилэттэн ыараханы көтөхпөт, тыраахтырыгар олороругар баһыыба. Онтукайыҥ даҕаны биэнсийэлээх кырдьаҕас киһи, «бээ» диэтэҕинэ барытын быраҕан кэбиһиэн сөп. Чахчы, эдэрдэрэ, эрчимнээхтэрэ кини эрэ эбит. Ол иһин да арыгылыырын тулуйан сыһа-соһо сырыттахтара.
Дьэ ол-буну буолар буолбаты баттаппыт төбөтүгэр санаатаҕа буолан эргитэ сыттаҕына биригэдьиирэ Уйбаан киирэн кэллэ:
– Хайа Уйбаныап! Тиэрэ таһылла сытаҕын дуу? Курортнай сезон саҕаланна да?
– Ээх чэ, Бөтүрүөбүс, туруом ээ, туруом. – нэһиилэ уулаах ыаҕас төбөтүн көтөхтө, киһилии турукка олоруна биэрдэ.
– Дьэ ноко, үлэ-хамнас күүстээҕэ саҕаланна. Биир нэдиэлэ тулуйан арыгыга аралдьыйбакка үлэлиэх эрэ. Биир нэдиэлэни тулуйдаргын бу турар бэйэлээх бэйэҥ биригэдьиириҥ үс сулустаах коньяк туруоруоҕум!
– Чахчы үс сулустааҕы да?
– Чахчы-чахчы!
– Онтон билигин биир да сулуһа суох буоллун, стограмчик “кылбачыйартан” абырахтаабаккын ээ…
– Абырах онно кэтэһэн турар, чэ тур, бардыбыт.
Бүөккэ абырах баарын истэн мэктиэтигэр төбөтө чэпчээбиккэ дылы, түргэн соҕустук ылы-чып таҥнан Уйбаанныын барыста.
Уйбаана били былырыын буор куттарбыт ырааһыйаларыгар илдьэ кэллэ, уонна туора күрдьэх туттаран кэбистэ: “Дьэ бу баар абырах! Былырыын кутуллубут площадканы бүүс-бүтүннүүтүн хаарын күрдьэн кэбис. Эппитэ диэйэҕиҥ, эбиэккэ чаһы буола түһүөҕүҥ!”
Бүөккэ туох диэҕэй, барбах “подстава…” эрэ диэн ботугураата, уонна күрдьэҕин тутан халлаан куйаарын одуулуу түстэ… О, үчүгэй да үлэ күнэ үүммүт…
Үүттээх Үрүйэҕэ дьэ ити курдук күүстээх үлэ күөстүү оргуйбута. Нэдиэлэни быһа. Уйбаныап арыгытын испэккэ эрэ площадкаҕа биир эргиир оклад маһын түһэрбитэ. Уйбаан үлэһиттэрин бэрээдэктэтэлээн, үөһээттэн дьон кэлэригэр бэлэмнэнэ ахан сылдьара, Уйбаанабыс докумуоннарын сааһыланан-чөкөтүнэн, бырайыактан бырайыак тиһэрэ.
Дьэ барыта бэлэм буолтун кэннэ, Уйбаанабыс хотонун холумтанын дьэ саҥа үктээн ааста. Уйбаан утары сүүрэн кэллэ, били көрбүт баайтаһыннары ыйан көрдөрдө. Уйбаныаппыт буоллаҕына сүөһүнү астаары уоһун-тииһин оҥостор. Уос-тиис буолан, быһах-сүгэ көрүнэр, сытыылыыр-кылаанныыр.
Уйбаанабыс көрөн баран “Ээ хата, кыһыны туораабыттар диэтэххэ, туохтааҕар да үчүгэйдэр! Сүүстүөххэ!” диэн аллайда. Икки баайтаһын сордоохтор, тугу билиэхтэрэй, “үчүгэй олоххо тиксэн эрэбит” диэбиттии туох да эрэйи көрдөрбөккө сиэтиллэн таҕыстылар. “Уйбаныап! Тугу иннэ аччарыһарый, ыл, кэл түргэнник, астыы оҕус!” диэн Уйбаан хаһыытаата.
Уйбаныап бэрт-бэрт тэтиэнэхтик сүгэтин тутан кэллэ, сүөһүтүн сүүһүн кыҥастаста, уонна охсуох иннинэ бу курдук тыллаах эбит
“Дьэ хотуй, этиҥ эрэ минньигэс буоллун! Сатаннахпытына миниистир биһиги олохпутун тупсарыа. Ол аата эн — биһиги олохпутун тупсарыаҥ…”
Сүгэ ончоҕо үөһээ халлааҥҥа күөрэйдэ да – “Дахх!”…