Мария Винокурова – Уйгулаах
Үлэ үөрүүтэ
Федора Петровна чаһыта тыаһыан иннинэ уһуктан кэллэ. Халлаан саҥардыы сырдаан эрэр эбит. Салгыы утуйаары эргичийэн-урбачыйан көрдө да уута көтөн хаалла. “Чэ бээ, туруохха, хата киэһээ бэрэбиэркэлиэхтээх тэтэрээттэрбин көрөн кэбиһиэм.” Аа-дьуо туран телевизорын холбоото, чаанньыгын оргута уурда, суунна-тараанна. Куруук буоларын курдук, суоратыгар бэчиэнньэ бытарытынна, чэйин куттан аһаата. Остуолун хомуйа тардан, телевизорын арааран, саалатын остуолугар тэтэрээттэрин уурунан чуумпуран олордо. Аня Готовцева тэтэрээтэ бастакынан сытарын хаба тардан ылан арыйда. Тиэкис устун үөрүйэх харахтарынан сүүрэлээтэ, сыыһаны булбата. “Бу кыыс омук тылыгар сыһыамах даҕаны ээ, оскуола кэнниттэн ФИЯ-ҕа туттарыс диэбиппэр былааным атын диэбитэ. Өйдөөх кыыс тугу эрэ боччумнааҕы тобула сылдьара буолуо…” Федора Петровна бииртэн биир тэтэрээти арыйан бэрэбиэркэлии оҕуста. Өссө чэй сылыттан истэ уонна оскуолатыгар тиэтэйдэ.
Федора Петровна чэпчэкитик дугунан хаампыт көнө дьулугурас уҥуохтаах, куруутун үөрэн мичилийбит харахтардаах, бэйэтин сааһыгар эдэрчи, сэргэх сэбэрэлээх дьахтар. Турбут-олорбут, хаампыт-сиимпит буолан үгүстэр кини 65 сааһыгар чугаһаабытын билбэттэр даҕаны. Оскуолаҕа үлэлээбитэ 39 сыл буолла, саамай аҕа саастаахтара кини, улууска бастыҥ үлэлээх уопуттаах учуутал. Оҕолор да, кэллэктиибэ да олуһун убаастыыллар, сөбүлүүллэр. Эдэр учууталлар дьээбэлэнэн “Учуутал Эбээбит” диэн ааттыыллар. Федора Петровна онно өһүргэммэт, төттөрүтүн дьээбэлэнэн “сиэннэрин” үөрэтэр-такайар, олохтоох киһи быһыытынан кэлии учууталлар туохха эмит наадыйдахтарына кыаҕа баарынан көмөлөһө сатыыр. Үлэлээбитин тухары элбэх оҕону омук тылыгар уһуйан билигин үөрэнээччилэрэ учууталлар, араас офистар, турфирмалар салайааччылара, бөрөбүөтчүттэрэ, менеджердэрэ буолан сылдьалларыттан ис-иһиттэн астынар. Ханна да көрүстэллэр учууталларын олус истиҥник саныыллар, араас дойдуларга баран кэллэхтэринэ хайаан да кэһиилээх буолаллар.
Бүгүн түөрт уруоктаах. Иккис уруогунан 10-с кылаастартан саҕалаан үлэтин күнэ саҕаланыахтаах. Учительскайга ким да суох эбит. “Ханна эрэ кылаастарынан эҥин тарҕастахтара дуу…”, – Федора Петровна санаатын ситимин завуч Эльвира Семёновна саҥата быһан кэбистэ. “Петровна дорообо, директорскайга мустан олоробут.” “Дорообо, сөп, билигин тиийиэм”, – Федора Петровна сонун устан ыйаата, баттаҕын илиитинэн имэрийэ көннөрүннэ уонна директорскайга тиэтэйдэ. Саҥа үөрэх дьыла саҕаланыытыгар эдэр директор кыыс ананан үлэлии кэлбитэ. Директордара Петр Николаевич үрдээн управленияҕа барбыта. Эдэр салайааччы үлэтин олус тэтимнээхтик, аныгылыы көрүүнэн саҕалаабыта. Бастатан туран кылаас салайааччыларын түмэн хас биирдиилэрэ анал бырайыактарынан үлэлииллэрин ирдээбитэ. Учууталлары профилларынан группаларга арааран түмсүүлэри тэрийбитэ, оҕолору үөрэтиигэ бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһүү форматын киллэрэн үөрэх да, бэрээдэк да биллэ тупсубута. Онон кылгас кэм иһигэр оскуола олоҕор сонун сүүрээн утумнаахтык кутуллубута. Жанна Георгиевна салайааччы быһыытынан олус ирдэбиллээҕин бастакы үлэтин күнүттэн биллэрбитэ. Оскуола үлэһиттэригэр улахан мунньах оҥорбута, үлэ былааннарын билиһиннэрбитэ, хас биирдии учууталтан үөрэхтэрин, категорияларын хаһан үрдэтиммиттэрин, туох былааннаахтарын сиһилии ыйыталаспыта, биир улахан соругунан бука бары компьютеры баһылыахтаахтарын туһунан эппитэ. Федора Петровна үлэтин хайҕаабыта, ол эрэн компьютеры сатаабатын билэн үөрэнэригэр сорудахтаабыта. Эдэр учууталларга ыйан-кэрдэн, көмөлөһөн биэрэллэригэр эппитэ. Оттон Федора Петровна туохха барытыгар түргэнник ылсан үөрэнэр бэйэтэ компьютеры туттарга үөрэнэ сатаата да кыайтарбата. Эдэр учууталлар көмөлөрүнэн программаларын киллэрэр, отчуотун оҥорор. Оскуолаҕа харабыл эрэ хаалыар диэри олорон бытааннык да буоллар борустуойу бэчээттииргэ син үөрэннэ. Ол эрэн онтукайын кумааҕыга бэчээттээн таһаарары, докуменын флешкаҕа көһөрөрү олох сатаабата. Инньэ гынан ким эмэ көмөлөһөрүн күүтэригэр тиийэр. Жанна Георгиевна куруук ыйыталаһар, кыра да ситиһиилэрин хайгыыр, аҥардас бэчээттээһини эрэ буолбакка араас программалары баһылыырга, презентациялары оҥорорго үөрэнэригэр сорудахтыыр. “Киһи ылымматын хайдах да баҕардар ылыммат эбит…”, — Федора Петровна директор кабинетын аанын арыйда, дорооболоһон олордо. “Үөрэх министиэристибэтэ учууталлар электроннай портфолиоларыгар улахан кэтэхтэн көрүү — куоҥкурус биллэрдэ. Балаһыанньатын ыыттылар. Срога ахсынньы 15-с күнүгэр диэри. Бу куоҥкуруска учууталлар бары хабыллыахтаахтарын ирдээтилэр. Үлэлэргит түмүгүнэн бэйэҕит идэҕитигэр төһө эппиэттииргитин быһаараллар. Онон бу биир ый иһигэр күүскэ үлэлээҥҥит куоҥкуруска ситиһиилээхтик кыттаргытыгар баҕарабын. Мунаахсыйар боппуруостаргытын Эльвира Семёновнаны кытары сүбэлэһээрин. Нэдиэлэ бүтүүтэ куоҥкуруска кыттар былааннаргытын күүтэбин. Федора Петровна иккис уруоктааххын дии быһыыта, хаала түһээр эрэ”, – Жанна Георгиевна барыларын кэриччи көрдө. Учууталлар “һуу-һаа” буолан кэпсэтэ-кэпсэтэ кылаастарынан тарҕастылар. “Федора Петровна, компьютеры төһө баһылаан эрэҕин?” – Жанна Георгиевна оргууй ыйытта. “Улахан сатааһын суох… Иллэҥ бириэмэбин барытын онно аныыбын да… Киһи ылымматын дьэ ылыммат эбит ээ… Ити куоҥкуруска хайдах кыттарым буолла…” – Федора Петровна директорын диэки аһыннарыылаахтык көрдө. “Омук тылын учууталлара кытталлара булгуччулаах диэбиттэр. Онон кыттарын хайаан да наада. Эльвира Семеноваҕа быыс булан көмөлөһөрүгэр сорудахтыам. Элбэх уопуттаах, бастыҥ учууталбыт буоллаҕыҥ дии, онон, дьэ кытаат”, – Жанна Георгиевна Федораҕа эрэнэрин биллэрдэ.
Федора Петровна директор кабинетыттан ыарахан сүгэһэрдээх курдук сананан таҕыста. Оскуола коридора чуумпу, ким да суох. Кылаастар аһаҕас ааннарынан учууталлар, үөрэнээччилэр куоластара иһиллэр. Федора Петровна кураанах коридор устун оргууй аҕай хааман утары турар түннүккэ тиийэн хаар кыыдаамныырын көрөн турда. Халлаантан сымнаҕас хаар мөчөхтөрө “ханна да ыксаабаппыт” диэбиттии аргыый наллаан сиргэ түһэллэр. Ардыгар тыалга уйдаран тэлээрэн хаалыах курдуктар. “Чэ бээ, уоскуйуохха, бириэмэ син баар… былааммын оҥостоммун үлэлэһэн көрүөххэ… сатаабаппын диэммин олорон биэрбэт инибин”. Федора Петровна санньыарбыт санаата эргийэ көтөр хаар кыырпаҕын кытары буккуһан ырааһыран, симэлийэн хаалла.
Оскуола иһигэр тэтимнээх үлэ оргуйан олордо. Учууталлар “дьиэлээх этибит дуу” диэхтэригэр диэри хара сарсыардаттан киэһээ олох хойукка диэри түбүгүрдүлэр. Федора Петровна эдэр учууталлартан электроннай портфолио хайдах буолуохтааҕын ыйдаран-сүбэлэттэрэн былаанын кумааҕыга түһэрэн директорыгар көрдөрбүтүн Жанна Георгиевна олуһун хайҕаата, эбии бэйэтин санааларын этэн сүбэлээтэ. Федора Петровна бытааннык да буоллар бииртэн биир тиэкистэрин бэчээттээн ыраатыннарда. Сатаабатыгар көмөлөһүннэрээри санаатыгар Эльвира Семёновна иллэҥсийэрин кэтэһэр. Ол эрээри завуһа арай тоҕо эрэ киниэхэ кыһаммат курдук. Тугу эмит ыйыталастаҕына “бириэмэм суох, кэнники” диэн иһэр. Биирдэ учительскайга учууталлар кэпсэтиилэрин иһиттэ. “Эльвирабыт били городская племянницата үлэтиттэн үүрүллэн кэлэн олорор эбит дии. Хаһыс эрэ школаҕа английскай учуутала кыыс”, — саха тылын учуутала Туяра Николаевна кэпсиир. “Ээ ол иһин даҕаны оннук курдугу истибитим. Директорын кытары скандалласпыт дииллэрэ. Эльвира олох бэйэтин оҕотун курдук ииппит, атаахтаппыт кыыһа. Борустуой соҕус майгылаах кыыс этэ, билигин хайдаҕа буолла, билбит суох. Эдэр учуутал үлэтин саҕалааһына соччото суох буолбут дьэ, Эльвирабыт ол да иһин бу күннэргэ ньиэрбэтэ хойдубут эбит”, – кэпсэтиигэ олохтоох кыыс Вера Ивановна кыттыһар. Федора Петровна ону истэн Эльвираны аһына санаата: “Ол да иһин санааҕа баттаппыт курдук сылдьар эбит дии, Варикката сатаммакка кэллэҕэ…” Эльвира Семеновна эдьиийин кыыһа Варикка оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр сайынын куруук кэлэр буолара, улахан кылаастарга Федора Петровнаттан омук тылыгар консультация ыла сылдьыбыта. Үөрэҕи олус түргэнник ылынар кыыс этэ. Арай майгыта куорат оҕотун быһыытынан эбитэ дуу, улахамсык, тугу да улахаҥҥа уурбат курдуга. Оскуола кэнниттэн Эльвираҕа кэлбэт буолбута, ФИЯ-ҕа киирэн үөрэҕин бүтэрэн куоракка учууталлыыр сурахтааҕа.
Ахсынньы ый тиийэн кэлбитин үлэҕэ үтүрүттэрии буолан билбэккэ да хааллылар. Учууталлар ким хайдах кыахтааҕынан түүннэри-күннэри түбүгүрдүлэр. Бириэмэлэринэн көрөн Федора Петровнаҕа көмөлөһө сатыыллар. Биир күн Эльвира Семёновна Федора Петровнаны кэбиниэтигэр ыҥырда. “Федора Петровна хайа портфолиоҕын төһөлөттүн? Кэлэ-бара көрдөхпүнэ бэйэҥ оҥорбоккун быһыылаах дии, атын дьон төбөтүнэн оҥоһуллубут сымыйа үлэнэн кыттаары сылдьаҕын дуо? Уонна ол үлэҥ мээнэ куоҥкуруска эрэ кыттаары буолбакка, чахчы күннэтэ туһаныахтаах программан буолар, ону сатыыгын дуу? Аныгы үйэ ирдэбилинэн хас биирдии учуутал компьютеры толору баһылаан, араас программалары билэн-үөрэтэн, интернеттан элбэҕи билэн-көрөн уруогар туһаныахтаах. Уруккулуу учебнигынан эрэ туһаныы биллэн турар үөрэх хаачыстыбатыгар улахан охсуулаах буолар. Оҕолорбут инникилэрин, сайдыыларын туһунан толкуйдуохха наада. Онон компьютеры, интернеты толору баһылыыргар сүбэлиибин. Кыаллыбат буоллаҕына үлэҕиттэн баҕа өттүнэн уурайарын ордук буолуо. Саамай уопуттаах, аҕа саастаах бастыҥ учууталбыт да буолларгын хайыахпытый. Эдэрдэргэ суолу биэрэр да кэм кэллэҕэ дии, бэйэҥ да билэр инигин. Куоҥкуруска кытаатан үчүгэйдик кытын уонна толкуйдан. Бу чиэппэри түмүктээн баран кыһыҥҥы каникул кэннэ үлэлииргин эбэтэр тохтуургун быһаарына сырыт”, – Эльвира Семёновна кытаанах куолаһынан этиитин түмүктээтэ уонна “кэпсэтии манан бүтэр” диэбиттии телефонун үрдүгэр түстэ. Федора Петровна тугу да саҥарбакка завуч кабинетыттан тахсан барда. “Бу түгэни хаһан эрэ тиийэн кэлиэхтээх этэ диэммин куруук испэр саныы сылдьыбытым… олорбут олоҕум барыта оскуола эрэ эҥэр буолан хайдах да оскуолабыттан барарбын сатаан өйбөр батарбат курдукпун… Оскуоланан уһуктабын, оскуоланан күммүн түмүктүүбүн… Бу санаатахха, тус олохпун да оҥостуммакка аҥардас үлэбинэн эрэ аралдьыйан олорон кэлбит эбиппин… Билигин арай үлэбиттэн бардахпына салгыы хайдах тугу гынан күммүн бараан олорорум буолла… Кырдьык сааһырдым, ол эрэн оскуолабар сырыттахпына бэйэм сааспын олох билиммэппин эбээт… Үөрэтэр оҕолорбун бэйэм оҕолорум курдук таптыыбын. Кинилэр да миигин туора көрбөттөр, куруук убаастабыллаахтык сыһыаннаһаллар. Быһыыта, уруоктарбын да сирбэттэр, омук тылынан холкутук кэпсэтэр үөрэнээччилэр оскуолаҕа элбэхтэр, НПК-ларга да ситиһиибит баһаам. Онон син билиини биэрэр курдук эбиппин… Ол эрэн дьэ кырдьык аныгылыы тэтими ситиэ суохпун быһыылаах… Эльвира Семёновна бука Вариккатын туһугар кыһаллан эрдэҕэ… Мин бүтэр түгэммэр, арааһа, кинини киллэриэн баҕарар эбит. Эдэр киһи үлэтэ суох олороро куһаҕан буоллаҕа дии. Мин буоллар үлэлээн бүтэн сынньалаҥнык дьиэҕэ олорор кэмим кэллэҕэ… Чэ бээ, бириэмэ баар… сыыйа толкуйданар инибин. Билигин портфолиобын үчүгэйдик оҥорон бэйэбин түһэн биэримиэхпин наада”, – Федора Петровна бииртэн биир санааҕа куустаран дьиэтигэр кэлбитин билбэккэ да хаалла.
“Оҕолоор, болҕойуҥ эрэ”, – уһун перемена кэмигэр 11-с кылаас бастыҥ үөрэнээччитэ, староста Аня Готовцева кылааһын оҕолоругар туһаайан эттэ: “Учууталларбыт кэтэхтэн куоҥкуруска кыттаары түбүгүрэ сылдьалларын бары билэ-көрө сылдьабыт. Бу күннэргэ оскуола компьютернай кылааһыгар киэһээ хойукка диэри куруук баар буолаллар. Бары ситиһиилээхтик кытталлара буоллар олус да бэрт буолуо этэ дии. Оҕолоор, Федора Петровнабыт компьютеры үчүгэйдик сатаабат буолан ыарахаттары көрсө аҕай сылдьар быһыылаах. Ыйыттаҕына учууталлар ыйан-көмөлөһөн биэрэллэр эбит. Бары даҕаны Федора Петровнаны сөбүлүүбүт, убаастыыбыт дии, көмөлөһүөххэйиҥ диэн этиилээхпин”. Оҕолор Аня этиитигэр бары үөрүүнэн сөбүлэстилэр. Ол күн Федора Петровна 11 кылаастарга уруок ыыта киирбитигэр оҕолор ити быһаарыныыларын эттилэр. Учууталлара үөрэнээччилэрин үтүө санааларыттан олуһун үөрдэ, долгуйда, “үөрэххитигэр мэһэйдээбэт эрэ буоллаҕына” диэтэ. Оҕолор ким тугунан көмөлөһөрүн олус үчүгэйдик үллэстэн кэбистилэр. Федора Петровнаны кытары сүбэнэн ким эрэ тиэкис бэчээттээтэ, ким эрэ слайд, ким эрэ видеоматериал оҥордо, ким эрэ араас таблицалары, схемалары оҥорон бэрт судургутук барыта табыллан хаалла. Маны барытын директордара Жанна Георгиевна, атын учууталлар хайгыы кэтээн көрө сырыттылар. Эльвира Семёновна эмиэ иһигэр оҕолор учууталларыгар кыһамньыларын астына бэлиэтээтэ эрээри таһыгар ону биллэрбэтэ. Ахсынньы аам-даам тымныы күннэрэ бииртэн биир солбуллан ааһан истилэр, учууталлар куонкурустарын үлэтин ситэрэн-хоторон комиссияҕа ыыттылар. Түмүгэ кыһыҥҥы каникулга барыахтарын иннинэ биллиэхтээх. Оскуолаҕа иккис чиэппэри түмүктүүр зачеттар, экзаменнар саҕаланнылар. Хайа уонна саҥа дьыллааҕы тэрээһиннэр түбүктэрэ буоллаҕа.
“…Дьэ ити курдук биһиги оскуолабыт учууталлара бэйэлэрин идэлэрин толору баһылаан, иитэр-үөрэтэр үлэҕэ үрдүк көрдөрүүлээхтэрин өссө төгүл дакаастаатылар. Онон учууталларбар оскуолабыт аатын бастыҥнар кэккэлэригэр ааттаппыккытыгар улахан махталбын биллэрэбин! Туспа эҕэрдэбин уонна дириҥ махталбын коллективпыт саамай убаастанар учууталыгар Федора Петровнаҕа тиэрдэбин! Омук тылыгар үөрэтиигэ үгүс элбэх ситиһиибитинэн республика үрдүнэн биһиги оскуолабыт бастакы буолан таҕыста. Федора Петровна үлэтин оҥороругар көмөлөспүт бары учууталларга, үөрэнээччилэргэ махтал буоллун! Инникитин даҕаны бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөсүһэн оскуолабытыгар бииртэн-биир үтүө сонуннар кэлэн истиннэр, үөрэтии, бэрээдэк хаачыстыбата өссө тупсарыгар үөрэнээччилиин, учууталлыын бука бары кыһамньыбытын ууран үлэлиэххэйиҥ диэммин ыҥырабын!” – Жанна Георгиевна этиитин оҕолуун-учууталлыын бука бары ытыс тыаһынан бигэргэтэн биэрдилэр. Уопсай мунньах бүтэн бары өрө көтөҕүллүүлээхтик кылаастарынан саҥа дьылларын бэлэмигэр тарҕастылар. Оскуола иһэ оҕо-аймах көрдөөх күлүүтүнэн-үөрүүтүнэн туолла.
Көрүдүөргэ Эльвира Семеновна Федора Петровнаны утары көрүстэ, кабинетыгар ыҥырда. “Петровна, улахан эҕэрдэбин тиэрдэбин! Уонна хомоппуттаах буоллахпына бырастыы гынаргар көрдөһөбүн. Биир үчүгэй сонуннаахпын. Каникул кэмигэр компьютернай грамотнаска үөрэтэ студеннар кэлэр буоллулар. Онно эйиигин суруттардым. Олус үчүгэйдик, өйдөнүмтүөтүк үөрэтэллэр дииллэр. Уонна сайын ол үөрэхтэрин салгыыллар эбит. Онон каникулларгар сынньаммакка дьарыктанар буоллун дьэ”, – Эльвира Семеновна Федора Петровнаны санныттан кууһан күллэ-үөрдэ.
Үлэ киһитэ хаһан да туохтан да толлон турбат буоллаҕа. Чахчы бэйэтин дьыалатын ис-дьиҥин билэн-баһылаан сырыттаҕына туох барыта табыллан, бииртэн биир арыллан, кэҥээн, ситэн-силигилээн, аарыма мас курдук элбэх салааланан, силистэнэн, үйэлэргэ сµппэккэ силигилии туруо буоллаҕа. Үлэттэн дьолу булан, үлэнэн олорон, үлэттэн чиэстэнэн күннэтэ аайы сырдыкка-кэрэҕэ тардыһа турабыт. Үлэ барыта туһалаах, үлэ барыта бочуоттаах. “Үлэ – дьол аргыһа” диэн этиигэ толору сөбүлэһэн күннэтэ аайы сөбүлүүр идэбитинэн үлэлээн-хамсаан дойдубутугар бэйэбит кылааппытын киллэрэбит, олохпутун тупсарабыт, өйдүүн-санаалыын сайдабыт, инникибитин түстүүбүт. “Үлэ-олох ис хоһооно, үлэтэ суох-олох суох!”(С. Данилов)
…Федора Петровна түннүгүн аттыгар сылаас чэйин ыймахтаан ып-ыраас сырдык хаары одуулаан мичээрдии турда. Үлэ үөрүүтүнэн кынаттанан өссө биир үтүө күн үүннэ!